Кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чаҕылхай түгэннэрэ

Кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чаҕылхай түгэннэрэ

09.12.2023, 20:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Быйылгы үгэс буолбут «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээл чэрчитинэн «Тоҥ балыгы кыһыы-2023», «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл, «Саха сирин бирилийээннэрэ», хаар-муус оҥоһуктарга күрэс, «Хаарчаана Куо» уо.д.а. кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэргэ үгүс киһи кытынна.

Аан бастаан бу тэрээһин 2011 сыллаахха оччолорго куорат мээрэ Айсен Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ – «Russian Event Awards» Национальнай бириэмийэ событийнай туризм “Норуот үгэстэрин тарҕатар бастыҥ туристическай сабыытыйа” номинациятын Гран-при кыайыылааҕа. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэ­тииринэн, кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ дойду биир саамай элбэх дьону хабар уонна чаҕылхай тэрээһининэн буол­ла. Тэрээһин өрөспүүбүлүкэ брендинэн буолан, туризмы сайыннарыыга саҥа саҕахтары саҕар.

Дойду таһымнанна

Бэстибээл биир сүрүн тэрээһинэ – Дьокуускайга дойду бастакы харыйатын араас уотунан күлүмүрдэтэн сандаардыы федеральнай таһымнаах буолла. Тэрээһин Доҕордоһуу болуоссатыттан саҕаланан, Москваҕа ВДНХ кылаабынай аллеятыгар турбут улахан экраҥҥа куйаар ситиминэн Дьокуускайтан быһа көһүннэ. Онон үгүс ыалдьыт бу тэрээһини кэрэхсээн көрдө. Дьокуускай сүрүн харыйатын кытта биир тэҥҥэ Саха сирин улуустарыгар эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн бары Саҥа дьыллааҕы харыйалар сан­­даардылар. Кылаабынай ал­­леяҕа Саҥа дьыллааҕы 90 күөх харыйа турда. Онтон биирэ – Арассыыйа сүрүн харыйата, 89 – эрэгийиэннэр. Москваҕа ВДНХ-ҕа буолар тэрээһиҥҥэ Тымныы полюһа Өймөкөөн Чысхаана кыттыыны ылла. Онно кини Великай Устюгтан кэлбит Тымныы оҕонньорго Кыһын курустаал символын туттарда.

Саҥа дьыллааҕы Саха сирин сүрүн харыйатын сандаардыы түгэнигэр СӨ Быра­быыталыстыбатын Бэрэс­сэдээтэлэ Кирилл Бычков: “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл – өрөспүү­бүлүкэбит спортивнай, гастрономическай, култуурунай эй­гэлэригэр улахан болҕомто ууруллар кэмэ”, – диэн эттэ.

Саха сирэ дойдуга кыһыны аҕалар суолталаах бы­­рааһынньыга улуустарга уонна киин куоракка Саҥа дьыл­лааҕы тыыны аҕалла.

Өрөспүүбүлүкэ брендэ

Быйыл тэриллибитэ үбү­лүөйдээх 10 сылын бэлиэ­тиир «Cаха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл хайа күн тэриллиэҕиттэн Саха сирин, Сибиир, Арктика, Уһук Илин төрүт норуоттарын аһын-үөлүн билиһиннэрэн кэллэ.

10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэ­тиир “Саха сирин амтана” гастрономическай бэсти­бээл быйылгы уратыларынан дойдуга аатырбыт тэрээһиҥҥэ киин куорат 12 бастыҥ эрэс­тэрээннэрин бүлүүдэлэрин шеф-пуобардар бэйэлэрэ тахсан, астыыр ньымаларын көрдөрө-көрдөрө билиһиннэрдилэр. Быйылгы бэстибээлгэ бочуоттаах ыалдьытынан, дьүүллүүр сүбэ чилиэнинэн Казахстантан «Бамбарбия-Кергуду» эрэстэрээн дириэктэрэ Серикхан Адильханов буол­ла. Урбаанньыт эт бородууктаны астыыр уонна атыылыыр «Айкул» хампаанньаны төрүттээччи, кулина­риянан уонна араас дойду төрүт аһын үөрэтиинэн дьарыктанар.

Быйылгы бэстибээлгэ урукку кыайыылаах эрэстэрээннэр куонкуруска кыттыбатылар. Ол оннугар эрэстэрээн биисинэһигэр саҥа суолларын тэлэн эрэр «Чукча», «Кантри-стейк», «Кабинет» эрэстэрээннэр ааттарын дорҕоонноохтук ааттаттылар.

Олохтоох бородууксуйалары оҥорон таһаарар тэрилтэлэр эрэстэрээн аайы махталынан ааттаннылар. Ол курдук, “Аччыгый ырыынак” пиэрмэр­дэр ырыынактара, «Якутия» ФАПК, «Туймаада» агрохолдинг, Мархатааҕы В.Ф. Кабохин аатынан «Сибирь» племенной сибиинньэни иитэр комплекс, “Саха сиригэр оҥоһулунна” өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын ассоциацията бу тэрээһиҥҥэ спонсор быһыытынан кытыннылар.

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт 10-с үбүлүөйдээх «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл ГРАН-ПРИ кыайыылааҕынан «АВРОРА» эрэстэрээн-комплекса буолла. СӨ Атыы-эргиэн, бырамыысыланнай балаататын “Бастыҥ өҥөнү оҥоруу уонна сервис иһин” анал бирииһин «Аврора» эрэстэрээҥҥэ туттарда. Бу эрэстэрээн шеф-пуобарыгар Виктория Андрееваҕа сонун ураты бүлүүдэни толкуй­даан таһаарбытын иһин тустаах бирииһин «Табачно-кофейный дом» ХЭУо туттарда.

Быйыл куонкуруска кыттыбыт эрэстэрээннэр номинацияларга тигистилэр. Ол курдук, Национальнай бүлүүдэни бэлэмнээһин технологиятыгар уонна Саха сирин норуоттарын куукуналарын үгэстэрин са­­йыннарыыга “Бүлүүдэни амсатыы бастыҥ биһирэмэ” (“За лучшую презентацию дегус­тационного сета”) номина­цияҕа CHUKCHA (“Чукча”) бар-­эрэстэрээн тигистэ. Бу номинацияҕа “Кантри Стейк” эрэс­тэрээн, Национальнай үгэстэри тутуһуу номинациятыгар «Орто дойду» эрэстэрээн бэлиэ­тэннилэр. “За профессионализм” би­­риис «Кантри стейк» эрэстэрээн шеф-пуобарыгар Денис Ильюшиҥҥа тигистэ. Киниэхэ «Новые Люди» баартыйаттан «PALAZZO DUCALE» эрэстэрээҥҥэ (Москва к.) стажировкаҕа барар бирииһи туттардылар.

Олохтоох аһы-үөлү туттан араас бүлүүдэ ырысыабын толкуйдааһын номинацияҕа «Зеленый город» эрэстэрээн тигистэ. Бу эрэстэрээн шеф-пуобара Дмитрий Ким туспа наҕарааданы – «Кабаре» маҕаһыынтан анал тэрил сэртипикээтин тутта.

Бүлүүдэлэрин аныгылыы уратытык толкуйдаан оҥорууга «Кабинет» эрэстэрээн чорбойдо.

Ити курдук, быйыл 10-с үбүлүөйдээх «Саха сирин амтана» гастрономическай бэсти­­бээлгэ кыттыбыт саҥа эрэс­тэрээннэр бэйэлэрин ааттарын дорҕоонноохтук ааттаттылар.

Ювелирдар тэрээһиннэрэ

Судаарыстыбаннай цииркэҕэ “Бриллиантовай бал” тэрээһин буолла. Бу аһымал тэрээһин буоларынан сибээс­тээн, киирбит үбү “Харысхал” Оҕо пуондатыгар туттарыахтара.

Баалга “Дьол тааһа” ювелирнай бренд уобараһын аатыр­быт модельер Августина Филиппова көстүүмнэринэн ойуулаан көрдөрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэ ювелирнай хампаанньалара параадтаан киириилэрэ ураты көстүүнэн буол­ла. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков уонна СӨ Урбаан уонна туризм сайдыытын миниистирэ Тимур Ханды эҕэрдэ тылын эттилэр. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Саха сирин култуууратын уонна креативнай индустриятын сырдатыыга кылаат­тарын иһин ”Күн киһитэ” но­­руот бириэмийэтин киинэ режиссердарыгар, Оскар киинэ бириэмийэтин номинаннарыгар Максим уонна Евгения Арбугаевтарга туттарда.

… Ити курдук “Саха сирэ Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ бэрт тэрээһиннээхтик уонна далааһыннаахтык буолан ааста.

Муус уонна хаар оҥоһуктар күрэстэрэ

«Кыһын Саха Сириттэн саҕаланар» бэсти­бээл чэрчитинэн «Саха сирин бирилийээннэрэ» муус уонна хаар оҥоһуктарга кыайыы­лаахтар уонна призердар ааттара дорҕоон­нохтук ааттанна. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска 20 хамаанда кыттыыны ылла. Кыайыылаахтарга бириистэри уонна Кубоктары Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев туттарда. Бастакы миэс­тэҕэ Дьокуускай куораттан Роман Шадрин уонна Николай Колодезников «Рок» хамаандата «Сулус сыдьаайыыта» композициятынан, хаар оҥоһуктарга Монголияттан Алтанбагана Улзийбаяр «Strongmen» хамаандата «Дьол» үлэтинэн таҕыстылар. Муус оҥоһуктарга бастакы миэстэни Мэҥэ Хаҥалас улууһун уустара Архип Скрябин «Чолбон» хамаандата уонна Үөһээ Бүлүү улууһуттан Николай Петров «Аан дойду портала» үлэлэрэ бэлиэтэннилэр.

Бу тэрээһиҥҥэ 2016 сылтан араас омук дьоно олус сөбүлээн кыттар. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы «Саха сирин бирилийээннэрэ» муус уонна хаар оҥоһуктарга күрэстэ­һиигэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн, Кытайтан уонна Монголияттан кэлэн кытыннылар. Бу суолталаах тэрээһин бэстибээл бырагырааматыгар биир бастакынан киирбитэ.

Тоҥ балык – мааны ас

“Тоҥ балыгы кыһыы” күрэс быйыл Ю.А. Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр буолла. Тэрээһин күрэхтэһээччилэр 16 улуустан уонна киин куораттан кыттыбыт буолан, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнанна. Кыайыылааҕынан Булуҥ улууһун бэрэстэбиитэллэрэ буоллулар. “Дьиэтээҕи үлэ” номинацияҕа – Гагарин уокуруга, “Хаачыстыбалаахтык кыһыы” номинацияҕа – Сайсары уокуруга, “Түргэнник кыһыы” номинацияҕа Усуйаана улууһа кыайыылаахтарынан ааттаннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: