Кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэйии былаана туолла
Кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэйиини сүрүннүүр хамыыһыйа үлэтин түмүктэрин туһунан мунньаҕы вице-премьер Дмитрий Садовников тэрийэн ыытта.
Былаан быһыытынан, 700,6 тыһыынча туонна таһаҕас тиэйиллиэхтээҕиттэн, 709 тыһыынча туонна тиэрдиллибит, ол эбэтэр, былаан 101,2% туолбут.
Арктика оройуоннарыгар бу сезоҥҥа 216,9 тыһыынча туонна таһаҕас тиэрдиллибит. Былаан — 218,4 тыһыынча туонна этэ. Уопсайа сүрүннээн таас чоҕу (569,4 тыһыынча туонна), ньиэп бородуукталарын, гаас конденсаатын тиэртилэр. Онон хоту нэһилиэнньэлээх пууннар бары тыын суолталаах уматыгынан, оттугунан хааччылыннылар.
Кыһыҥҥы суолунан барыта 900-тэн тахса тиэхиньикэ үлэлээтэ. Хоту сиргэ саамай наадалаах таһаҕаһы таһан, суоппардар бэриниилээхтик үлэлээтилэр.
— Кыһыҥҥы таһаҕаһы таһыыга үлэлээбит дьоҥҥо барыгытыгар махтанабын. Бу тыһыынчанан киһи, сүүһүнэн тиэхиньикэ биир хамаанда курдук тэриллиилээхтик үлэлээбиттэрин түмүгэ. Төһө да бытарҕан тымныы турдар, суол-иис мөлтөх буоллар, таһаҕаһы тиэйии быстыбатаҕа. Билигин сайыҥҥы навигация күүтэр, бары бииргэ бу үлэни эмиэ кыайа-хото тутуохпут, — диэн Дмитрий Садовников түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: