Салгыы
Кыһын кэллэ: саҥа этэрбэс — 60 тыһ. солк.

Кыһын кэллэ: саҥа этэрбэс — 60 тыһ. солк.

03.11.2024, 14:55
Түү киллэһик оһуордаах ааптарыскай этэрбэстэр. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Халандаардаах кыһын ханна барыай, ким хайа иннинэ биһигини ааттаан-суоллаан, айаатаан кэлэр. Онон тоҥмот-хаппат туһугар ичигэс таҥаспытын көрүнэ оҕустахпытына сатанар.

Биһиги кыһыны туоруур таҥаспыт ахсаана, сыаната кэпсэлгэ сылдьар. Онон элбэҕи таарыйбакка биир саамай наадалааҕы — унтуу сыанатын көрүөххэ.

Дьокуускайга билигин унтууну элбэх сиргэ атыылыыллар, оннооҕор кытай норуота бу ырыынагы баһылаабыта ыраатта.

“Сардаанаҕа”

“Сардаана” баабырыка унтууларын ким эрэ хайгыыр, ким эрэ сирэр. Ол да буоллар, үгүспүт син биир мантан көрөн саҕалыыр. Атыыга барыта быйыл тикпит этэрбэстэрэ турар дииллэр.

Эр киһи саахымат ойуулаах унтуута 52500 солк. турар, илиинэн тикпит буоланнар дэҥҥэ киирэр эбит. 40–41 размердаахтар хайыы үйэ бүппүттэр, 43, 43,5 размердаахтар хаалан тураллар. Кылгас бачыыҥкалар 35–39 тыһ. тураллар, 40 размертан саҕалаан бааллар, кыра размердар эмиэ бүтэн эрэллэр.

Оҕо киэннэрэ 18 тыһ. солк. тураллар, 28 размердаахтар. 30‑тан үөһэ размер турбат, киирдэ да ыла тураллар эбит.

Дьахтар унтуутугар саамай чэпчэки сыана 39 тыһ. солк., уу харчынан төлөөтөххө, 1 тыһ. солк. чэпчэтии көрүллэр.

Классическай унтууларга 1 тыһ солк. чэпчэтии көрүллэр.

Саамай-саамай сыаналаах унтуу — икки уларытар билэлээх “Абакаяда” диэн модель — 52500 солк. Классическай унтуулар, ортотунан, 39–42 тыһ. солк. халбаҥныыллар. “Корона” диэн ботфорт унтуулар 48 тыһ. солк. тураллар.

Кырыллыбыт нуоркаттан тикпит 39 тыһ. солк. соҕотох унтуу ордон турар, былырыын эдэр кыргыттар элбэхтик ылбыттар.

Билигин кыыс да, уол да синтепон ыстаан иһинэн кэтиллэр кылгас остоох, замоктаах унтууга наадыйаллар. Онон “Сардаана” кинилэргэ анаан кылгас остоох саҥа моделлары бу күһүн таһаарбыт. Сыаната 31 тыһ. солк., кэннэ элэйбэтин диэн тирии киллэһиктээх, иһэ сукуна, син биир унтуу курдук, түгэҕэ боолдьох, улларыы туох да килиэйэ суох. Бу саҥа унтууларга туох да чэпчэтии суох, тоҕо диэтэххэ, эмиэ ыла тураллар.

Таба тыһыттан тикпит бачыыҥкалара бааллар эбит, 25500 солк. Ону таһынан, эдэр кыргыттарга сөптөөх “Сайаана” диэн модель баар, ватнигы кытта кэтэргэ аналлаах буолан оһо киэҥ, анньынныҥ да бара тураҕын. Нуорка буодьулааҕа ордук киэргэтэр эбит, 41 тыһ. солк.

Иккис этээскэ ойуулаахоһуордаах сарыы унтуулар 6500 солк. сыананан тураллар, тоҕо эрэ сыанатын үрдэтэ иликтэр дэһэллэр атыыһыттар. Сарыы бачыыҥкалар сыаналара 7600 солк., 6500 солк.

Оҕо этэрбэһэ дьас аччыгыйтан саҕалаан бааллар. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Эбэн эттэххэ

“Сардаана” баабырыка унтуутун 1 сезон иһигэр алдьаннаҕына, босхо оҥорон биэрэр. Оттон болдьохтон тахсыбыттары чиэк сүппүт да буоллаҕына, маастардар билэр буолан, реставрацияҕа ылаллар, хайдах туга алдьаммытынан көрөн сыанатын этэллэр. Уонча сыллааҕыны, киһи илиитин уйбат буолбуту, биллэн турар, ылбаттар.

Унтууну, саҕынньаҕы сайыҥҥы өттүгэр харайар сирдээхтэр.

Тыс барыта Коми Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлэр эбит. Бачча элбэх унтууну хааччыйар таба биһиэхэ ССРС саҕаттан суох. Унтууларын манна баабырыкаҕа тигэллэр.

Дьон баҕатынан “Сардаана” баабырыка кыраасканы туһанар буолбут, урукку мөлтөх хаачыстыбалаах кырааска баран, кытаран хааларын иһин, дьон ылбат буола сылдьыбыт. Билигин омук кырааскаларын туһаналлар, онон натуральнайтан туох да атына суох. “Саамай үчүгэйэ диэн, кырааската барбат, бэйэбит үлэһиттэрбит кэтэн сылдьалларын кэтээн көрөбүт, кытарбат да, сырдаабат да, туртайбат да”, — диэн кэпсээтэ консультант-атыыһыт Андрей Тимофеев.

“Унты здесь”

“Манньыаттаах” ырыынакка “Унты здесь” диэн маҕаһыын үлэлиир. “Биһиги 20‑тэн тахса сыл үлэлээтибит, саха маастардара тигэр унтууларын эрэ атыылыыбыт. Кырааската суох, дьиҥнээх таба тыһынан, маастардар бэйэлэрэ тикпит билэлэрин тигэллэр. 30 күн иһигэр кэтиллибэтэх буоллаҕына, уларытыахха, 14 күн иһигэр төннөрүөххэ сөп. Ити быыһыгар гарантиятын 2 сылы биэрэбит”,  — дэһэллэр атыыһыттар.

Манна эмиэ унтуу арааһа турар. Оҕо унтуута 10–12 тыһ. солк., адьас аччыгыйтан саҕалаан бааллар. Дьахтар классическай унтуута 35 тыһыынчаттан саҕалаан 50 тыһыынчаҕа тиийэ баар. Түү киллэһик оһуордаах авторскай унтуулар, ботфорт 60 тыһ. солкуобайдар. Үрүмэччи билэлээх унтуу, холобур, 50 тыһ. солк. турар. Комбинезоны кытта кэтэргэ аналлаах кылгас остоохтор 25 тыһ. солк. Эр дьон бачыыҥкалара 30 тыһ. солк. тахсалар.

“Билигин сезон саҕалана илигинэ классическай дьахтар унтуутугар 5 тыһ. солк., ботфортка 3 тыһ. солк. чэпчэтиилэри оҥоробут”, — дииллэр үлэһиттэр.

Унтууну сыл аайы уларыппаккын, онон наада буоллаҕына эрэ өйдүү түһэҕин. Сыана сорох маҕаһыыннарга 60 тыһ. солк. тахсыбыта балачча буолла. Сүрүнэ, атах тоҥмотун курдук хаачыстыбалааҕы, өр сылларга кэтэри ааҕынан-суоттанан ылыахха наада.

САНААЛАР

Альбина В., куорат олохтооҕо:

— Эрдэ маҕаһыыннары кэрийбэккэбин диэн кэмсинэ олоробун. Кыыспар бэйэм эргэрбит унтуубун биэрбитим син хас да сыл буолла, быйыл онон-манан көтүллүбүтүн көрөн, өмүрэх курдук атах таҥаһын оҥорооччуга илдьибиппин 8 тыһ. солк. өрөмүөннээтэ. Алдьаммытын барытын тиктим диэн таҥараҕа эрэ үҥпэт, ону дьэ кыһын эрэ билиэ турдаҕа. Эрдэ билбитим буоллар, эдэр оҕоҕо комбинезоны кытта кэтэр орто остоох унтууну ылан биэриэм хаалбыт. 30‑ча тыһыынчаҕа бааллар дии. Ол 8 тыһ. солк. өрөмүөннэппит унтуум кыстатар эрэ, суох эрэ.

Уйбаан, атыылаһааччы:

— Маҕаһыыны мээнэ кэрийбэт буолан, атах таҥаһыгар эрэйдэнэбин, наар улахан эбэтэр кыра размер хаалбыт буолар. Арай бу сөптөөх таба бачыыҥкатын дьэ буллум. Эмиэ соҕотох хаалбыт. Хата дьэ бэрт, астынным. Сибилигин 30‑тан тахса тыһ. солк. ууран биэрэр кыаҕым суох, онон 6 ый устата төлүүргэ бааҥҥа иэс оҥортордум. Аҕыйахта төлөөн баран, соһо сылдьыбакка сабан кэбиһиллиэ буоллаҕа дии.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: