Салгыы
Кыһыҥҥы бэстибээлгэ муус, хаар оҥоһук күрэһэ буолуоҕа

Кыһыҥҥы бэстибээлгэ муус, хаар оҥоһук күрэһэ буолуоҕа

27.11.2023, 12:30
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэ устата сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри үгэс буолбут «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһинэ — муус уонна хаар оҥоһук күрэһэ. 

Бу тэрээһиҥҥэ 2016 сылтан араас омук дьоно олус сөбүлээн кыттар. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы «Саха сирин бриллианнара» муус уонна хаар оҥоһуктарга күрэстэһиигэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн, Кытайтан уонна Монголияттан кэлэн кыттыахтара. Бу суолталаах тэрээһин бэстибээл бырагырааматыгар биир бастакынан киирбитэ. Уопсайа 29 сайаапкаттан дьүүллүүр сүбэ 20 хамаанданы талбыт. Кыттааччылар сайаапкаларын кытта бэйэлэрин эскиистэрин ыыппыттар. Өрөспүүбүлүкэ тас өтүттэн алта хааманда кэлэрэ күүтүллэр. Ол курдук, Монголия икки хамаанданы туруорар, Хабаровскай кыраай — икки, Тываттан уонна Бурятияттан биирдии хамаанда. Маны таһынан, мэрия пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, дьүүллүүр сүбэҕэ Кытайтан норуоттар икки ардыларынааҕы хас да куонкурус лауреата, Харбиннааҕы хаар уонна муус  оҥоһук бэстибээлин хас да төгүллээх суудьуйата Чжэн Цзиньнань кыттар. Саха сириттэн түөрт хамаанда — киин куораттан, уоннааҕылар — араас улуустан.

Бу хаар-муус оҥоһуктар ахсынньыга оҥоһуллан баран, саас дьон санаатын көнньүөрдэн, өргө диэри ууллубакка туран, киин куораты кэрэ көстүүлүүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: