Салгыы
Кыһыҥҥы билгэлэр

Кыһыҥҥы билгэлэр

01.11.2024, 10:58
Хаартыска: СИА-тан.
Бөлөххө киир:

Сэтинньигэ номнуо үктэннибит. Тоһуттар тымныыбыт иһэрин кыралаан биллэрэн эрэр. Кыһыҥҥы кэм барыта 146 хонуктаах диэн ааҕаллар уонна үс кэрдиискэ араараллар. Ханныктарый?

Кыһыҥҥы кэм үс кэрдииһэ:

  1. Кыһын саҕаланыыта. Алтынньы 22 күнүттэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри (56 күн). Күөл туруоҕуттан күн кылгыыра тохтуор диэри.
  2. Кыһын оройо. Ахсынньы 19 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэри, кыстык кэм аҥаара (43 күн).
  3. Тымныы муоһун тостуута. Олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр диэри (46 күн). Күнүс дьиэ сарайыттан муус чопчу үөскүөр диэри кэм.

Аны кыһыҥҥы билгэлэри көрүөххэ.

  • — Кыһын хайдаҕый да, сайына оннук.
  • — Хаар халыҥнык түстэҕинэ ичигэс дьыл буолар.
  • — Хаардаах дьыл дьүкээбил уота аҕыйахтык оонньуур. Чараас хаардаах дьыл кыһына тымныы.
  • — Кыһына сылаас буоллаҕына, кураан сайын кэлэр.
  • — Былыт кыыстаҕына тыал, буурҕа түһэр. Халлаан былытыраары гыннаҕына, илинтэн тыалырар.
  • — Буурҕалаах кыһын сайынын күн-дьыл уларыйымтыа буолар. Хаардаах кыһын сайына ардахтаах, сааһа хойутуур.
  • — Кыһын ойбон үлүннэҕинэ, сайын угут буолар.
  • — Кыһын саҥа ый сытыары таҕыстаҕына, ичигэс сымнаҕас ый буолар. Туруору таҕыстаҕына, тыаллаах, тымныы буолар.

(“Саха төрүт култуурата” кинигэттэн).

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: