“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл далааһына киэҥ
“Норуот үгэстэрин уонна оҥоһуктарын тарҕатыыга бастыҥ туристическай тэрээһин” хайысхаҕа национальнай Russian Event Awards норуоттар икки ардыларынааҕы бириэмийэнэн бэлиэтэммит “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ түмүктэннэ.
Бу күннэргэ кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн бэрт үгүс тэрээһин ыытылынна. Ол курдук, үгэс быһыытынан Саха сирин “моржтара” Өлүөнэ Эбэҕэ сөтүөлээтилэр, оҕолор “Бриллиантовые нотки” ырыа уонна үҥкүү куонкуруһугар күрэстэстилэр, эрэстэрээн асчыттара саха амтаннаах аһынан күндүлээтилэр, балыгы кыһааччылар “Өрөгөй” спортивнай кииҥҥэ үгүс көрөөччүнү түмтүлэр, маастардар хаар уонна муус оҥоһуктарга күрэстэстилэр, Саха сирин күндү киэргэллэрэ быыстапкаҕа турдулар.
Муус уонна хаар оҥоһуктарга эмиэ сонун сүүрээн үгүс.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу тэрээһиннэртэн туох эрэ сонун сүүрээн саҕыллан, сыыйа салгыы сайдар кэскиллэнэр. Ол курдук, быйылгыттан ыла “Саха сирин амтана” бэстибээл чэрчитинэн саха аһын дойду таһымыгар сырдатар, тарҕатар бренд-асчыт Николай Атласов Оҕо Арктическай ас астыыр оскуолатын аһан үлэлэттэ. Эмиэ кини салайыытынан биэс эрэстэрээн бастыҥ шеф-асчыттара “Үс кут” түмсүүнү тэрийэн, киин куоракка гастролабораториялары аһан үлэлэтэн эрэллэр. Кинилэр манна саха төрүт аһын астыырга устудьуоннары, эрэстэрээннэр шеф-асчыттарын үөрэтэллэр. Биллэн турар, бу “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээлтэн саҕыллыбыт бырайыактар олоххо киириилэрэ буолар.
Оттон муус уонна хаар оҥоһуктарга эмиэ сонун сүүрээн үгүс. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, быйыл дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн араас омук ааттаах-суоллаах дьоно буоллулар. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн муус оҥоһуктар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын 12 төгүллээх кыайыылааҕа, муус скульптураҕа аан дойду түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, кумах скульптуратын норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын аан дойдутааҕы чөмпүйүөнэ уонна кыайыылааҕа, Москва худуоһунньуктарын ассоциациятын чилиэнэ, скульптор, худуоһунньук Сергей Целебровскай, чилиэннэринэн: Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйлунцзян провинциятыгар муус уонна хаар ойуутун маастара, Харбин технологическай институтун архитектура уонна дизайн хаапыдыратын преподавателэ Ван Хайфэн, Красноярскай, Архангельскай, Кировскай куораттарга хаар уонна муус скульптураларын норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэрин уонна куонкурустарын кыайыылааҕа, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын сойууһун Актюбинскай филиалын бэрэссэдээтэлэ, Актюбинскайдааҕы художественнай түмэл дириэктэрэ Марат Габдрахманов, “Кыһын “Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл тэрийэр кэмитиэтин салайааччы, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Дорожкин, СӨ Национальнай художественнай түмэлин муоһунан кыһыы реставратор-худуоһунньуга Айсен Павлов хаар-муус оҥоһуктары дьүүллээбиттэрин кыттааччылар олус сэргии ылыннылар.
Бэстибээл сүрүн түгэннэриттэн хаартысканан кэпсиибит.
САНАА
Николай Сарычев, Chefs Team Russia асчыттар уопсастыбаларын бэрэсидьиэнэ:
– Мин Саха сиригэр алтыһын кэллим. «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэҕэ үһүс кыттыым. Онон саха аһын өрүү амсайабын. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, асчыттар ”Индигииркэ” салаат көрүҥүн сайыннаран иһэллэрин бэлиэтии көрдүм. Ол курдук, “баай амтан»: соя, терияки тумалар, пармезан сыыр “кыттыһар” буолбуттар. Эспэримиэн, биллэн турар, сайдыы суола. Урукку өттүгэр астарыгар тууһа аҕыйаҕын бэлиэтиир этим. Быйыл ол ханан да суох – ас амтаны тупсарар туус бары аска толору баар. Убаһа быарыттан аһы Арассыыйа олохтооҕун үгүс өттө өйдүүрэ саарбах. Ол эрээри асчыт уолаттар итини учуоттаан, убаһа этиттэн саҕалаан ис буотарагар тиийэ киһини кэрэхсэтэр бүлүүдэлэри толкуйдууллара үөртэ. Арассыыйа шеф-асчыттара саха аһын амтаныттан балык аһы ордук болҕомтоҕо ылан, бэйэлэрин дойдуларыгар астыылларыгар эрэнэбин. Интэриэс улахан, онон “Индигииркэ” дойду эрэстэрээннэригэр баар буолуоҕар саарбахтаабаппын. Биир бэйэм бу бүлүүдэни менюга киллэрэр толкуйдаахпын.
ХААРТЫСКАҔА ЕЛЕНА ПОТОЦКАЯ
ТҮҺЭРИИЛЭРЭ.
МУУС ОҤОҺУКТАР ХААРТЫСКАЛАРА
УОННА ВИДЕО – ИОН ИВАНОВ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: