Күһүҥҥү ат сүүрдүүтэ ыытыллыаҕа

Share

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр күнүс 13:30 ч. Арктикатааҕы агротехнологическай университет ипподромугар сыл аайы ыытыллар ат сүүрдүүтэ буолуоҕа. Бириистээх пуонда суумата — 5,3 мөлүйүөн солкуобай.

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бирииһигэр 1 км уһуҥҥа 4-тэн үөһэ саастаах саха аттара сүүрүөхтэрэ. Бириис пуондата — 1 мөл.солк.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирииһигэр 2400 м уһуҥҥа 4-тэн үөһэ саастаах ыраас хааннаах сылгылар киирсиэхтэрэ. Бириис пуондата — 1 мөл.солк.

1600 м дистанцияҕа Саха сиригэр төрөөбүт, 2-тэн үөһэ саастаах ыраас хааннаах боруода аттар сүүрүөхтэрэ. Кыайыылааҕы автономияны төрүттээччи Степан Аржаков аатынан бириис күүтэр. Бириис пуондата — 3 мөл.солк.

3200 м дистанцияҕа  «Национальное достояние» бириис оонньонуоҕа. Манна Саха сиригэр төрөөбүт, 2-тэн үөһэ саастаах ыраас хааннаах боруода аттар күрэстэһиэхтэрэ. Бириис пуондата — 3 мөл.солк.

Ат сүүрдүүтүн СӨ бырабыыталыстыбата, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Саха сирин ат сүүрдүүтүн федерацията, АГАТУ тэрийэллэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

11 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

13 часов ago