“Көөчөөн көрө” норуодунай тыйаатыр сонуннара. Быйылгы үлэ сезонун таһаарыылаахтык аһан, “Көөчөөннөр” Д.Ф.Ходулов иһинэн ыытыллар бары субуотунньуктарга, ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан кэллибит.
Сүрүн үлэбитинэн биирдиилээн саҥа сыаҥкалары бэлэмнээн, алтынньы ыйтан гастролларбытын саҕалаабыппыт. Ол курдук, Тумул, Бороҕон нэһилиэктэригэр көрдөрөн баран, алтынньы 19 күнүгэр А.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Горнай Мытааҕыттан “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү бөлөҕүн кытта холбоһуктаах доҕордуу кэнсиэрпит көрөөччүлэр дохсун ытыстарын доҕуһуолунан, үрдүк таһымҥа ааспыта. Сэтинньи ый 15, 16,17 күннэригэр «Күһүн дуу, кыһын дуу? Ээдьэ, көр» дьиибэлээх-дьээбэлээх бырагыраамабытынан Амма улууһугар, Бүтэйдээххэ, Мээндигигэ көрдөрдүбүт. Улууска бэйэтигэр 180-ча көрөөччү кэлэн сааланы биир гына мустан үөрүү аргыстаах дьоро киэһэ ааспыта.
Сэтинньи ый 23 – 30 күннэригэр Горнай Күөрэлээҕиттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүү күндү көрөөччүлэригэр ыалдьыттаатыбыт: 23/11 — Күөрэлээх Горнай; 24/11 – Үөдүгэй; 25/11 – Дүллүкү; 26/11 – Далыр; 27/11 – Маҥаас; 27/11 – Ботулу; 28/11 – Өргүөт; 29/11 – Ороһу; 29/11 – Тамалакан; 30/11 — Кэптин Горнай.
Ханна да тиийдэрбит дьон-сэргэ итии чэйдээх, баай-талым сандалылаах, олус үөрэ көрсөллөрө күүскэ-күүс, сэниэҕэ сэниэ эбэр. Хонук сирбитин, массыына гараһын булан-талан мааныга-далбарга сырытыннардылар. Дьиибэлээх-дьээбэлээх кэнсиэрпитигэр төһө да ахсааммыт аҕыйах буоллар, көрөөччүнү күүттэрбэккэ, кыра да тохтобула суох бииртэн биир көрдөөх нүөмэрдэр таҕыстар тахсан истилэр. Өр сылларга көрү көҕүлүттэн тутан көрөөччү кутун туппут Анна Охлопковаттан, Афанасий Андреевтан ураты саҥа оонньуур артыыстар Улмас Федоров, Сардана Габышева, Изабелла Слепцова, Октябрина Варламова оонньоон күндү көрөөччүлэрбит “быара суох бардылар”. Репертуарга саҥа сыанкалар: “Пааркаҕа”, “Чыпчаал”, “Суд уурааҕа”, “Күтүөт”, “Роддомҥа” уо.д.а. Аркадий Новиков биһирэммит сыаҥкалара: “Бар бардым”, “Репортер”, “Ийээ, мин таптаатым” у.д.а. сыаҥкаларга артыыстар көрү-көҕүлүттэн тутан импровизацияннан оонньууллара дьиибэ-дьээбэ чыпчаалыгар тиэрдэр. Клоунада жанрыгар сөбүлэппит артыыс Афанасий Андреев дьээбэлээх фокуһун көрөөччүлэр үөрэ сэргии ылыннылар.
Артыыстарга дьон-норуот күлбүт-үөрбүт хараҕыттан, истиҥ мичээриттэн ордук туох кэлиэй? Кэнсиэрпитин бүүс бүтүннүү көрбүт көрөөччүбүт истиҥ тылларынан ахтан алҕыы хаалла: “Бүгүн, а.э. сэтинньи 29 күнүгэр Тамалакаан сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр Майатааҕы «Көөчөөн Көрө» Аркадий Новиков народнай тыйаатырын артыыстара көр-күлүү биэчэрин бэлэх ууннулар. Кэнсиэри көрө кэлбит көрөөччүлэр дэлби күлэн-салан, олохторун уһатан, олуһун диэн астынан, дьоллонон дьиэлээтилэр. Ыраах сиртэн дьону сэргэхситэ, үөрдэ-көтүтэ кэлбит күндү-мааны ыалдьыттарбытыгар истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Өрүүтүн толору зааллаах, уҕараабат ытыс тыастаах, элбэх көрөөччүлээх буолуҥ. Үгүс түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктээх буоллун диэн баҕа санаабытын этэбит! Тамалакаантан Ян Ильин.”
Аҕыс күннээх, сорох күҥҥэ иккилии нэһилиэккэ кэнсиэртээх, сындалҕаннаах айан кэннэ Дьоллоох Дьокуускай туонатыгар үктэнээт, ол киэһэ, Сэргэлээх уоттара култуура кииҥҥэ ахсынньы 1 күнүгэр, өссө икки кэнсиэргэ, “Күлэр күн” көр күлүү киэһэтигэр кыттыыны ыллыбыт. Бу киэһэни Мото Куо уонна Дмитрий Баишев салайан, иилээн-саҕалаан ыыттылар. Көр күлүү «королевата” Валентина Чиркова, Александр Бурнашев, Көөчөөннөр, Зина, Леха, Дьиикимдэ дьээбэлэрэ, Быара суохтар кыттыылаах биир олус үчүгэй көр киэһэтэ ааста. Икки кэнсиэрт тухары дьон тоҕуоруһа мустубут. Кэнсиэрт кэннэ көрөөччүлэрбит хаартыскаҕа түһүөххэ диэн өргө диэри ыыппакка туппуттара бэйэтэ туспа сүрэҕи үөрүүнэн саҕар, киһини дьоллуур түгэн. Оннооҕор кыра оҕо хараҕар хаалар, кэрэ өйдөбүлү саҕар эбиппит. Дьокуускай куоракка кэнсиэрпит кэннэ 4 саастаах кырачаан киһи ыйытар уонна этэр: “түөрт саас кэннэ хас саастаах буолабыный? онтон биэс саас кэнниттэн? Оччоҕо мин улааттахпына эһиги курдук сыанаҕа оонньуоҕум. Эһиги наһаа үчүгэйдик оонньуугут дии”-диэн чуопчаара турара сүрэҕи-быары сылаанньытар, сүргэни көтөҕөр дьол эбээт. Ол аата тыыннаах холобур буолар үчүгэй да үлэлээх эбиппит диэн киһи киэн тутта сананар.
Ити курдук дьон-норуот, үүнэр көлүөнэ өйүгэр, санаатыгар үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларан Мэҥэ-Хаҥаласпыт аатын ааттатан, холобур буолан, дьоҥҥо дьолу, үөрүүнү бэлэхтээн дойдубутугар үөрэ-көтө эргилиннибит.
Түгэнинэн туһанан “Көөчөөн көрө” норуодунай тыйаатыр күндү көрөөччүлэрин ахсынньы ый 7 күнүгэр Д.Ф.Ходулов аатынан тыйаатырга “Күһүн дуу, кыһын дуу? Ээдьэ, көр» дьиибэлээх-дьээбэлээх киэһэҕэ ыҥырар.
Сардана Алексеева,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, “Көөчөөн көрө” мини-тыйаатыр артыыската
Дьокуускай к. борокуратуурата исписэлиистэри илдьэ " SD. Новости Якутии" телеграм-ханаал иһитиннэриитинэн бэрэбиэркэ оҥордо. Иһитиннэриигэ куорат…
Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ. 1 ыстакаан -- 240 мл.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…