Кыһыҥҥы билгэ

Кыһыҥҥы билгэ

Ааптар:
11.12.2024, 17:15
СИА
Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Ый туруору буоллаҕына, хайдах күн-дьыл үүнэр дииллэрий?

  • Саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына — хаара суох, тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.
  • Саҥа ый иттэннэри эбэтэр сытыары буоллаҕына — былыттаах, хаардаах ичигэс ый үүнэрин билгэтэ.
  • Халлааҥҥа сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына — халлаан тымныйар.
  • Кыһынын салгын соҕурууттан, арҕааттан ыллаҕына — тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына — тыал, хаар түһэр.
  • Хаар көмүрүөтэ элбэх буоллаҕына, уулаах, ардахтаах сайыны кэтэһэҕин.
  • Ахсынньы — остуоруйа ыйа. Саамай тымныы ый.
  • 9 — эһэ (кырдьаҕас) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.
  • 12 — буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19-гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр. Халлаан кыыстаҕына, тыал түһэр. Бары-барыта чуҥкуйар.
  • 19 — күн кылгыырын уһуга.
  • 21 — ый туолуута.
  • 19-25 — кыһыҥҥы күн муҥутаан кылгыыр. Эргэ дьыл оройо.
  • 26 — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.
  • 29 — кыраһа түстэҕинэ, ичигэс, тымныы күүһүрдэҕинэ — тохсунньу 19-гар диэри халлаан тымныйар.
  • 31 — утуйбут түүн. Саҥа дьылы көрсүү. Амырыыннаах аам-даам тымныылаах ахсынньы ый ааһар.

А.А.Яковлев «Баай Барыылаах Байанайдан!» (2014 с.)  кинигэтиттэн, «Саха ыалын халандаарыттан» («Бичик», 2015 с.).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: