Хаартыска: SakhaGov
Олоххо-дьаһахха наадалаах малы-салы айан суолунан тиэйии-таһыы кэмэ түмүктэнэн эрэр. Ол туһунан гражданскай оборона уонна эрэгийиэн нэһилиэнньэтигэр куттал суох буоларын хааччыйыы дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Никита Павлов быһа биэриигэ иһитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, 656,0 тыһыынча туонна былаантан, 623,7 тыһыынча туонна хайыы-үйэ туһааннаах сиргэ тириэрдилиннэ.
Ураты болҕомто Арктика улуустарын хааччыйыыга ууруллар. Манна 214,1 тыһыынча туонна былааннаммытыттан 205,4 тыһыынча туонна (былаантан 95,9 %) тиэрдилиннэ.
Никита Павлов бэлиэтээн эппитинэн, кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэрдиини айылҕа тыйыс усулуобуйата уустугурдар. Чуолаан, «Индигир», «Муома», «Дьааҥы» массыына суолларыгар тааҥ тахсар, ону таһынан Хотугу уонна Арктика улуустарыгар буурҕа түһэн, суолу ытыйар.
«Түгэнинэн туһанан, итинник харгыстары суһаллык туоратыыга ыарахан үлэни көрсөр суол сулууспаларыгар махтанабын. Кинилэр көхтөөх үлэлэринэн таһаҕаһы таһыы тэтимэ намтаабата”, — диэтэ миниистири солбуйааччы.
Кыһыҥҥы суол кэмигэр барыта 800-чэ тиэхиньикэ үлэлээтэ.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…
Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…
Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…
Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…
Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар эппиэттээх исписэлиистэрэ,…
Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…