Салгыы
Кылаан Кындыл: «Киһи өбүгэлэрин билиэхтээх»

Кылаан Кындыл: «Киһи өбүгэлэрин билиэхтээх»

03.10.2024, 19:19
Хаартыска: "Добун" устуудьуйа.
Бөлөххө киир:

Бүлүүттэн төрүттээх ырыаһыт, урбаанньыт Кылаан Кындыл кэнники кэмҥэ өбүгэлэрин олохторун, төрүччүлэрин үөрэтэр. Кэлин биллибитинэн, кини аҕатынан эһэтэ Сунтаартан төрүттээх эбит.

Хаартыскаҕа: дьиэ кэргэнэ.

Кылаан Кындыл кыратыттан ийэ, аҕа сылаас тапталын билбэккэ улааппыта, эбэтигэр иитиллибитэ. 9-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, эбэтэ күн сириттэн күрэммитэ. Кыра эрдэҕиттэн харса суох үлэлээн, үөрэнэн, ким да бэлэмигэр эрэммэккэ,   киһи-хара буоларга дьулуурунан, бэйэтин кыаҕынан ситиспитэ диэттэххэ, сыыһа буолбат. Устудьуоннуу сылдьыаҕыттан ырыа алыптаах умсулҕаныгар умсубута, бэйэтэ ырыа айар буолбута, урбаан эйгэтигэр да холоммута.

Улаатан баран, аҕатынан эбэтин төрүттэрин — Кындыллары кытта билсэн, 2018 сыллаахха дьиэ кэргэнинэн араспаанньаларын Кындыл диэн уларыппыттара. 18-с үйэҕэ олорон ааспыт өбүгэлэрин аатынан. Абаҕата, норуодунай суруйааччы Баһылай Сиипсэп кинини Кылаан диэн ааттаабыта. Онон пааспарыгар Кындыл Кылаан Албан Уола диэн суруйтарбыта, кэргэнэ, оҕолоро эмиэ араспаанньаларын уларыппыттара.

– Тулаайахпын-тулаайахпын диирим да, аймаҕым өрөспүүбүлүкэ аҥаара буолан тахсыыһы. Учуонай Юрий Васильев-Дьаргыстай биһиги аймах төрүччүбүтүн архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥорбута, чинчийбитэ. Манна Исидор Барахов, Гавриил Чиряев, Иван Гоголев-Кындыл, Николай Якутскай, Василий Сивцев, Федот Тумусов, о.д.а. ыйылла сылдьаллар. Бары биир төрүттээх эбиппит, — диэн кини кэпсиир.

Салгыы ийэтин өттүнэн кэбээйилэри, аҕатын өттүнэн сунтаардары кытта билсибитэ. Кини эһэтэ Сунтаарга биир бастакынан үөрэҕи-билиини тарҕаппыт, сайыннарбыт Колесниковтартан хаан тардар эбит. Билигин Сунтаарга Колесниковтар быһаччы сыдьааннарыттан Колесниковтар, Васильевтар, Тимофеевтар, Лазаревтар, Сергеевтэр, Ивановтар, Дормидонтовтар бааллар. Бу аймахтарын кытта саҥардыы билсэн эрэр. Кыһын Сунтаарга кэнсиэртии барарга бэлэмнэнэр.

Кылаан Кындыл этэринэн, кини кыра эрдэҕиттэн ырыанан, төрүт култууранан умсугуйуута оһуокай оонньуулаах, кылыһах тойуктаах Олоҥхо дойдута Сунтаартан хаан тардарын билэн, соһуйбут. Ийэтин өттүттэн ырыаһыт дьон суох. Онтон Сунтаардааҕы аймахтарыгар ырыаны-тойугу өрө туппут дьон элбэх эбит.

— Киһи өбүгэлэрин билиэхтээх, хайдах-туох дьон олоро сылдьыбыттара, туох дьоҕурдаахтара барыта эйиэхэ хаанынан бэриллэр. Ол да иһин былыр киһини көрсөөт: «Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин? Ханнык киһи удьуора буолаҕын?» — диэн ыйыталлар эбит. Өбүгэлэр киһиэхэ силис, тирэх буолаллар, чахчы-бааччы күүс-уох биэрэллэр, — диэн кини этэр.

Ырыаһыт алтынньы 5 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «Таптаспыт күһүммүт кэллэҕэ» диэн ааттаах төрдүс айар киэһэтин тэрийээри сүүрэ-көтө сылдьар. Истиҥ иэйиилээх кэрэ киэһэҕэ норуот тапталлаах ырыаһыта Сиэйэ Уола, дьон кутун туппут күүстээх куоластаах Иоганн Матвеев, аан дойдуга аатырбыт «АЙАРХААН» этно-бөлөх, «КҮН ӨРКӨН» үҥкүү ансаамбыл кыттыахтара.

+1
25
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: