Салгыы
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

18.11.2024, 19:40
Хаартыска: Туризм ааҕыныстыбатын телелеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Быйыл үгэс быһыытынан «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ.

Ол курдук, үгэскэ кубулуйбут дойдуга Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун Саха сирин киин болуоссаттара бастакынан уматан күлүмүрдэтиэхтэрэ. Тымныы полюһуттан бэйэтин резиденциятыттан Чысхаан Тымныы символын таһааран, киин куораппытыгар ыытыаҕа.

«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл үгүс эрэстэрээни түмүөҕэ. Бу тэрээһин өрөспүүбүлүкэ гастрономическай култууратын туоһута буолан, олохтоох дьон да, туристар да болҕомтолорун тардыаҕа. Бастыҥ эрэстэрээннэр шеф-асчыттара сонун бүлүүдэлэри астаан билиһиннэриэхтэрэ.

«Саха сирин бриллианнара» хаар уонна муус скульптуралар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустара кыһыҥҥы бэстибээл биир сүрүн тэрээһининэн буолар. Бу күрэхтэһии 2016 сылтан ыытыллар. Хас сыл аайы хотугу кыраай кэрэ айылҕата хаарга уонна мууска ойууланан,  куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын дууһаларыгар умнуллубат түгэн буолан хаалар.

Ити курдук, сэтинньи ортотуттан саҕалаан ахсынньы ортотугар диэри ыытыллар кыһыҥҥы бэстибээл үгүс тэрээһиннэрэ Саҥа дьыллааҕы настарыанньаны саҕыахтара.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: