Кыһыҥҥы хаһаастар
Миини тумалыыр оҕуруот аһа
Састааба:
1 киилэ тууска -– 1 киилэ моркуоп, 1 киилэ помидор, 1 киилэ эриэппэ луук, 300 грамм минньигэс биэрэс, укруоп, петрушка.
Оҕуруот аһын сууйабыт, куурдабыт. Күөх үүнээйини бытархай гына кырбыыбыт, моркуобу түөркэлиибит, луугу кыра гына быһабыт. Барытын иһиккэ уурабыт, өлгөмнүк тууһу кутабыт, кичэллээхтик булкуйабыт уонна бааҥкаларга кутабыт. Итиэннэ хоппуруон хаппахтарынан хаппахтыыбыт.
Бу састаабынан миини тумалаатахха, миин амтана минньийэр.
Тоҥоруллубут тума
700 грамм минньигэс биэрэс, 500 грамм моркуоп, 1 киилэ помидор, 1 киилэ эриэппэ луук, 300 грамм укуруоп, 150 грамм петрушка.
Барытын кырбыыбыт, моркуобу түөркэлиибит. Салаат курдук булкуйабыт уонна салапаан мөһөөччүктэргэ өлүү-өлүү уган тоҥоробут.
Кыһыҥҥы борщ
1-2 паачыка кулинарнай сыаҕа хаппыыстаны, моркуобу, сүбүөкүлэни, помидору, эриэппэ луугу 30-40 мүнүүтэ ыһаарылыыбыт.
Укуруоп, петрушка, лавр сэбирдэҕин кутабыт, тууһуубут. Сүбүөкүлэтин аһара сымнаппакка эрэ араарабыт. Иһиккэ кутан тоҥоробут.
Маринованнай хаппыыста
Маринад састааба:
1 лиитэрэ уу, ыстакаан аҥаара мас арыыта, ыстакаан аҥаара саахар, 2 остолобуой ньуоска туус, чеснок 5-8 өлүүтэ.
Маринады оргутабыт. Хаппыыстаны 10-20 см халыҥнаах гына бысталыыбыт, чесногу илдьиритэбит. Маны барытын булкуйабыт уонна оргуйа турар маринадынан саба кутабыт. 1-2 суукка дьиэ иһигэр туруорабыт уонна холодильникка уурабыт.
Хаппыыста бэлэм.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: