Кыһыҥҥы таҥаспытын бэрийэбит

Share

Тымныы кыһыммытын көрсө, халыҥ таҥаспытын-саппытын көрүнэбит. Быйыл кыһын ичигэс таҥаһы төһө сыанаҕа атыылаһыахха сөп эбитий?

Сыананы билээри, элбэх сиргэ сырыттым. “Манньыаттаахха” тиийдим, “Силуэты” да быһа ааспатым. Куорат киинин “бүтэрдим” быһыылаах. “Времена года”, “Сахабулт”, “Унты здесь”, “Унты саха”, “Унты Оленек”, уо. д.а. көтүппэтим.

Этэрбэһи хаска атыылыыллар?
Этэрбэс мааныта, араа7а кэккэлэспит

Этэрбэс арааһа дэлэй. Тыс, тирии, замша (сарыы). Быйылгы, былырыыҥҥы тигиилэр, уһун, кылгас, эксклюзив диэн араараллар. Онон этэрбэс атыылаһыан баҕалаах киһи кэрийэн,

сыныйан, сыананы үөрэтэн көрөрө ордук эбит диэн санааҕа кэллим. Отуттан тахса тыһыынчаны укта сылдьар буоллуҥ да, быраап. Быйыл саҥа этэрбэстэнииһибин диэн эрэх-турах сананыаххын сөп. Холобур, дьахтар тыс этэрбэһин сыаната быһа холуйан, 35–45 тыһ. саҕаланан 55 тыһыынчаҕа тиийэр.

Оттон биэс-алта сыллааҕыта 25 тыһ. солк. атыыланара. Ол гынан баран, “көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар” диэбиккэ дылы, уу харчынан төлүүр буоллаххына, “Манньыаттаахха” 28.000–33.000 солк. булуохха эмиэ сөп эбит. Оттон тобугу хаххалыыр үрдүк, араас өҥнөөх эксклюзивнай диэн ааттыыр тыс этэрбэстэрин сыаната 45 000 тыһ. солк. саҕаланар. Тыс этэрбэс сыаната үрдүк диир буоллахха, атыттары көрүөҕүҥ. Холобур, замша этэрбэс аахсыйанан чэпчэтиилээх сыанаҕа — 5 800 солк. атыыланар. Маннык атах таҥастара 9000 солк. диэри сыаналаахтар.

Эр киһи тыс этэрбэһэ төһөнүй? Көрбүт маҕаһыыннарбар 36 тыһыынчаттан 50 тыһ. солк. диэри. Тирии (кожа) этэрбэс — 10 000, замша 7.200–8000 солк. халбаҥныыр. Тайах бачыыҥка 18.900 турар.

Оҕоҕо тыс этэрбэс кэтэрдиэххин баҕарар буоллаххына, 10–15 тыһ. булуохха сөп. Замша 4 800 солк. саҕаланар.

Чэпчэтиилээх аахсыйа, баантан иэстээн кирэдьииккэ ылыы, болдьохторунан үллэрэн төлөтүү (рассрочка) диэн бааллар. Ону сэргэ, уу харчынан тута төлүүр буоллаххына, сорох маҕаһыыннарга сыаната чэпчээн биэрэр. Маныаха, атыылааччылар этэрбэс тыһын хоту улуустартан атыылаһалларын, үксүлэрэ билэтиттэн саҕалаан улларыытыгар тиийэ бэйэлэрэ тигэллэрин, оҥороллорун, анаан үлэлэһэр дьонноохторун бэлиэтииллэр.

Саҕынньахтаныаххын баҕардаххына

Дьахталларга нуорка, саһыл, куница, енот, тииҥ саҕынньахтар араастара, быһата, күн талбыта. Сорох маҕаһыыннар аахсыйалаахтар. Холобур, олус уһуна суох уонна чараас соҕус нуорка саҕынньаҕы киэргэнэн эбэтэр сылаас кэмҥэ кэтэрбэр диир буоллаххына, 60 тыһ. ылыаххын сөп. Сыаналаахха сананнаххына, балтараа сүүстэн ааҕынан-суоттанан, ааһа барыаххын син. Талбытыҥ толору тардыллан турар. Тииҥ саҕынньах 130 тыһ. 160 тыһ. тиийэ сыаналаах. Хара саһылга сууланыаххын баҕардаххына, икки сүүстэн тахсалаах буолуоххун наада.

Маныаха аахсыйа, кирэдьиит, уһун болдьоххо үллэрэн төлөөһүн араастара көрүллэллэр. Ол эрээри, атыылыыр маҕаһыыннарга тиийэн сиһилии билсэр ордук. Атыыһыттар сыана барытыгар үрдүү турар кэмигэр, саҕынньахха да хамсыырын бэлиэтииллэр. Кэнники сылларга атыыга Пятигорскайтан, Москваттан аҕалар буолбуттар.

Күндү түүлээхтэн итэҕэһэ суох кырасыабай, ураты тигиилээх мутону 40–45 тыһыынчаҕа ылыахха сөп. Уһунуттан, кылгаһыттан, араас быһыылааҕыттан, халыҥыттан көрөн 55 тыһ. диэри сыаналаахтар.

Бэргэһэ талбыта
Атыыга бэргэһэ талбыта

Бэргэһэлэргэ саамай сыаналаах, биллэн турар, саарба. Кэрийэн көрдөххө, 30 000 –35 000 булуохха сөп. 40 тыһ. солкуобайдаахтар кырыыкырыыларынан кэчигирээн тураллар. Сыаната муодатыттан, сырдыгыттан, хараҥатыттан, кырымахтааҕыттан тутулуктанар. Оттон 15 тыһыынчалаах буоллаххына, кулгаахтаах нуорка бэргэһэ бэртээхэйэ кэлэр. Куондара, кулгааҕа кырааскаламмыт кырсалаах нуорка бэргэһэ 18 000 солкуобайга турар. Хара саһылбыт сыаната 7000–12 тыһ. халбаҥныыр. Кыһыл саһылы уоҥҥа ылыахха сөп.

Эр киһиэхэ сиэгэн бэргэһэ — 20 000, хара саһыл — 14–15 000 солк. Киискэ алта уонча тыһыынчалаах киһи толкуйданар. Оттон оҕо кыһыҥҥы түүлээх бэргэһэтэ (тииҥ) — 7000. Андаатар тириититтэн тигиллибит бэртээхэй бэргэһэни 6.500 ылыахха сөп.

Пуховик да барсар

Пуховиктар да сыаналара “тос” курдук. Хаачыстыбата, халыҥа, матырыйаала учуоттанан эрдэҕэ. Холобур, биэс уон кыраадыс тымныыга диэри кэтиллэр дьахтар балачча уһун соно (пуховига), эр киһи оннук куурката 40–42 тыһ. халбаҥныыллар. Сорох маҕаһыыннарга итинник сыаналаахтарга аахсыйанан уоннуу бырыһыан чэпчэтиилэрдээхтэр. Оттон түөрт уон кыраадыс тымныыга диэри кэтиллэр дьахтар халыҥ (пуховик) сонун 18–23 тыһ. атыыга дэлэй. Эмиэ итинник кыраадыстаах тымныыга кэтиллиэн сөп диэн этэр кууркалара — эр киһи халыҥ истээх (пуховик) кууркатын 40 тыһ. саҕалаан, 30 тыһ. булан ылыахха сөп.

Дьэ онон, сыанабыт бүгүҥҥү көрүүгэ итинник. Кылаабынайа, былааннанан, сыта-тура сыымайдаан, тура-олоро толкуйдаан, маҕаһыыннарга сылдьан сыананы тэҥнээн көрөн баран атыылаһар ордук буолууһу.

Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

20 минут ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

51 минута ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

2 часа ago