Кыһын хаһыстан саҕаланар?

Share

“Бүгүн — Бокуруоп”, “кыһын саҕаланна” диэн этиини бүгүн элбэхтэ истэн, ааҕан эрдэххит. Кыһын Бокуруоптан саҕаланар диибит эрээри, сорохтор ити этиини кытта сөпсөспөттөр. Тоҕо?

Былыр, аныгы курдук истиэнэҕэ ыйаан турар чыыһылынньык, оннооҕор буолуох төлөпүөҥҥэ халандаар диэн суох буоллаҕа. Ол иһин өбүгэлэрбит күн-дьыл эргиирин айылҕа хаамыытынан кэтээн көрөн быһаараллара чахчы. Ол эбэтэр кыһыны хас даҕаны кэрчиккэ араараллар. “Саха төрүт культурата” кинигэҕэ: “Кыһыҥҥы кэм барыта 146 хонук, сахаларга үс кэрдиискэ арахсар.

  1. Кыһын саҕаланыыта 56 күн. Алтынньы 22 күнүттэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри, күөл туруоҕуттан күн кылгыыра тохтуор диэри кэм. Ити кэмҥэ чыыр, муксуун, бил балык ыыр.
  2. Кыһын оройо 43 күн. Ахсынньы 19 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэри, кыстык кэм аҥаара.
  3. Тымныы муоһун тостуута 46 күн. Олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр диэри. Күн ортото дьиэ сарайыттан хаар уута ирэн муус чопчу үөскүөр диэри кэм”, — диэн суруллар. Ити – бииринэн.

Иккиһинэн, Бокуруоп, православнай таҥара итэҕэлин күнэ диэн соччо-бачча ылыммат курдуктар. Онон сорохтор кыһыны алтынньы 14 күнүттэн, атыттар алтынньы 22 күнүттэн саҕаланар дииллэр. Били, кулун тутар 1 күнүттэн саас кэллэ диэн дьон халыҥ таҥаһын устан сыыстарарын кэриэтэ.

Аны кыһыҥҥы билгэлэри ылан көрүөҕүҥ:

— хаар халыҥнык түстэҕинэ, ичигэс дьыл,

— хаардаах дьыл дьүкээбил уота аҕыйахта оонньуур. Чараас хаардаах дьыл кыһына тымныы,

— былыт кыыстаҕына тыал, буурҕа түһэр. Халлаан былытыраары гыннаҕына, илинтэн тыалырар,

— кыһын ичигэс кэлээри гыннаҕына, сулустар кыратыйан көстөллөр. Улахан тымныы түһэригэр киһи тыына сырдыргыыр,

— кыһын саҥа ый сытыары таҕыстаҕына, ичигэс сымнаҕас ый, туруору таҕыстаҕына тыаллаах тымныы ый буолар,

— ичигэс кэлэригэр кыһыҥҥы түүн үргэл өлбөөрөн көстөр,

— кыһын былыттар тыалы утары устар буоллахтарына, соторунан хаар түһэрин бэлиэтэ,

— кыһын туман сиргэ тэлгэннэҕинэ, сотору кэминэн сылыйар, оттон үөһэ көттөҕүнэ – тымныйар,

— кыһын халлааҥҥа кубалаҥ былыттар көһүннэхтэринэ, халлаан тымныйар,

— тииҥ уйатын мас аллараа өттүгэр туттубут буоллаҕына, тымныы кыһын, үөһэ өттүгэр тутуннаҕына – ичигэс кыһын,

— уһун, улахан тымныы түһэригэр дьиэ тыаһыыр, дэлбэритэ барар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

37 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

5 часов ago