Салгыы
Кыһыҥҥы дьаарбаҥка буола турар

Кыһыҥҥы дьаарбаҥка буола турар

06.12.2024, 14:54
Женни Стрюкова хаартыската.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга «Сайсары» ырыынак таһыгар быыстапка-дьаарбаҥка буола турар. Бүгүҥҥүттэн саҕаланан, үс күн ыытыллыаҕа. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин тэрийиитинэн ыытыллар дьаарбаҥканы кыһыҥҥы дьаарбаҥка диэн ааттыахха сөп.

Көрдөххө, үксүн биирдиилээн кэтэх хаһаайыстыбалар эттэрэ-астара атыыланар. Саамай ыраахтан Усуйаана улууһуттан «Чондон» көс аҕа ууһун общината балык арааһын аҕалбыт. «Биһиги балыкпыт минньигэс, сыаната да чэпчэки»,— дэһэллэр.

Сүрүннээн киин уонна Илин эҥэр улуустар атыылыы кэлбиттэр. Ол курдук, Чурапчы, Уус Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын этин атыылаһаллар. Ынах, убаһа этин миэстэнэн ылааччыларга табыгастаах, атаҕынан эт толору.

Ынах арыыта аммаларга эрэ баар курдук. Киилэтэ — 1400 солкуобай.

Убаһа этэ 800-1500 солкуобай дииллэр. 1800 солк. эмиэ баар. Сорохтор биэ этин сэргииллэр. Уус Алдан атыылааччыта биэ этин эмтээх диир.

Ынах буотараҕа ыараабыт курдук көрдүм. 700 солк. диэччилэр бааллар.

Ынах быара 600 солк. буоллаҕына, убаһа быарын киилэтин 4000 солк. атыылаһыахха сөп. Ынах кутуруга — 350 солк.

Ньидьили эбэ балыгын 450-500 солк. биэрэллэр. Дьон бытархай соҕус балыгы атыылаһар эбит. «Уус Алдан собото минньигэс буолар»,— диэн рекламалаата биир атыылаһааччы.

Ынах, таба этэ толору. 700 солк. саҕаланар.

Дьаарбаҥка бастакы күнэ буолан хаһаайыстыбалар өссө да ситэ кэлэ иликтэр быһыылаах. Өр кэрийдэххэ син сылдьарга тымныы курдук. Онон дьаарбаҥкаҕа ичигэстик таҥнан кэлиҥ. Атыыһыттар сыананы кыратык түһэрэллэр. Онон бу күннэргэ ыытыллар дьаарбаҥкаҕа сылдьыҥ. Саҥа дьыл чугаһаата, аскытын хаһааныҥ.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: