Кыһыҥҥы билгэлэр

Share

Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан туох билгэ баарый?

Сылаас кыһын буоларыгар:

  • күһүн бырдах хойутаан өлөр.
  • бэс уонна харыйа туораахтара аҕыйах буолаллар.
  • кииһилэ хойуутук үүнэр.
  • күһүн куурусса эрдэ түүлүүр.
  • кымырдаҕас оргулун намыһах гына оҥостор.
  • Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар тахсаллар.
  • тиит эрдэ көмнөҕүрэр.
  • төннүгэс көтөрдөр үөһэнэн ааһаллар.
  • күһүн тэтиҥ сэбирдэҕэ умса түһэр.
  • күһүн хаардаахха үөт үнүгэстэнэр.

Тымныы кыһын буоларыгар:

  • күһүн сир аһа өлгөмнүк сибэккилэнэр.
  • тэллэй, отон өлгөмнүк үүнэр.
  • күһүн куобах эмис буолар.
  • сэбирдэх түргэнник, эрдэлээн түһэр.
  • тэтиҥ сэбирдэҕэ күһүн тиэрэ түһэр.
  • хаар кыырпаҕа бытархай уонна сэдэх буолар.
  • тиит көмнөҕө аҕыыйах буолар.

Кыһын халлаан сылыйарыгар:

  • күн тоҥон кытарар.
  • саҥа үүммүт Ый сытыары таҕыстаҕына — былыттаах, хаардаах ый буолар.
  • сулустар кыччаан көстөллөр.
  • туман сиргэ тэлгэнэ көтөр.
  • түүн Үргэл өлбөөдүйэн көстөр.
  • тыа иһэ суугунуур.
  • ыт тымныыга түүтүн быттанар.
  • хаар маска сыстар  буолар.
  • ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ кэлэр.

Кыһын тымныы түһэригэр:

  • буруо оһох турбатынан халлааҥҥа көнөтүк тахсар.
  • киирэн эрэр күн тула улахан үрүҥ төгүрүктэр, үрдүк остуолбалар, эбэтэр, хс да сымыйа күн баар буоллаҕына, халлаан салгыы тымныйар.
  • киһи тыына сырдырҕас буолар, атаҕын тыаһа хаарга улаханнык хаачыргыыр, дьон саҥата, ыт үрэрэ ыраахтан иһиллэр буолар.
  • куоска атаҕын саланар, сирэйин суунар, оһох үрдүгэр утуйа мээрик буолар.
  • ойуурга мутукча тостор.
  • оһох уота кытарар, күүскэ таһырҕаан умайар.
  • саҥа үүммүт Ый өргөһө туруору тахсар.
  • сулустар түүн сытыытык чаҕылыһыаллар.
  • суордар икки-үс буолан ханыылаһан, үөһэнэн эргийэ көтөллөр.
  • халлааҥҥа кубалаҥ былыттар көһүннэхтэринэ, халлаан сотору тымныйар.
  • чооруостар сарсыардаттан чыбыгыраһар буоллахтарына, түүнүн тымныйар.
  • ый икки, эбэтэр, биир болоррхой дьиэлэнэр.
  • ыт түүрүллэн баран сытар, утуйар мээрик буолар.

«Саха ыалын бастыҥ кинигэтиттэн».

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокутаат оруола хаһааҥҥытааҕар да улааппыт

Дьокуускайга муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын үһүс сийиэһэ буола турар. “Муниципалитеты 2.0: ИИ как драйвер…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрист сүбэтэ: Икки үлэҕэ тэҥинэн үлэлээтэххэ, уоппусканы хайдах биэрэллэрий?

СӨ Идэлээх сойуустарын үлэ быраабыгар иниспиэксийэтин салайааччы, СӨ үтүөлээх юриһа Наталья Ивановна Барковская ыйытыыга эппиэттиир.  …

16 минут ago
  • Сонуннар

Бырааһынньык кэмигэр баһаартан сэрэхтээх буолуохха

Бүгүн, ахсынньы 17 күнүгэр, Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун…

28 минут ago
  • Сонуннар

“Уопсастыбаннай үлэ муниципалитекка сыһыарыллар, оттон онно үп-харчы көстөрө кытаанах”

Дьокутааттар олоххо көхтөөх позициялаах, кими баҕарар кытта уопсай тылы булар, сэргэх дьоннор. Онон олорор нэһилиэктэрин,…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: -51 кыраадыс тымныыга лыах тилиннэ

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото, Саҥа дьылы көрсө лыах тиллибит диэни истээт, хаһаайка…

38 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Устудьуонтан харчыны күһэйэн ылыыга уорбаланааччы хаайылынна

Техникум устудьуонуттан харчыны күһэйэн ылыыга уорбаланар сааһын ситэ илик уол  хаайылынна. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар баар…

47 минут ago