Кыһын тиллибит лыаҕы хайдах гынабыт?

Share

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото лыах тиллибитэ ый буолла. Маныаха учуонайдар көрүүлэрэ хайдаҕый?

Үнүр саайтпытыгар Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Мироновтарга лыах тиллэн, дьиэлэрин иһигэр сылдьыбыта ый буолан эрэрин туһунан  сырдатан турабыт. Кыс ортото, Саха сирин -40-50 кыраадыстаах тымныытыгар сыл аайы дьиэ иһигэр лыах көппөтө чахчы. Онон үгүс дьон сэҥээриитин ылбыта. Видеоны манна көрүөххүтүн сөп.

Ыал ийэтэ Александра Николаевна: “Дьиҥэр, билигин утуйар кэмэ эбээт, хайдах гынарбыт буолла” – диэн этэн аһарбыта. Күн бүгүн лыах барахсан тыыннаах. Биология билимин хандьыдаата, РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сирин ирбэт тоҥ буордаах зонатын биологическай кыһалҕаларын чинчийэр институт билимҥэ үрдүкү үлэһитэ Альбина Бурнашеваттан ыйыталастыбыт.

— Тустаах лыах нимфалидтар кэргэнниилэригэр киирсэр — дневной павлиний глаз (Nymphalis io L.). Лыах көрүҥнэрэ үгүс, Саха сиригэр барыта 900-чэкэ көрүҥэ баара биллэр. Ити көрүҥ сэдэх буолбатах, Кыһыл кинигэҕэ киирбэтэҕэ эрээри, кэрэ көстүүлээх. Ытырыык от (крапива) үүнэр сиригэр элбэхтик үөскүүр.

Лыах Саха сиригэр кыһынын биирдиилээн тиллэр түгэннэрэ бэлиэтэнэр. Былырыын эмиэ ити кэргэнниилэртэн эрээри, атын көрүҥэ тиллибитэ.

Кыһын ортото таһырдьа таһаардахха үлүйэрэ биллэр. Дьиҥэр, саас тахсыахтаах этэ уонна сымыыттаан баран өлүөхтээҕэ. Дьиэҕэ төһө тулуйарынан сылдьыан сөп, — диэн учуонай быһаарда.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Хатыыс хабаҕынан туһаныы

Ырыаһыт Виталий Очиров хатыыс хабаҕынан туһаныы туһунан видеота  социальнай ситимнэринэн тарҕанна.    

27 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев: Уһук Илин эрэгийиэн дохуоттарын 2,5 төгүл кэриҥэ үрдэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Россия-24» ханаалга интервью биэрдэ,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэ дьарыктаах дьон «больничнайга» барар бырааптаныахтара

2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа үс сыллаах эксперимент саҕаланыаҕа, ол түмүгэр бэйэ дьарыктаах дьон…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Балыыһаҕа киирбит табаарыһыттан мөлүйүөн аҥаарын уорбут

Дьокуускай куоракка полицейскайдар балыыһаҕа киирбит табаарыһын  каартатыттан   мөлүйүөн аҥаара харчыны уорбут  киһини туттулар. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Бриллианты Якутии” аһаҕас уруога

Ахсынньы 24 күнүгэр «Бриллианты Якутии» ансаамбыл 2025 сылы түмүктүүр аһаҕас уруогун үрдүк таһымнаахтык ыытта! [gallery…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: Оптимизация үөрэх хаамыытыгар сабыдыаллыа суохтаах

Үөрэх тиһигин оптимизацията үөрэх хаамыытыгар хоромньуну оҥоруо суохтаах. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Ил…

3 часа ago