Салгыы
Кыйыга, Чөркөөххө, Боробулга уу түһэн эрэр

Кыйыга, Чөркөөххө, Боробулга уу түһэн эрэр

02.06.2023, 16:53
Вера Матвеева хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн Таатта улууһун Кыйы, Чөркөөх, Боробул сэлиэнньэлэригэр уу таһыма түһэн эрэрэ бэлиэтэнэр.

Ол туһунан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Уу сыһыаныгар уонна сырдатар үлэни ыытыыга департаменын салайааччыта Зинаида Васильева брифиҥҥэ кэпсээтэ.

«Ытык Күөлгэ уу таһыма бэҕэһээҥҥиттэн үрдээбэтэ, 11 ыал тиэргэнин уу ылбыта бэлиэтэнэр. Быыһааччылар салгыы үлэлииллэр. Олохтоох былаас уорганын күүһүнэн дьуһуурустуба олохтонон турар. Анал хамыыһыйа хоромньу тахсыытын ааҕар», – диэтэ Зинаида Васильева.

Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа дааннайынан, СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын биир кэлим диспетчерскэй сулууспаларын иһитиннэриитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ халаан уутун туруга билгэлээһин быһыытынан баран иһэр.

Өлүөнэ өрүскэ муус Булуҥ оройуонунан устар. Уу таһыма нуорма быһыытынан.

Алдан, Амма уонна Бүлүү өрүстэргэ уу таһыма намтыыр. Халыма өрүс мууһа Аллараа Халыма оройуонунан устар. Уу сууккаҕа 10-30 см түһэрэ бэлиэтэнэр. Муус үөһээ кырыыта Аллараа Халыма оройуонун Черскэй бөһүөлэгиттэн аллараа 76 км сиргэ устар.

Дьааҥы  өрүс мууһа Усуйаана оройуонунан устар. Аллараа Дьааҥы бөһүөлэгэр уу таһыма үрдүүрэ, муус көтөҕүллүбүтэ бэлиэтэнэр. Индигиир өрүскэ муус Аллайыаха оройуонунан устар. Чокуурдаах бөһүөлэгин аннынан муус бэс ыйын 3-6 күннэригэр устара сабаҕаланар.

Өлөөн  өрүс уутун  таһыма кутталлаах таһымтан намыһах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 87% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: