“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл оҕолорго ананыаҕа
Саха сиригэр үгэс быһыытынан ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл өрөспүүбүлүкэ «визитнэй карточкатынан» буолла.
11-с төгүлүн ыытыллар тэрээһин быйыл сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри буолуоҕа. Быйылгы Саҥа дьыллааҕы бэстибээл ыытыллар пуормата уларыйан, оҕолорго ананна. Бу туһунан СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биллэн турар, күүтүүлээх Саҥа дьыл бырааһынньыгын үөрүүлээх салгынын аҕалар күөх Харыйа уотун уматыы сиэрэ-туома үгэс быһыытынан куорат киин болуоссаттарыгар ыытыллыаҕа. 5-12 саастаах кыргыттарга анаммыт «Хаарчаана» куонкурус, «Бриллиантовые нотки» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо талаанын арыйар бэстибээл, «Кыһыммыт бэлэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар оҕо кэлэктииптэрин вокальнай куонукурустара буолуохтара. Дьокуускай куоракка «Серебряные коньки» фигурнай хаҥкылааһын, Саха цииркэтигэр «Алые паруса» цирковой көстүү, «Бал снежной долины» ааптарыскай куукула куонкуруһа, саха киинэтин көрдөрүү курдук оҕолорго анаммыт тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Маны таһынан, үгэс быһыытынан Өймөкөөн улууһун Томторуттан куйаар ситиминэн Эбэ Хайатын хаспаҕыттан Тымныы хаһаайына Чысхаан Саха сирин Тымныытын таһааран дойду үрдүнэн тарҕатар сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Муустаах ууга сөтүөлээһин, «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл эмиэ былааҥҥа бааллар.
Дойду таһымыгар ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ «Туймаада Ыһыаҕа» национальнай бырааһынньык курдук өрөспүүбүлүкэҕэ событийнай туризм бастыҥ тэрээһининэн буолар.
Хаартыска — СИА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: