Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун тутарга диэри -50 кыраадыһын тутан турааччы. Ону халлаан буккуллубут эрэ диэн кэбиһэбит, ол гынан баран, улахан буккуллуу сир анныгар буола турарын сорохтор түһээн да баттаппаппыт.
Соторутааҕыта Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар “Илин эҥэргэ ирбэт тоҥ ландшафтарыгар килиимэт сылыйыытын дьайыыта” кинигэни билиһиннэрии буолбута. Балачча элбэх киһи кэлэн, кинигэ таһаарыытыгар үлэлэспит учуонайдарга: географическай билим дуоктара Александр Федоровка, биологическай билим дуоктара Роман Десяткиҥҥа, тиэхиньиичэскэй билим хандьыдаата Артем Набережнайга дьаахханар ыйытыыларын биэрбиттэрэ, салгыы хайдах тугу гынар наадатын кэпсэппиттэрэ. Кэпсэтиини истэ олорон мин эмиэ ытырыктатыах санаам киирэн, П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥ институтун дириэктэрин билимҥэ солбуйааччыта Александр Федоровтыын бу кыһалҕа тула кэпсэттибит.
Кэпсэтиибитин быйылгы кыһын сылаас турарыттан, ол ирбэт тоҥҥо тугунан дьайыан сөбүттэн саҕалаатыбыт. “Ирбэт тоҥ, этиллэрин курдук, куруук тоҥ туруохтаах, оттон ол ылыахтаах тымныытын ситэри ылбатаҕына, сайын сылаас түргэнник өтөн киирэр буоллаҕа, оччоҕуна “доруобуйата” мөлтөөн барар”, – диэн судургутук быһаарар Александр Николаевич. – Онон сылаас кыһын дьоҥҥо үчүгэйин аанньа, ирбэт тоҥҥо туох да үчүгэйэ суох. Айылҕаҕа туох барыта хатылаһан кэлэ турар идэлээх, холобур килиимэт циклэ. Сороҕо 3 сыллаах, сороҕо 7, 11, 33 сыллаахтар. Ол гынан баран, 1988 сылтан сылыйыы өттүгэр кэлтэй баран хаалла. Ити хамсааһын – “сдвиг” диэн өйдөбүллээх. Боростуойдук быһаардахха, итии салгын үөһэ иккис этээскэ, оттон салгыы үһүс этээскэ ааһа турар диэн этиэххэ сөп, иккис этээһинэн тохтоон хаалбат. Билигин килиимэт уруккутунан турара эбитэ буолла, ахсынньыга -60 кыраадыс түптэлэнэ туруохтаах, Дьокуускай орто температурата -10 кыраадыс буолуохтаах этэ. Билигин орто кыраадыспыт -7 кыраадыс буолан турар. Ол аата Ленскэй, Өлүөхүмэ кыһына биһиэхэ тиийэн кэллэ. Ити улуустарга, холобур Ленскэйгэ сирин 10-15 бырыһыана эрэ ирбэт тоҥноох. Сирин буора Киин Арассыыйа курдук кыһын эрэ тоҥор. Дьэ ол килиимэт кэлэн, биһиги ирбэт тоҥноох сирдэрбитин буккуйан эрэр”.
ХХ үйэ 80-с сылларыгар ойууру солоон, сири тиэрэн, бааһыналарга бэйэ бурдугун үүннэрии хампаанньата саҕаламмыта. Оччолорго баартыйа “Даешь!” диэтэ да оҥоһуллар буоллаҕа, кэлин ол туох соттуктаах буолан тахсыаҕын ким да толкуйдаабатах. Билигин ити бааһыналарга ким да бурдук ыспат, быраҕыллан сыталлар. Эбиитин күн дьөлө көрөн, сир аннынааҕы мууһу ириэрэн, бүтүннүү быллаар сиргэ кубулутта. Аны ити бырассыас ойуурга саҕаланна, ол түмүгэр тыаҕа дьөлө түһүүлэр, аҥхайдар сылтан сыл элбээн иһэллэр. Итинник цикллэр былыр 10 тыһ. сыл иһигэр, голоцен диэн билиҥҥи быыһык кэм саҕана, хаста да буолан ааспыттар. Сир аннынааҕы муус ирэн, билиҥҥи алаастар үөскээбиттэр. Биһиги кэммитигэр ити процесс хайдах бара турарый?
“1980-с сылларга илин эҥээр улуустарга, Дьокуускай куорат таһынан сир кыра-кыралаан дьөлө түһэрэ көстүбүтэ, – диир учуонай. – 90-с сыллартан быллаардар көстөн барбыттара. 2000-с сылларга алаас үрдүнээҕи ойуура суох сирдэр бары быллаар буолбуттара. Быллаар алаас үөскээһинин бастакы көрүҥэ. Салгыы быллаардарбыт дүөдэҕэ, оттон тыымпыга кубулуйаллар. Итинник мууһун барытын ириэрэн баран, устунан уолан алааска кубулуйуохтаах”.
Ол голоцен сылыйыыта эргийэн кэлиитэ биһиги олохпутугар тугунан дьааһыйан тахсыаҕын билиҥҥитэ ким да билбэт.
“Ити сылыйыы үргүлдьү бара туруо эбэтэр тохтуо диэн билиҥҥитэ ким да этэр кыаҕа суох. Климатология учуонайдара температура үрдээн бара турар түгэнигэр 4 кыраадыстан 8 кыраадыска диэри бара туруо диэн сабаҕалыыллар, – диир Александр Николаевич. – Сылыйыы итинник тэтиминэн бардаҕына, 2050 сылга диэри үгүс сир мууһа ууллан күөл-маар буолар кутталлаах. Саамай куһаҕан сценарийын эттэххэ, көнө сирдэрбит Арҕаа Сибиир сирин курдук оборчоҕо кубулуйуохтара. Сыырдаах сирдэр арыый тулуктаһан хаалыахтара. Суол эҥин барыта алдьанар”.
“Бу маннык бырассыас буола турар диэн научнай үлэлэрбитигэр этэ сатыыбыт да, ким да кумаардаан көрбөт, – диир Александр Николаевич. – Бүтүннүү алдьана турар сирдэргэ олохтоох дьаһалталар сири биэрэ, түҥэтэ олороллор. Муус ирэн, сирдэрэ хамсаан, биир ыаллар оһохторун турар сирин хаста да уларыппыттарын билэбин. Аны дьиэлэр фундаменнара түһэр. Ити илин эҥээргэ эрэ буолбатах, Бүлүү умнаһын улуустарыгар, хоту кытта баар буолан эрэр көстүү. Онон хайдах гынан, дьаһанан бу тирээн иһэр ыарахаттары туоруубут диэн өй-санаа баар буолуохтаах. Биһиги син биир мантан ханна да барбаппыт, төрөөбүт-үөскээбит дойдубут буоллаҕа. Бэйэбит үрдүбүтүнэн ааһар бырассыас, онон улахан охсууну ылбат курдук эрдэттэн бэлэмнээх буолуохпутун наада”.
Александр Николаевич муус ириититтэн дьиэ олоҕо хамсыырын айылҕа иэдээнигэр – “катастрофический природный процесс” диэҥҥэ тэҥниэххэ диэн этэр. Халаан уутуттан, ойуур баһаарыттан дьиэлэрэ алдьаммыт, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо харчы көрүллэр, страховка да баар. Оттон сир хамсаан, дьиэ фундамена айгырааһына син биир айылҕа иэдээнигэр тэҥнэниэхтээх. Эппиккэ дылы, ыал дьиэтэ суох хаалар, онно туох да көмө судаарыстыбаттан көрүллүбэт. Онон ирбэт тоҥ зонатыгар олорор дьоҥҥо итинник көмө баар буолуохтааҕын салалта туруорсуохтаах.
“Маннык сирдэр бааллар, көрдөөтөххө өссө элбэх буолуохтара, – диир учуонай. – Дьөлө түһүү адьас ыга анньан кэллэҕинэ, сүүрэкэлии сылдьыбат курдук оннук сирдэри булан, саҥа бөһүөлэктэри онно тута, тыа хаһаайыстыбатын, сүөһү иитэр баазалары онно көһөртүү туруохха наада. Үчүгэй сирдэр өрүстэр тардыыларынан, кытыыларынан, Өлүөнэ-Бүлүү чиҥ хапталыгар (плато) Горнай улууһугар, Майа–Бэстээх икки ардыгар элбэхтэр. Чурапчы сэлиэнньэтиттэн баара-суоҕа 15 км сиргэ чиҥ кумахтаах сир эмиэ баар. Алаас анныгар муус суох, онон алаастарга уу ылбат сиригэр сыбаайаҕа турар хастыы да этээстээх дьиэлэри тутан, дьону онно көһөрөр барыйаан эмиэ баар. Халдьаайыттан түһэр уу алааска киирбэтин курдук туора ыытар систиэмэни толкуйдуохха. Адаптация диэн өйдөбүл баар, киһи тулалыыр эйгэтигэр сөп түбэһэн олоруута. Онон хайдахтаах да ыарахан балаһыанньалар буолар түгэннэригэр бэйэбитин көрүнэн олоруохтаахпыт”.
Дьокуускай анныгар муус суоҕун истэн уоскуйа быһыытыйдым. Муус кыырпахтаах тоҥ кумах сытар эбит, ол хайа да бетоннааҕар кытаанах, чиҥ буолар. Ол гынан баран, били куһаҕан сценарийдыы эттэххэ, тоҥ кумахха сылаас уу, салгын өтөн киирэн, муус кыырпахтарын ириэрэн, сыбаайаны хамсатар куттала баар. Билим сурунаалларыгар манна сөптөөх омук тылынан суруллубут ыстатыйалар бааллар, диир учуонай. Олору интэриэһиргиир олохтоох дьон, тутааччылар уонна эппиэттээх үлэһиттэр булан ааҕыахтарын наада. Хата үчүгэйэ диэн, мыраан үрдүгэр мууһа кыра, суоҕун кэриэтэ. Онон кыһыммыт сылыйбыта үчүгэйиин диибит да, кэтэҕэр саһа сытар иэдээнэ улахан эбит.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…
Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…