Кыһыны тоҥмокко туораары…
Уһун кыһыннаах, томороон тымныылаах дойдуга олорорбутунан, биһиэхэ кыһыҥҥы таҥаспытын хааччыныы туохтааҕар да наадалаах.
Билигин көрдөххө, ким эрэ эгэлгэ түүлээх саҥыйаҕынан, ким эрэ халыҥ истээх куурканан, пуховигынан кыстыыр. Итилэртэн ким тугу талара, этэргэ дылы, хармаан чарааһыттан-халыҥыттан, туохха анаан кэтэриттэн (күннээҕи сон быһыытынан, успуорка, сынньалаҥҥа, айаҥҥа уо.д.а.) эмиэ тутулуктанан эрдэҕэ.
Биир үтүө күн дьүөгэбиниин кыһыны туоруур куурка ылаары куорат маҕаһыыннарын кэрийдибит. Кини этэринэн, түүлээх соно ыйааһына ыарахана бэрдиттэн, арыый чэпчэки ыйааһыннаах сону дуу, куурканы дуу тургутан көрүөн баҕарбыт.
Биллэн турар, арыый чэпчэки сыаналааҕа дуу диэн “Столичнай” ырыынактан саҕалаатыбыт.
Кытай ырыынагар атыыланар кууркалар үксүлэрэ флис истээхтэр (флис муодаттан таҕыста дииллэр да). Өҥүн, быһыытын-таһаатын, уһунун-кылгаһын – төһө баҕарар талан ылыахха сөп. Кэтэн көрдөххө чэпчэки курдуктар, киһи саннын аһара баттаабаттар. Онон, 8-12 тыһ. солк. тиийэ атыылаһыахха сөп.
Куорат улахан маҕаһыыннарын көрдөххө, сыана араастаһар. Дьиҥэр, арааһа олус элбэҕэ суох, бары биир соҕустар. Холобур, сорох пуховиктар натуральнай истээхтэр, 30 тыһ. солк. тиийэ сыаналаах пуховиктар сорохторо чэпчэтиллэн, 23 тыһ. солк. диэри түспүттэр. Уһун кэмҥэ (рассрочкаҕа) төлөһүөххэ эмиэ сөп.
Норвегияттан аҕалан атыылыыр кууркалара, пуховиктара чэпчэки ыйааһыннаахтар, куба, тэбиэн, куница түүлээх истээхтэр, 45 кыраадыска тиийэ кэтиллэллэр. Сыаналара 15 тыһ. солк. 42 тыһ. солк. диэри халбаҥныыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: