Күһүҥҥү дьаҥ кэмигэр иммунитеты хайдах бөҕөргөтөбүт?
Күһүн-саас сыл ахсын кириип, дьаҥ-дьаһах арахсыспат аргыс буолар. Мантан хайдах харыстанабыт? Аптекаҕа да, интэриниэккэ да иммунитеты бөҕөргөтөр битэмиин арааһын сүбэлииллэр. Ол эрээри өскөтүн дьаҥ номнуо киирэн ытырдан, күөмэйин аһыйан бардаҕына маннык судургу көмөлөр абырыахтара.
Лимоннаах мүөттээх уу
Лимоннаах итии ууну уонна мүөтү хара сарсыардаттан амсайдахха, киһи этэ-сиинэ үөскээбит дьаҥы утары охсуһар. Итинник биирдии чаас буола-буола биирдии ньуосканан мүөтү уонна лимоннаах итии уу мунну уута сүүрэрин тохтотор кыахтаах.
Чесноктаах аһылык
Дьаҥ саҕана чеснок туһата элбэх. Кини аҥардас сыта дьиэ иһин тунуйдаҕына, баар вирустар өлөллөр диэн быраастар быһаараллар. Онон сатаан чеснок аһыытын тулуйбат киһи бытархай гына бысталаан остуолга ууран, чеснок сытын таһаарыан сөп.
Лавр лииһэ
Лавр лииһин аска эрэ эбилик гына, амтан тупсараары кутабыт. Оттон лавр лииһэ дьиэ иһинээҕи салгыны ыраастыыр. Онон оргутан кини паарынан дьиэ иһинээҕи дьаҥы суох гыныахха сөп.
Бэс иннэтэ
Бэс иннэтэ коронавирус дьаҥын кэнниттэн тыҥаны чөлгө түһэрэр сүрүн ньыма буолбутун үгүс киһи билэр. Күҥҥэ үстэ чааскы аҥаардыытынан бэс иннэтин оргутан иһии улахан туһалаах. Маны сэргэ, бэс иннэтин оргуйбут уутун дьиэҕэ баар увлажнительгэ кутан эмиэ тупсарыахха, салгыны ыраастыахха сөп.
Ынах арыыта уонна сыа
Күһүн киһи этэ-сиинэ арыыга-сыаҕа наадыйар. Ынах арыыта Д битэмиининэн баай. Сыаны сатаан сиэбэт киһи сылгы иһин-үөһүн кыралаан сиэн, ынах арыытын сиэн, күһүнү көрсүүгэ дьаҥтан харыстанар. Сорохтор сибиинньэ сыатын да сииллэр.
Туустаах уу
Туустаах уунан айаҕы эрэ буолбакка, мунну уута сүүрдэҕинэ муннуну ыраастыырга эмиэ туһаныллар. Күҥҥэ алтата маннык сууннахха, икки күнүнэн киирэн эрэ дьаҥ начаас ааһар.
Саха киһитигэр күн тиийбэт. Онон сайыннары-кыһыннары Д уонна С битэмииннэри тохтообокко иһэр дьаҥтан харыстыыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: