Салгыы
Кыл түгэнэ дьылҕаны быһаарар! Саахал аҕыйыахтааҕар тоҕо элбиирий?

Кыл түгэнэ дьылҕаны быһаарар! Саахал аҕыйыахтааҕар тоҕо элбиирий?

26.08.2024, 19:30
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Суолга сэрэхтээх буолуу, быраабыланы тутуһуу туһунан сатыы да сылдьар, уруулга да олорор киһи өрүү өйдүөхтээх. Кыл түгэнэ киһи дьылҕатын быһаарар. Арассыыйаҕа күн ахсын суол быһылааныгар, статистика көрдөрөрүнэн, сүүһүнэн киһи суорума суолланар.

Саха сиригэр, биһиэхэ, сыл саҕаланыаҕыттан дьон эчэйиилээх, өлүүлээх улахан саахаллар буолбуттара…

Ааспыт сыл түмүгүнэн сыыппаралар

Ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ суолга тахсар саахал ахсаана, 2022 сылга тэҥнээтэххэ, 9,7% үрдээбит.  Ол курдук, ааспыт сыл 806 суол быһылаана тахсыбыт. Ити саахалга уопсайа 69 киһи тыына быстыбыт, 1066  киһи эчэ­йбит. Мантан  236 түгэн – сатыы хааман иһэр дьону түҥнэри көтүү, онно сэттэ киһи суорума суолламмыт. 180 түгэн Дьокуускайга бэлиэтэммит. Олортон 50-на светофорга суолу туоруур сиринэн истэхтэринэ тахсыбыт.

Суол саахалын сүрүн төрүө­түнэн арыгы иһэн баран уруулга олоруу, ык­­саан утары суолга тахсан биэрии эбэтэр суол быраабылатын билбэт буолуу буолаллар. Үгүстүк Дьокуускай, Нерюнгри, Мииринэй уонна Горнай оройуоннарын суолларыгар бэлиэтэнэр. Куораттар, нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларыгар, ону сэргэ федеральнай улахан суолга  элбэх саахал тахсар. Саахал сыл ахсын Дьокуускайга элбээн иһэрин сыыппара көрдөрөр: 2021 cылга – 369, 2022 сылга – 370, 2023 сылга – 492, ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар суол саахалын 61,1%. Сыл саҕаланыаҕыттан икки ый устата өрөспүүбүлүкэҕэ сатыы дьон эчэйиилээх 30 cуол быһылаана тахсыбыт, түөрт киһи тыына быстыбыт. Бу 30 быһылаантан 25 – Дьокуускайга. Эмсэҕэлээбит дьонтон биэһэ – оҕо.

Тоҕо сыыппара аҕыйыахтааҕар элбиирий? Судургутук быһаардахха, сыл ахсын куоракка тиэхиньикэ ахсаана эл­­биир. Массыына ыытар быраа­бы туттаран ылааччы үксүүр. Урут Саха сиригэр массыына­лаах ыал аҕыйах, тарбахха баттанар эбит буоллаҕына, билигин ыал ахсын иккилии, үстүү массыыналаахтар. Ол иһин тэрилтэлэр, маҕаһыыннар, атыы-эргиэн кииннэрин таһыгар массыына туруорар сир тиийбэт кыһалҕата. Суол, уулусса кытыытыгар тохтоон турар үгүс массыына мэһэйдээн саахал төрдө эмиэ буо­луон сөп.

Аҕыйах сөкүүндэ дьылҕаны…

Саас халлаан сылыйан, сатыы киһи ахсаана элбиир. Ону сэргэ кыһын тоҥон турбут массыыналар тахсаллар. Массыынанан сылдьыы – улахан эппиэтинэс. Массыына ыытар быраабы чиэһинэйдик үөрэнэн, эрэйинэн эксээ­мэн туттаран ылбыт киһи суол­га быдан эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара биллэр. Киһи өлүүтүгэр буруйдаах буолууттан хас биирдии уруулга олорор киһи куттаныахтаах. Уруулга олорон ыксаан түргэтээһин, кыһыл уокка кыл түгэҥҥэ ыстаннарыы иэдээҥҥэ тиэр­диэн сөбүн хас биирдии суоппар өйдүөхтээх. Аҕыйах сөкүүндэ киһи дьылҕатын быһаарар… Билигин саас буолан олус халтараан. Күнүһүн ириэрэр, түүнүн тоҥорор. Маннык кэмҥэ суоппардар уонна сатыы сылдьааччылар ордук сэрэхтээх буолуох­таахтар.

Суол кытыытыгар «парковка» көҥүллэммэт

Суол кыараҕас, массыына элбэх, тэрилтэлэр, атыы-эргиэн кииннэрин иннигэр массыына турарыгар миэстэ тиийбэт. Госавтоиниспиэксийэ управлениетын салайааччыта Александр Архипов иһитиннэрбитинэн, маннык тохтоон турар тиэхиньикэлэргэ ыста­раап олохтонор. Өскөтүн, суоппар иккиһин бу быраабыланы кэһэр түгэнигэр, массыынатын эвакуаторынан тиэйэн бараллар.

Бу сыл икки ыйдааҕы түмүгүнэн,  суолга быраабыланы кэһии 60700 түгэнэ бэлиэтэммит, онтон 20 тыһыынчата – аһары түргэнник сылдьыы. Ону таһынан, сыл саҕаланыаҕыттан 400 суоппар арыгы иһэн баран уруулга олорбута биллибит. Олортон 40 киһи иккис­тээн маннык туруктаах уруулга олорбута быһаарыллыбыт. Бу суоппардар дьайыыларыгар РФ Холуобунай кодексатын 264.1 ыст. буруйу оҥоруу састаа­ба көрүллэр. 939 киһи төрүт да суоппар бырааба суох уруулга олорбут, онон эппиэтинэскэ тардыллыбыт.

Болҕомтолоох буолуу ирдэнэр!

Суолга сэрэхтээх буолуу ордук биһиэхэ, Саха сирин олох­тоохторугар, улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, күһүн-саас ириэ­рэр, тоҥорор, тыалырар. Айылҕа уларыйыылара суолбутугар улахан дьайыыны оҥороллор. Кэмигэр уларытыллыбатах көлүөһэ, халтараан суол, аһары түргэнник сылдьыы иэдээҥҥэ тиэрдиэхтэрин сөп. Суол быраабылатын билии уонна массыынаны ыытыы тутах дии саныыбын. Сатыы сылдьар дьон, суоппардар ханнык да түгэҥҥэ сэрэхтээх буолуохтарын наада. Ыксаан иһэр оҕо эмискэ сүүрэн тахсыан, суолу туораан иһэр аҕам саастаах киһи халтарыйыан сөп. Онон суолга саахал аччыыра икки өттүттэн улахан тутулуктаах буоларын умнумаҥ. Уруулга олорор, быраабыланы билэр буоллуҥ да эйиэхэ өрүү күөх уот диэн толкуйдуур сыыһа, саамай сүрүнэ – ускуораһы тутуһуу уонна болҕомтолоох буолуу.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: