Сэтинньи 1 күнүттэн күһүҥҥү хомуур саҕаланар. Ити туһунан бэнидиэнньиккэ РФ Сэбилэниилээх күүстэрин генеральнай ыстаабын сүрүн тэрийэр-мобилизационнай 4-с управлениетын начаалынньыга контр-адмирал Владимир Цимлянскай иһитиннэрбит.
Санатан эттэххэ, быстах хомуурунан сибээстээн, күһүҥҥү ыҥырыы алтынньы 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр көспүтэ. Контр-адмирал этэринэн, РФ субъектарын баһылыктарын быһаарыыларынан тэриллибит 2,5 тыһ. тахса ыҥырыы хамыыһыйа үлэтин саҕалыаҕа.
“Саҕаланаары турар ыҥырыы хампаанньата (призывной пункт) Украинаҕа буолар анал байыаннай эпэрээссийэни кытта туох даҕаны сибээһэ суоҕун бэлиэтээн этэбин. Ыҥырыы былаан быһыытынан, РФ сокуона ыйыллыбыт болдьоҕунан барар. Сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар улахан аҥаардара үөрэх түмсүүлэригэр уонна байыаннай чаастарга тиийэн, болдьох быһыытынан биэс ыйга диэри аныгы байыаннай тиэхиньикэни кытта билсиэхтэрэ уонна байыаннай-учуотунай исписээлинэһи ылыахтара”, — диир итиэннэ үөрэтии түмүгэр ылбыт сатабылларынан сэбилэнии аныгы көрдөрүүтүн уонна байыаннай тиэхиньикэни туһанан көрө барыахтара диэн Цимлянскай эбэн этэр. Ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтар болдьохторо бүттэҕинэ, кэмигэр уурайалларын уонна номнуо алтынньы 15 күнүттэн олорор сирдэригэр бараллар диэн ыйар. Сиһилии РГ суруйуутун ааҕыаххытын сөп.
«Газпромбаан» вице-бэрэсидьиэнэ, «Үрдүкү технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» аһымал пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Фурсенко Саха сиригэр оробуочай…
Эһиилги «Дыгын оонньууларын» чөмпүйүөнэ үс мөлүйүөн солкуобайы уонна 7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса сыаналаах Дьокуускай куоракка…
Түөкүттэр тус дааннайдары сыыппараҕа көһөрөбүт диэн военкомакка “ыҥырар” саҥа исхиэмэни толкуйдаабыттарын ИДьМ матырыйаалларыгар сигэнэн ТАСС…
Дьокуускай олохтооҕо киһини өлөрөргө соруммутунан буруйдааҕынан билинилиннэ. Кини ритаульнай киинигэр киһиэхэ быһахтаах саба түспүт. 57…
Бүгүн Ем.Ярославскай аатынан хотугу норуоттар култуураларын уонна историяларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлигэр саха балаҕаныгар истиҥ-иһирэх тэрээһин…
Сарсын, ахсынньы 25 күнүгэр, Москва бириэмэтинэн 10:00 чааска, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы…