Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн

Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн

22.10.2022, 13:15
Бөлөххө киир:

Халлаан тымныйда, кыстыкка үктэннибит. Үгүс хаһаайкалар оҕуруот аһыттан кыһын сиир астарын хаһаанар түбүгэр сылдьаллар. Тугу астыыбыт?

“Минньигэс биэрэстээх кэриэйдии моркуоп”

Туох ирдэнэрий:

моркуоп – 1 киилэ 800 кыраам,

минньигэс болгарскай биэрэс – 750 кыраам,

эриэппэ луук – 750 кыраам,

чеснок – 100-125 кыраам,

хара аһыы биэрэс – 7-10 кыраам,

кориандр (молотай) – 1-2 кыра ньуоска,

чили биэрэс – 1 биэрэс аҥаара (аһыыны сөбүлүүр дьон) эбэтэр биэрэс түөрт гыммыт биирэ,

туус – 30 кыраам,

саахар – 130-150 кыраам,

уксуснай эссенция – 1 кыра ньуоска,

петрушка – 100 кыраам,

мас арыыта – 200 кыраам курдук.

Хайдах бэлэмниибит:

Моркуобу уһун синньигэс гына теркалыыбыт, туус аҥаарын кутан баран булкуйан уура түһэбит. Бу бириэмэҕэ уһун синньигэс гына кырбаныллыбыт луугу итии арыыга кутан хараара түһүөр диэри ыһаарылыыбыт (быһа холуйан 20-чэ мүн. барар). Манна кыра гына кырбаммыт чесногу, кориандры кутабыт. Булкуйан баран арааран сойутабыт.

Уута тахсыбыт моркуопка ордубут тууһу, саахары, улахан гына кырбаммыт чили биэрэһи (бөдөҥ гына кырбаан баран сииргэ ылгаан ылан кэбиһиэххэ сөп), хара аһыы биэрэһи, уксуһу, минньигэс биэрэһи кутан баран дэлби булкуйабыт уонна чаас аҥаара туруорабыт. Онтон сойбут луугу, петрушканы кутан, биир маасса буолуор диэри булкуйабыт.

Эрдэттэн сууйуллан бэлэмнэммит бааҥкаларга кутаттыыбыт, уута үрдүгэр кыратык дагдайар буоларын туһугар ыга симэбит. Уута быһаҕас түгэнигэр оргуйбут туустаах ууну кутан биэрэбит. Хаппаҕын эрийбэккэ эрэ үрдүгэр саба уурабыт. Бааҥкалары дириҥ миискэҕэ угабыт, миискэҕэ сэрэнэн уу кутабыт (уута бааҥка улахан аҥаарынан буолуохтаах) уонна кыра уокка холбоон 20-25 мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт. Таһааран хаппахтаат, таҥаһынан бүрүйэн суукка устата туруорабыт. Салаат бэлэм!

“Охотничай салаат”

Туох ирдэнэрий:

помидор – 2 киилэ,

минньигэс биэрэс – 500 кыраам¸

моркуоп – 500 кыраам,

эриэппэ луук – 500 кыраам,

уһун синньигэс рис – 1 ыстакаан,

мас арыыта – 1 ыстакаан,

саахар – 4 ост. ньуоска,

туус – 1 ост. ньуоска,

уксус 9 % – 2 ост. ньуоска (кыһыҥҥыга хаһаанар буоллахха),

укуруоп, петрушка – 1 ытыс (ким сөбүлүүрүнэн).

Хайдах бэлэмниибит:

Мясорубкаҕа эриллибит помидору улахан иһиккэ кутан баран уокка холбуубут, оргуйаатын кытта бытархай гына кырбаан луугу, бөдөҥ гына түөркэлэммит моркуобу кутан булкуйабыт уонна оргуйаатын кытта өссө 10 мүнүүтэ устата тэптэрэ түһэбит. Онтон бытархай гына түөрт муннуктуу кырбаммыт биэрэһи, мас арыытын, саахары, тууһу кутан баран хаппахтаан кыра уокка 10-15 мүн. буһарабыт. Салгыы сууйуллубут рис, кыра гына кырбаммыт укуруобу, петрушканы кутабыт уонна эмиэ хаппахтаан 30 мүн. устата буһарабыт, кэмиттэн-кэмигэр булкуйан биэрэбит. Кыһыҥҥыга хаһаанар түгэммитигэр уотун араарыахпыт 3 мүн. иннинэ уксус кутабыт.  Итиилии оргуйбут бааҥкаларга кутаттаан баран хаппахтыыбыт, умса уурталаан баран суукка устата таҥаһынан бүрүйэн туруорабыт. Суукка ааспытын кэннэ хаһаанар сиргэ уурабыт.

Дьиэтээҕи борщ

Туох ирдэнэрий:

сүбүөкүлэ – 1 киилэ,

моркуоп – 1 киилэ,

эриэппэ луук – 1 киилэ,

помидор – 1 киилэ,

минньигэс биэрэс – 2-3 устуука,

чеснок – биир төбө,

мас арыыта – 500 кыраам,

томат паастата – 4-5 ост. ньуоска,

саахар – 2 ост. ньуоска,

туус – 2 ост. ньуоска,

лимон кислотата – 1 кыра ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит:

Кыра гына түөркэлэммит сүбүөкүлэни, моркуобу, төһө кыалларынан бытархай гына кырбаммыт минньигэс биэрэһи, мясорубкаҕа эриллибит помидору, саахары, тууһу, томат паастатын, мас арыытын, лимон кислотатын барытын улахан буһарар иһиккэ кутан, орто уокка 30 мүнүүтэ тэптэрэбит. Чаас аҥаара ааспытын кэннэ бытархай гына теркаламмыт луугу, чесногу эбэбит уонна эмиэ 30 мүнүүтэ булкуйа-булкуйа оргутабыт. Итиилии оргутуллубут бааҥкаларга кутан хаппахтыыбыт, таҥаһынан сабабыт уонна сойуор диэри туруорабыт.

Ханнык баҕарар эттээх миин буһуо биэс мүнүүтэ иннинэ куттахха борщ бэлэм.

Минньигэс биэрэстээх, хаппыысталаах салаат

Туох ирдэнэр:

хаппыыста – 5 киилэ,

минньигэс биэрэс – 1 киилэ (араас өҥнөөх),

моркуоп – 1 киилэ,

сельдерей – 100 кыраам,

сельдерей силиһэ – 50 кыраам (баар түгэнигэр),

петрушка – 100 кыраам,

туус – 5-6 ост. ньуоска,

лавровай лиис – 4 устуука,

төгүрүк горох биэрэс – 5-7 устуука.

Хайдах бэлэмниибит:

Улахан иһиккэ уһун синньигэс гына кырбаммыт минньигэс биэрэһи, бөдөҥ гына түөркэлэммит моркуобу, теркаламмыт сельдерей силиһин, бытархай гына кырбаммыт сельдерей, петрушка умнаһын кутан булкуйабыт, аҕыйах мүнүүтэ туруорабыт. Бу кэмҥэ хаппыыстаны уһун синньигэс гына кырбыыбыт, туустаан баран иһиккэ кутан аалар курдук күүскэ булкуйабыт. Уута тахса түһээтин кытта атын оҕуруот аһын кутан булкуйабыт. Үрдүгэр ыйааһыннаах тугу эмэ ууран баран 2-3 чаас туруорабыт. Үөһэ өттүгэр уута бычылыйан тахсыахтаах.

Хаппыыстаны оргуйбут үстүү лиитэрэлээх бааҥкаларга ыга симэн кутабыт уонна лавровай лиис, төгүрүк горох эбэн баран ыраас таҥаһынан дуу, маарыланан дуу саба баайан сөрүүн сиргэ (холодильник) туруорабыт. Бу салаакка уксус кутуллубат, ол оннугар аһытабыт. Биэс-алта күнүнэн ыга хаппахтаан, кыстыыр сиригэр уурабыт. Сылаас эбэтэр олус тымныы сиргэ харайар табыллыбат.

Маннык салаат уксустаах аһылыгы сиэбэт дьоҥҥо саамай табыгастаах. Күһүҥҥү, чиҥ хаппыыста ордук барсар.

Моркуоптан икра

Туох ирдэнэрий:

моркуоп – 2 киилэ,

кыһыл помидор – 3 киилэ,

мас арыыта – 2 ыстакаан,

саахар – 200 кыраам,

чеснок – 2 төбө,

туус – 2 ост. ньуоска,

хара аһыы биэрэс – 1 ост. ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит:

Мясорубкаҕа эриллибит моркуобу, помидору, мас арыытын, саахары, тууһу, хара аһыы биэрэһи иһиккэ кутан уокка холбуубут, 1-1,5 чаас кыра уокка оргутабыт. Араарыахпыт 15 мүн. иннинэ кыра гына түөркэлэммит чесногу кутабыт.

Итиилии, оргуйбут бааҥкаларга кутан хаппахтыыбыт. Дьыл баччатыгар үгүс ыалга ордон хаалбыт бытархай моркуобу туһаҕа таһаарарга табыгастаах ырысыап.

Моркуобу хаһааныы ньымата

Туох ирдэнэр:

мокуоп – 3 киилэ,

туус – 3 ост. ньуоска,

9 % уксус – 5 ост. ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит:

Бөдөҥ гына теркаламмыт моркуопка туус кутан илиибитинэн уута тахсыар диэри булкуйабыт. Лиитэрэ аҥаардаах оргутуллубут бааҥкаларга кутабыт. Үрдүгэр уута бычылыйан тахсар буолуохтаах. Хас биирдии бааҥка аайы биирдии ост. ньуоска уксус кутан баран хаппаҕынан саба уурабыт. Бааҥкалары миискэҕэ ууран баран уу кутан кыра уокка холбоон, 30 мүнүүтэ устата оргутабыт (стерилизация), хаппахтаан баран сойбутун кэннэ сөрүүн сиргэ уурабыт.

Маннык хаһааныллар ньымаҕа ордук бытархай моркуоп барсар. Ханнык баҕарар бүлүүдэҕэ кутуохха сөп.

Хаартыска: СИАтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: