Күһүҥҥү айылҕалыын алтыһан астынныбыт
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр тириэньэрбит Владимир Кривошапкин тэрийэн, тустууга сылдьар, дьарыктанар 12 уол Чычымах Дьаамыгар похуоттуу баран кэллибит.
Похуоттуу сылдьан, биһиги аһаҕас халлаан анныгар астына футболлаатыбыт, Амма эбэбитигэр сибинэн балыктаан олус диэн үөрдүбүт-көттүбүт. Ким төһөнү хаптарарыгар күрэхтэстибит. Кулуһуҥҥа уот оттон, ол уотугар маршмеллоу уонна сосиска үтэн сиэтибит. Тугунуок хаптардыбыт, тугунуок диэни харахтарыгар көрбөтөх сорох уолаттар тутан-хабан көрөн, хайдах балык буоларын биллилэр.
Халлаан хараҥарбытын кэннэ утуйар миэстэбитин булунан, оҥостон утуйбуппут. Сарсыарда 6 чааска уһуктубуппут, тула өттүбүт номнуо хаарынан бүрүллүбүт этэ. Соһуйуу бөҕө буоллубут. Онтон аһаан-сиэн, кыратык хамсаныылаах оонньуулары оонньоон, эти-хааны уһугуннаран баран, хомунан дьиэбитигэр төнүннүбүт.
Тус бэйэм хаһан да итинник хонуктаах похуокка сылдьа илигим. Оҕолордуун хонон, похуоттаан кэлбиппиттэн олус астынным. Тириэньэрбитигэр Владимир Владимировичка маннык хонордоох похуоту тэрийбитигэр, күһүҥҥү айылҕаны кытта алтыһыннарбытыгар, уол оҕо бу сааспытыгар тугу сатыыр буолуохтаахпытыгар үөрэппитигэр махтанабын!
Эрсан ХАЛЫЕВ,
Таатта, Харбалаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: