Салгыы
Күһүҥҥү күнүнэн сылы билгэлээҥ

Күһүҥҥү күнүнэн сылы билгэлээҥ

07.10.2024, 10:30
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

“Быйыл күһүн хаһааҥҥыттааҕар даҕаны ардаата, хаардаата” — диэн элбэх киһи бэлиэтиир. Сорохтор манан эһиилги сылы билгэлииргэ холоноллор. Дьыл баччатынааҕы билгээһиннэр тугу кэпсииллэр?

— Күһүн ардаҕа суох, сир кураанахтыы тоҥноҕуна, эһиилигэр үксүгэр кураан сайын кэлэр.

— Күһүн сир дириҥник сиигирдэҕинэ, эһиилигэр өҥ сайын буолар.

— Күһүн сири силимниир ардах күүскэ түстэҕинэ, уулаах саас буолар.

— Бокуруоп саҕана этиҥ эттэҕинэ, чараас хаардаах кыһын буолар.

— Күһүн муҥха саҕана, күөл мууһун үчүгэйдик саппат чараас хаардаах буоллаҕына, балык сиэтигэһэ суох дьыл буолар.

— Күһүн өрүс турарыгар кыдьымаҕа улахан уонна хойуу буоллаҕына, саас өрүс уута улахан буолар.

— Күһүн хаар түһэр кэмиттэн хойутаатаҕына, кэлэр саас эрдэлиир.

— Күһүн хаас үөрэ эрдэлээн киирдэҕинэ, кыстык хаар эрдэ түһэр.

— Күһүн хаас үөрэ үөһэнэн аастаҕына, дьогдьоот күһүн буолар.

И.Сосин, И.Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 октября
  • -18°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: