«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

14.12.2024, 14:45
Хаартыскалар: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар Руслан Габышевка уонна Александр Чаховка аан бастаан кыл устурууналаах  үстүрүмүөннэри оҥорторон,  «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын иһинэн тэриллибитэ.

Онтон ыла бэлиэр уон сыл ааһа охсубут. Бэҕэһээ, ахсынньы 13 күнүгэр,  Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөх үбүлүөйдээх кэнсиэрэ буолла.

“Кыл Саха”  уратыта – үстүрүмүөннэрэ кыл устурууналаахтар, саха төрүт дорҕоонун, кылыһаҕын чопчу биэрэр уратылаахтар. Артыыстар айылҕаттан айдарыылаах маастар Руслан Габышев көмүс тарбахтарыттан чочуллан тахсыбыт көмүлүөк быһыылаах кылыһахха оонньууллар.  

Бөлөх салайааччытынан СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская ситиһиилээхтик салайа, үлэлии сылдьар. Кини аан бастаан кыл кылыһах тыаһын истэн баран: «Бу дорҕоон өйбүттэн тахсыбат, наар кини матыыбын истэбин, дууһабар чугас, сүрэхпин долгутар, бэйэм идэлээхтэрбин кытта ылсыһан үлэлииһикпин» диэн бигэ быһаарыныыга кэлэн, күн бүгүн кыл устурууналаах үнүстүрүмүөннэргэ эдэрдиин, эмэнниин оонньуур буолбуттарын бүгүҥҥү дьоро киэһэ толору туоһулаата.

10 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэр дьиэрэтии оһуохайынан бэрт сэргэхтик саҕаланна (солист-импровизатор Руслан Габышев). Көрөөччүлэр Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрин  доҕуһуолунан СӨ норуодунай артыыһа, РФ үтүөлээх артыыһа  Дмитрий Артемьев алгыһын ылынан, дьэ, кылыһахтар сахалыы кэпсэтэлэрин истээри налыйан, уоскуйан олордулар (биллиилээх музыковед Аиза Решетникова Руслан Прокопьевич айан оҥорбут кылыһахтарын: “Бу кылыһахтар сахалыы кэпсэтэллэр” – диэн үрдүктүк сыаналаан турар).

“Кыл Саха” үбүлүөйдээх сылынан артыыстары уонна көрөөччүлэри СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы  солбуйааччы Мария Турантаева эҕэрдэлээтэ, бырабыыталыстыба, министиэристибэ наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Кини «Кыл Саха» бөлөх  өрөспүүбүлүкэ атын тыйаатырдарыгар көмөтүн, өйөбүлүн, утум салҕанарын, саха төрүт дорҕооно дойдуга аан дойдуга барытыгар иһиллэрин, төрүт дорҕоону төнүннэрбит норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна Руслан Габышев таҥара бэлэҕэ буоларын    бэлиэтээтэ.

Дьоро киэһэ “Төрүт дорҕооҥҥо айа-тута сылдьар биир санаалаахтар” диэн иккис түһүмэҕин аатыгар да этиллэринии, үбүлүөйдээх кэнсиэркэ улуустартан кыттааччылар кэлбиттэрэ кэнсиэр географиятын кэҥэттэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаата.  Ол курдук, Нам улууһуттан “Нам кылыһах” уонна “Дорҕоон”, Амма улууһуттан “Кыл кылыһах”, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан “Дьиэрэй” дорҕоон бөлөхтөр “Кыл Саха”  доҕуһуолунан көрөөччүлэри дэгэрэҥ эйгэтигэр, алгыс тойугар   бүүс-бүтүннүү киллэрэн ыллылар.

Биир үөрүүлээх көстүүнэн кэнчээри ыччаттарбыт кыл устуруунаҕа  ис-истэриттэн дуоһуйан уонна долгуйан толоруулара, төрүт дорҕоон кинилэр кистэнэ сылдьыбыт дьоҕурдарын уһугуннарбыта  буолла. Ф.И.Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын бөлөҕө (уһуйааччы В.И.Григорьева¸ А.А.Черемных аатынан Амматааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын (уһуйааччы В.А.Неустроев) уонна Покровскайдааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Д.Г.Никифоров), М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин устудьуоннара (уһуйааччы А.И.Томская) биир күн, биир сыанаҕа түмүллэн толоруулара кыл үстүрүмүөн кэлэр кэскиллээҕин кэрэһилээтэ.

Ону сэргэ олус сонун, көрөөччүнү үөһээ халлааҥҥа көтүтэн ылбыт  толоруунан Г.М.Кривошапко аатынан филармония “Арко ARTico” ансаамбыла (сал. Артем Дедюкин) “Кыл Саханы” кытары  С.Зверев-Кыыл Уола “Удаҕанын” уонна Н.Петров “Өрөгөй» ыһыаҕын бииргэ оонньооһуннара буолла. Ол аата быдан дьыллартан кэлбит  саха төрүт дорҕооно симэлийбэккэ, кыл үнүстүрүмүөн доҕуһуолунан ханнык баҕарар үрдүк, академическай, классическай толорууну кытары дьүөрэлэһэр кыахтаах эбит. Аҥаардас ити да толорууттан  “Кыл Саханы” өссө да атын, сонунтан-сонун бырайыактар күүтэллэрин, хайа баҕарар омук сиригэр үрдүк таһымҥа оонньуур кыахтаахтарын көрөөччүлэр бу күн өссө төгүл итэҕэйдибит.

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Саввич Борисов өйөөһүнэн, Руслан Прокопьевич Габышев уонна Александр Иванович Чахов маастардарга аан бастаан кыл устурууналаах  үнүстүрүмүөннэри оҥорторон,  «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын иһинэн тэриллибитэ.

Онтон ыла бэлиэр уон сыл ааһа охсубут. Бэҕэһээ, ахсынньы 13 күнүгэр,  Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөх үбүлүөйдээх кэнсиэрэ буолла.

“Кыл Саха”  уратыта– үнүстүрүмүөннэрэ кыл устурууналаахтар, саха төрүт дорҕоонун, кылыһаҕын чопчу биэрэр уратылаахтар. Артыыстар айылҕаттан айдарыылаах маастар Руслан Габышев көмүс тарбахтарыттан чочуллан тахсыбыт көмүлүөк быһыылаах кылыһахха оонньууллар.  

Бөлөх салайааччытынан СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская ситиһиилээхтик салайа, үлэлии сылдьар. Кини аан бастаан кыл кылыһах тыаһын истэн баран: «Бу дорҕоон өйбүттэн тахсыбат, наар кини матыыбын истэбин, дууһабар чугас, сүрэхпин долгутар, бэйэм идэлээхтэрбин кытта ылсыһан үлэлииһикпин» диэн бигэ быһаарыныыга кэлэн, күн бүгүн кыл устурууналаах үнүстүрүмүөннэргэ эдэрдиин, эмэнниин оонньуур буолбуттарын бүгүҥҥү кэнсиэр толору туоһулаата.

10 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэр дьиэрэтии оһуохайынан бэрт сэргэхтик саҕаланна (солист-импровизатор Руслан Габышев). Көрөөччүлэр Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрин  доҕуһуолунан Дмитрий Артемьев алгыһын ылынан, дьэ, кылыһахтар сахалыы кэпсэтэлэрин истээри налыйан, уоскуйан олордулар (биллиилээх музыковед Аиза Решетникова Руслан Прокопьевич айан оҥорбут кылыһахтарын: “Бу кылыһахтар сахалыы кэпсэтэллэр” – диэн үрдүктүк сыаналаан турар).

“Кыл Саха” үбүлүөйдээх сылынан артыыстары уонна көрөөччүлэри СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Мария Турантаева эҕэрдэлээтэ, бырабыыталыстыба, министиэристибэ наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Кини тыйаатыр атын тыйаатырдарга көмөтүн, өйөбүлүн, утум салҕанарын, саха төрүт дойдуга аан дойдуга барытыгар иһиллэрин, төрүт дорҕоону төнүннэрбит Руслан Габышев баар таҥара бэлэҕэ буоларын    бэлиэтээтэ.

Кэнсиэр “Төрүт дорҕооҥҥо айа-тута сылдьар биир санаалаахтар” диэн иккис түһүмэҕин аатыгар да этиллэринии, үбүлүөйдээх кэнсиэркэ улуустартан кыттааччылар кэлбиттэрэ тэрээһин географиятын кэҥэттэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаата.  Ол курдук, Нам улууһуттан “Нам кылыһах” уонна “Дорҕоон”, Амма улууһуттан “Кыл кылыһах”, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан “Дьиэрэй” дорҕон бөлөхтөр “Кыл Саха”  бөлөх доҕуһуолунан көрөөччүлэри дэгэрэҥ эйгэтигэр, алгыс тойугар  бүүс-бүтүннүү киллэрэн ыллылар.

Биир үөрүүлээх көстүүнэн кэнчээри ыччаттарбыт кыл устуруунаҕа  ис-истэриттэн дуоһуйан уонна долгуйан толоруулара буолла (ол барыта улахан экраҥҥа көстөр). Ф.И.Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын бөлөҕө (уһуйааччы В.И.Григорьева¸ А.А.Черемных аатынан Амматааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын (уһуйааччы В.А.Неустроев) уонна Покровскайдааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын үөрэнээччилэрэ (уһуйааччы Д.Г.Никифоров), М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин устудьуоннара (уһуйааччы А.И.Томская) уонна Тамила Федорова, Александр Иванов биир күн, биир сыанаҕа түмүллэн толоруулара кыл үнүстүрүмүөн кэскиллээҕин кэрэһилээтэ.

Ону сэргэ олус сонун, көрөөччүнү үөһээ халлааҥҥа көтүтэн ылбыт  толоруунан Г.М.Кривошапко аатынан филармония “Арко ARTico” ансаамбыла (сал. Артем Дедюкин) “Кыл Саханы” кытары  С.Зверев-Кыыл Уола “Удаҕанын” уонна Н.Петров “Өрөгөй” ыһыаҕын бииргэ оонньооһуннара буолла. Ол аата быдан дьыллартан кэлби саха төрүт дорҕооно симэлийбэккэ, кыл үнүстүрүмүөн доҕуһуолунан ханнык баҕарар үрдүк, академическай, классическай толорууну кытары дьүөрэлэһэр кыахтаах эбит. “Кыл Саханы” өссө да атын, сонунтан-сонун бырайыактар күүтэллэрин, хайа баҕарар омук сиригэр үрдүк таһымҥа оонньуур кыахтаахтарын көрөөччүлэр бу күн өссө төгүл итэҕэйдибит.

Онтон Руслан Габышев “Анаарыы” (ох саа-кыл) толоруута “Кыл Саха” бөлөх тоҕо тэриллибитин өссө төгүл толкуйдатта, СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Михалева-Сайа “Ох саа” хоһооно өссө дириҥээн  иһилиннэ.

2 чаас кэриҥэ уһуннаах кэнсиэр кыл түгэнин курдук элэс гынан хаалла. Бу кэнсиэри Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, С.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ  “Кыталык” норуот ансаамбылын иһинэн үҥкүү бөлөҕүн, ХИФУ “Уран” үҥкүү бөлөҕүн, АГИКИ “Аар аартык” үҥкүү бөлөҕүн үҥкүүһүттэрэ киэргэттилэр.

Түмүккэ көрөөччүлэр   “Оһуор дорҕооно” килиип сүрэхтэниитин (режиссер уонна оператор Ион Иванов) туоһуларынан буоллулар. Килиип Сергей Зверев-Кыыл Уолун эһиил үбүлүөйдээх сылын көрсө уһулунна.

Кэнсиэр туруорааччы режиссера уонна хореографа – СӨ үтүөлээх артыыһа Изабелла Егорова-Мынай, ыытааччы Олег Колесов-Талбан.

БЫҺААРЫЫ:

Билигин бөлөххө СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская, СӨ култууратын туйгуна Руслан Габышев, СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Томскай – хомус, айаан, ох-саа, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Анюта Иванова – кыл кылыһах, СӨ култууратын туйгуннара Афанасий Федоров — күпсүр, дьаҕа, мас хобо, Вера Григорьева —  кыл кылыһах, Зоя Васильева — кыл кылыһах, таҥсыр, Максим Бордонскай – тойон кырыымпа, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна Дьулустаан Никифоров — кыл кылыһах, ох саа-кыл айа-тута сылдьаллар.  Кинилэр айар үлэлэригэр, тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ Олоҥхо тыйаатырын  артыыстара Вероника Лыткина – хомус, кыл кылыһах, Прокопий Сыроватскай – кыл кылыһах, Айсен Кысылбаиков – кыл кылыһах уонна М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уһуйааччыта Артур Семенов-Тоҥ Саха кытталлар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: