Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрин иитинэн, бүгүн экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа ыытылынна. Мунньах бэбиэскэтигэр «Об актуальных задачах устранения инфраструктурных ограничений социально-экономического развития Республики Саха (Якутия)» диэн боппуруос көрүлүннэ.
Мунньаҕы экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов иилээн-саҕалаан ыытта. Ил Дархан Айсен Николаев суол-иис, тырааныспар боппуруостарын көтөхтө. Биһиги эрэгийиэммитигэр суол-иис боппуруоһа сытыытык турар. Сайын өрүстэр, үрэхтэр хаайаннар, үгүс нэһилиэнньэлээх пууннар киин сиртэн сибээстэрэ быһылларыгар тиийэр.
Арктическай оройуоннары киин сири кытта «автозимник» дэнэр кыһыҥҥы суол эрэ сибээстиир. Федеральнай таһымҥа «автозимник» диэн айан суолун туһунан өйдөбүл олох суох. Манна туһаайан Айсен Николаев «кыһыҥҥы суол» (сезонная автомобильная дорога) диэн өйдөбүл федеральнай таһымҥа баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Маннык өйдөбүл суох буолан, хотугу эрэгийиэннэр сайдыыларын атахтыыра чуолкай.
Ил Дархан Саха сиригэр кыһыҥҥы суоллар уопсайа 10 тыһыынча килэмиэтирдээхтэрин уонна ону көрүүгэ-харайыыга сыллата 1,5 млрд солк. кэриҥэ үп-харчы көрүллэрин этэн туран:
— Кыһыҥҥы суол диэн өйдөбүл федеральнай сокуонунан бигэргэтиллиэхтээх. Оччотугар эрэ суолу оҥорууга, көрүүгэ-харайыыга үбүлээһин көрүллүөҕэ, — диэтэ.
Экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов Ил Дархан Айсен Николаев этиитин өйөөтө уонна сокуон бырайыага дьүүллэһиигэ РФ бырабыыталыстыбатыгар киириэхтээх диэтэ.
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга сылын аайы ыытыллар Кыайыы Оһуокайа үрдүк таһымнаахтык буолла. Быйыл…
Саха сиригэр Мэҥэ Хаҥаласка уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар сүппүт эр дьону көрдүүллэр. Ааспыт сууккаҕа атын оройуоннарга…
Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев Москваҕа Кыайыы параадыгар кытынна. Кини ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан олорорун "Бастакы" ханаалга…
Ыам ыйын 5 күнүгэр, Пушкин аатынан киин библитиэкэҕэ Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕыттан төрүттээх, билигин Нам Түбэтигэр…
Таатта улууһун киинигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө "Кыайыы көтөллөөх буойун учууталлар көмүс уруоктара"…
edersaas.ru саайт 2020 сыллаах архыыбыттан. Кыайыы 75 сылынан эһээм кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйарга быһаарынным.…