Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда.
»Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар кэнсиэрэ буолла.
Эдэр ырыаһыт эт куолаһынан сүүрбэччэ ырыаны ыллаата. Кэнсиэр аҥаара Нам улууһун аркыастырын тыыннаах доҕуһуолунан ааста.
‘»Ыллаа, ыллаа, гитарам», »Күөгэһэр лабаалар», »Ийэбэр», »Учуутал убайбар», »Үчүгэйдик даҕаны имэрийэ көрөҕүн», »Туой Хайам», »Кыыс Амма», »Быраһаай, күөх сайын», »Море, о море», »Бүлүү эбэм», »Кыысчааммар», »Сандаарыйар киэҥ Бүлүүм»…
Бииртэн биир иэйиилээх, саха дьонун кутун туппут ырыалар кыырайа көтөн истилэр. Маны тэҥэ, нууччалыы, омуктуу ырыалар эмиэ бааллар.
Иоганн бу лирическэй, уйан иэйиилээх, нарын-намчы, урукку кэм дьүрүскэн ырыаларын ыллыыра мээнэҕэ буолбатах. »Атын ырыалары истибэппин, тоҕо диэтэр, урукку кэм ырыалара миэхэ ордук чугастар’‘, — диэн ырыаһыт этэр.
Бу орто дойдуга баар кэрэлэртэн биирдэстэрэ ырыа, муусука буолар. Онтон Айыылартан »ыллаан баран, кэлээр» дэппит айдарыылаах, айылҕаттан маанылаппыт көмүс куоластаах ырыаһыт ыллаатаҕына, киһи кута-сүрэ кый үрдүккэ өрө көтөр, умсулҕан дьүрүскэҥҥэ сууланан, кэрэҕэ тиксибит курдук буолар.
Ол да иһин саха ырыаны өрө тутар, ырыаны таптыыр, сүгүрүйэр, былыр-былыргыттан уостан-уоска түһэрэн илдьэ сырыттаҕа.
Эдэр ырыаһыт айар кэнсиэрин оҥорорун кини талааныгар сүгүрүйээччилэрэ өр күүппүттэрэ. Онон Иоганн икки кэнсиэригэр дьон толору мустан, хас ырыатын дохсун ытыс тыаһынан, »бис», »браво» хаһыынан доҕуһуоллаатылар. Уолбут куолаһа ыллаатаҕын аайы чөллөрүйэн, эгэлгэ дэгэттэнэн, күүһүрэн истэ. Аан дойду ааттаахтара ыллаабыт ырыаларын дуораһытан кэбистэ.
Биир дойдулаахтара Кылаан Кындыл, опера ырыаһыта Мария Михайлова ырыаларын бэлэхтээтилэр. »Эрэл» үҥкүү ансаамбыла үҥкүүнэн киэргэттэ.
Дойдутун, Бүлүү Тылгынытын дьоно-сэргэтэ күргүөмүнэн тахсан, эҕэрдэлээтилэр. Уолларыгар салгыы сайдарыгар, улахан куонкурустарга кыттарыгар анаан 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти, харысхалы уонна дойдутун барыанньатын бэлэхтээтилэр.
Эдэр киһини улаханнык быһа этэн кэбиспэккэ, инники айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт!
Ангелина Васильева.
Ааптар түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: