Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1978 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар, оскуола боруогун аан бастаан атыллаабыттара 55 сылын, Дьокуускай куорат Сынньалаҥ пааркатыгар анаан көрсөн бэлиэтээтилэр.
Тэрээһин туһунан Нам улууһун Хамаҕаттатыттан Мария Аманатова-Сандаара Баат маннык кэпсээтэ:
— Көмүс күһүҥҥэ киһи дууһата сааһыланар, сырдыкка талаһар. Үөлээннээхпит Людмила Бурнашова тэрийиитинэн Дьокуускай куорат пааркатыгар 1978 сыл выпуһа анаан бэлэхтээбит беседкабытыгар көрүстүбүт. Бэйэбит айбыт өрөгөй ырыабытын ыллаан, Ытык маска баҕа санаалаах салама иилэн тэрээһиммитин арыйдыбыт. Көрсүһүүнү куоракка тэрийиибит төрүөтэ — элбэх киһи сылдьыа диэн. Айылҕаҕа тэрийдэххэ, көлөтө суох киһи сылдьыбакка хаалар. Онон бу көрсүһүүгэ 12 улуустан отучча киһи кыттыыны ылла.
Тэрээһиммитигэр араас куонкурустары толкуйдаабыппыт. Ол курдук, «Улахан курууска» аахсыйаны тэрийэн, 20 киилэ отону хомуйдубут.
Отоммутун биир санаанан өрөспүүбүлүкэтээҕи Коррекционнай оскуола-интэринээккэ туттардыбыт.
Тэрээһиҥҥэ сылдьыбатах дьон ити ахсыйаҕа «биһиги эмиэ салгыы кыттыахпыт» диэн баҕа санааларын эппиттэрэ, онон үтүө дьыалабытын салгыы ыытабыт.
Көрсүһүүбүтүн «Көмүс күһүн сэлээппэтэ» киэргэттэ. Кэрэ түгэни бэлэхтээбит куонкуруска бэйэтин уһаайбатыттан хомуйан киэргэппит сэбирдэхтэринэн, отоннорунан оҥорбут Любовь Семенова кыайыылааҕынан буолла.
Роман Хойутаанап үөрэнээччилэрин оҕуруонан маастар-кылааһын быыстапката, Вера Протопопова эмтээх чэй отторун аҕалан билиһиннэрдэ, сылаас чэйинэн күндүлээтэ. Любовь Семенова Саха сирин араас үүнээйилэриттэн барыанньалары оҥорон аҕалан амсатта. Людмила Бурнашова сахалыы саламаатынан, баахыланан уонна оҕуруот аһыттан оҥорбут салаатынан, сыырдаах рулетынан күндүлээтэ уонна салаат ырысыабын тэрээһиҥҥэ кэлбит үөлээннээхтэригэр аккырыыкка оҥорон бэлэхтээтэ.
Дьоллоох оҕо сааспыт, эдэр сааспыт кэрэ кэмин оонньууларын оонньоон, ырыаларын ыллаан санаабыт көнньүөрдэ, үөрдүбүт-көттүбүт. Киһи сааһыттан тутулуга суох бу курдук ахтылҕаны таһаарара, кэрэхсэбиллээх тэрээһини тэрийэрэ олус наадатын 1978 сыллаах выпустар бэйэбит холобурбутугар көрдөрдүбүт.
Быйылгы көмүс күһүнү туһалаахтык уонна кэрэхсэбиллээхтик көрсүүбүт олохпут биир чаҕылхай түгэнинэн буолара саарбаҕа суох.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…