Кыһыҥҥы билгэлэр
01.11.2024, 10:58
Хаартыска: СИА-тан.
Бөлөххө киир:
Сэтинньигэ номнуо үктэннибит. Тоһуттар тымныыбыт иһэрин кыралаан биллэрэн эрэр. Кыһыҥҥы кэм барыта 146 хонуктаах диэн ааҕаллар уонна үс кэрдиискэ араараллар. Ханныктарый?
Кыһыҥҥы кэм үс кэрдииһэ:
- Кыһын саҕаланыыта. Алтынньы 22 күнүттэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри (56 күн). Күөл туруоҕуттан күн кылгыыра тохтуор диэри.
- Кыһын оройо. Ахсынньы 19 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэри, кыстык кэм аҥаара (43 күн).
- Тымныы муоһун тостуута. Олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр диэри (46 күн). Күнүс дьиэ сарайыттан муус чопчу үөскүөр диэри кэм.
Аны кыһыҥҥы билгэлэри көрүөххэ.
- — Кыһын хайдаҕый да, сайына оннук.
- — Хаар халыҥнык түстэҕинэ ичигэс дьыл буолар.
- — Хаардаах дьыл дьүкээбил уота аҕыйахтык оонньуур. Чараас хаардаах дьыл кыһына тымныы.
- — Кыһына сылаас буоллаҕына, кураан сайын кэлэр.
- — Былыт кыыстаҕына тыал, буурҕа түһэр. Халлаан былытыраары гыннаҕына, илинтэн тыалырар.
- — Буурҕалаах кыһын сайынын күн-дьыл уларыйымтыа буолар. Хаардаах кыһын сайына ардахтаах, сааһа хойутуур.
- — Кыһын ойбон үлүннэҕинэ, сайын угут буолар.
- — Кыһын саҥа ый сытыары таҕыстаҕына, ичигэс сымнаҕас ый буолар. Туруору таҕыстаҕына, тыаллаах, тымныы буолар.
(“Саха төрүт култуурата” кинигэттэн).
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: