Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун тэтимнээхтик сайынна. 2014 с. СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччолорго миниистир Андрей Саввич Борисов өйөөһүнэн, Руслан Прокопьевич Габышев уонна Александр Иванович Чахов маастардарга аан бастаан кыл устурууналаах үнүстүрүмүөннэри оҥорторон, «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын иһинэн тэриллибитэ.
Бу бөлөх уратыта – үнүстүрүмүөннэрэ кыл устурууналаахтар, саха төрүт дорҕоонун, кылыһаҕын чопчу биэрэр уратылаахтар. Артыыстар айылҕаттан айдарыылаах маастар Руслан Габышев көмүс тарбахтарыттан чочуллан тахсыбыт көмүлүөк быһыылаах кылыһахха оонньууллар. Биллиилээх музыковед Аиза Петровна Решетникова Руслан Прокопьевич айан оҥорбут кылыһахтарын “Бу кылыһахтар сахалыы кэпсэтэллэр” диэн үрдүктүк сыаналаабыта.
Бөлөҕү СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская ситиһиилээхтик салайа, үлэлии сылдьар. Кини аан бастаан кыл кылыһах тыаһын истэн баран: «Бу дорҕоон өйбүттэн тахсыбат, наар кини матыыбын истэбин, дууһабар чугас, сүрэхпин долгутар, бэйэм идэлээхтэрбин кытта ылсыһан үлэлииһикпин» диэн бигэтик быһаарыммыт. Билигин бөлөххө СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Томскай – хомус, айаан, ох саа, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Анюта Иванова – кыл кылыһах, СӨ култууратын туйгуннара Афанасий Федоров — күпсүр, дьаҕа, мас хобо, Вера Григорьева — кыл кылыһах, Зоя Васильева — кыл кылыһах, таҥсыр, Максим Бордонскай – тойон кырыымпа, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна Дьулустаан Никифоров — кыл кылыһах, ох саа кыл айа-тута сылдьаллар. Айар үлэлэригэр, тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Вероника Лыткина (хомус, кыл кылыһах), Прокопий Сыроватскай (кыл кылыһах), Айсен Кысылбаиков (кыл кылыһах) уонна М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уһуйааччыта Артур Семенов-Тоҥ Саха кытталлар.
«Кыл Саха» бастакы айар киэһэтэ 2016 с. муус устарга буолбута. Сылгы сиэлиттэн устурууналаах кыл кылыһах дорҕоонунан доҕуһуоламмыт кэнсиэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан буолбута. 2018 с. ыам ыйыгар Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын сыанатыгар саха үнүстүрүмүөннэрин аркыастыра тэриллибитэ 25 сылыгар анаммыт кэнсиэркэ бөлөх сольнай кэнсиэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик ааспыта. 2018 с. алтынньытыгар «Айархаан» бөлөҕү кытары биир эмиэ умнуллубат «Алгыстаах дорҕоон» бырайыагы көрөөччүлэргэ бэлэх ууммуттара. 2019 с. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бөлөх тэриллибитэ 5 сылыгар анаммыт бастакы сольнай кэнсиэр толору сааланы муспута. 2022 с. бөлөх Санкт-Петербурга, Шереметьев Дыбарыаһыгар Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин бырайыагын чэрчитинэн сольнай кэнсиэр көрдөрбүтэ.
2024 с. Казахстаҥҥа Саха сирин күннэригэр Ыхлаас аатынан казах омук муусука үнүстүрүмүөннэрин түмэлигэр эмиэ биир истиҥ кэнсиэри көрдөрбүттэрэ.
2016 с. Туймаада ыһыаҕа аһыллар сиэригэр-туомугар бэйэлэрин үөрэнээччилэрин кытары кыл кылыһахха дорҕоон таһааран, үөрүүлээх быһыыны-майгыны бэлэхтээбиттэрэ.
Бөлөх репертуара киэн — саха норуота үгэс буолбут муусуката, ырыа уонна үҥкүү муусуката, хампаһыытардар айымньылара. Кыл кылыһах муусуката тыйаатыр «Куллустай Бэргэн», «Манчаары», «Үрүҥ Күн Оҕолоро», «Хара саһыл», «Ситим» испэктээктэргэ дорҕоонноохтук иһиллэр. «Кыл Саха» муусукатын Саха уонна Олоҥхо тыйаатырдарын испэктээктэригэр туһаналлар. Бу сыллар усталарыгар бөлөх үгүс кэнсиэртэргэ, этно-толорооччулар сольнай бырайыактарыгар, Христофор Максимов аатынан пуонданы, «Эрэл», «Айархаан» бөлөхтөрү, суруйааччылары, худуоһунньуктары, үҥкүү уонна фольклор кэлэктииптэрин кытары үлэлэһэн кэллэ.
Бөлөх – С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылааҕа (Сунтаар, 2015 с.), Норуоттар икки ардыларынааҕы этническэй муусука «Мир Сибири» бэстибээл «Премия мира» лауреата (Красноярскай кыраай, 2017 с.), «Палитра талантов» Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх Гран-Притын хаһаайына (2020 с.), «Золотая лира» Норуоттар икки ардыларынааҕы ускуустуба уонна айар үлэ I үрдэлин лауреата (2021 с.), Simphony of Talents Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх I үрдэлин лауреата, «Пробуждение» Норуоттар икки ардыларынааҕы ускуустуба уонна айар үлэ I үрдэлин лауреата (2022 с.), «Страна талантов» Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх I үрдэлин лауреата.
«Кыл Саха» — «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы оҕо успуордун VI оонньууларын чэрчитинэн, «Встреча шедевров ЮНЕСКО на земле Олонхо» III Норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһин (Дьокуускай, 2016 с.), «Ердынскай оонньуулар» Норуоттар икки ардыларынааҕы VI этнокультурнай бэстибээл (Иркутскай уобалас. Ольхон оройуона, 2017 с.), Арассыыйа-Кытай ЭКСПО Норуоттар икки ардыларынааҕы атыы-экэниэмикэ дьаарбаҥкатын (Кытай, Харбин, 2019 с.), РФ Тас сибээскэ министиэристибэтигэр Саха сирин күннэрин култуураҕа бырагыраамматын (2022 с.), Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин, Петербургтааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ пуорумун чэрчитинэн Хотугу норуоттар икки ардыларынааҕы «Душа России» култуура бырагыраамматын (2023 с.), СӨ ВДНХ Арассыыйа быыстапка пуорумун чэрчитинэн култуура бырагыраамматын (2023 с.), Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин (2024 с.) кыттыылааҕа.
Саха кыл кылыһах үнүстүрүмүөнэ сайдарын туһугар билигин элбэх хабааннаах үлэ бара турар. М.Н.Жирков аатынан муусука кэллиэһигэр, култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар кыл кылыһахха үөрэтэр дьиссипилиинэ киирбитэ. «Кыл Саха» муусукааннара маастар-кылаастары былааннаахтык тэрийэн ыыталлар. Кыл кылыһахха толоруу үгэстэрин сайыннарарга 2018-2030 сс. саха устурууналааах үнүстүрүмүөннэрин чөлүгэр түһэрии, харыстааһын, сайыннарыы Кэнсиэпсийэтэ сүрэхтэммитэ ( ааптардар Томская А.И., Шамаева М.И.). 2021 с. Анна Томская «Кылыһах кырыымпа» хомуурунньуга тахсыбыта. Онно кини «Школа игры на якутском струнно-смычковом инструменте кыл кылыһах» диэн үөрэтэр ньымата киирбитэ. 2016 с. «Кыл кырыымпа» бастакы альбом, 2018 с. «Кыл Саха» CD-диискэ тахсыбыттара. Үҥкүү кэлэктииптэригэр фонограммалар уһуллубуттара. 2019 с. С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар «Алгыстаах дорҕоон» килиип уһуллубута. «Кыл Саха» муусуката уус-уран, документальнай киинэлэргэ, араадьыйа, тэлэбидиэнньэ биэриилэригэр иһиллэллэр. Бөлөх үлэтин Арассыыйа, Германия, Турция ханааллара уһулбуттара.
«Кыл Саха» төрүттэммитэ 10 сылыгар анаан, СӨ Уустарын сойууһа (сал. Готовцев Р.И.), «Чороон» норуот ремеслотун харыстааһын уонна сайыннарыы киинэ (сал. Попова С.Т.), Ил Түмэн дьокутаата Жирков А.Н., СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин өйөбүллэринэн, «Мас уустарын тойуга» өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бастакы күрэх ыытылынна. Кулун тутарга С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан СӨ Үҥкүүтүн тыйаатыра кыл кылыһахха толорор кыттааччыларга бастакы аһаҕас күрэҕи тэрийбитэ. Ааспыт сайын Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар Анна Томская салалтатынан кыл кылыһахха күрэх иккис төгүлүн буолан ааспыта.
Бу дьыл ахсынньы 13 күнүгэр «Кыл Саха» бөлөх тэриллибитэ 10 сылыгар анаан, «Кыл Саха оһуордара» улахан кэнсиэр буолар. Бөлөх артыыстара айар куттаах идэлээхтэрин кытары улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…
Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…
Ыйытыы: Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр. Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…
Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…
Айсен Николаев оробуочай сырыынан Кыргызстааҥҥа тиийдэ. Ил Дархан Бишкек куоракка биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Максим Аммосов…