Салгыы
Кылаан Кындыл: “Олоххун бэйэҥ оҥостоҕун”

Кылаан Кындыл: “Олоххун бэйэҥ оҥостоҕун”

13.10.2024, 15:00
Хаартыска: Кылаан Кындыл архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта ырыаһыт, урбаанньыт, СӨ култууратын туйгуна Кылаан Кындыл төрдүс кэнсиэрэ буолан ааста. Кинини кытта атах тэпсэн олорон, олох, айар үлэ, дьиэ кэргэн туһунан кэпсэттибит.

Кыратыттан ийэ, аҕа сы­­лаас тапталын билбэккэ улааппыта, эбээтигэр иитиллибитэ. Аны хороччу улаатан эрдэҕинэ, эбээтэ күн сириттэн күрэммитэ. Кыра эрдэҕиттэн харса суох үлэлээн, үөрэнэн, ким да бэлэмигэр эрэммэккэ, киһи-хара буоларга дьулуурунан, барытын бэйэтин кыаҕынан ситиспитэ диэтэххэ, сыыһа буолбат.

Устудьуоннуу сылдьыаҕыттан ырыа алыптаах умсулҕаныгар умсубута, бэйэтэ ырыа айар буолбута, урбаан эйгэтигэр да холоммута.

Аҕата кинини ииппэтэх, онуоха хоргуппакка, өс туппакка, улаатан баран, айбытын аймахтарын билсэн, төрүттэрин үөрэтэн барбыта. Аҕатынан эбээтин аймахтарын –  Кындыллары кытта билсэн, 2018 сыллаахха дьиэ кэргэнинэн араспаанньаларын Кындыл диэн уларыппыттара. 18-с үйэҕэ олорон ааспыт өбүгэлэрин аатынан. Абаҕата, норуот суруйааччыта Баһылай Сиипсэп кинини Кылаан диэн ааттаабыта.

– Тулаайахпын диирим да, аймаҕым өрөспүүбүлүкэ аҥаа­ра буолууһу. Учуонай Юрий Васильев-Дьаргыстай биһиги аймах төрүччүбүтүн архыып докумуоннарыгар олоҕуран чинчийбитэ. Манна Исидор Барахов, Гавриил Чиряев, Иван Гоголев-Кындыл, Николай Якутскай, Василий Сивцев, Федот Тумусов, о.д.а. улууканнаах дьоммут ыйылла сылдьаллар. Бары биир төрүттээх эбиппит. Онно убайым “өбүгэлэриҥ ааттарын тилиннэр” диэн сүбэлээбитин ылыммытым, — диэн кини кэпсиир.

Салгыы ийэтин өттүнэн кэбээйилэри, аҕатын өттүнэн сунтаардары кытта билсибитэ. Ийэтинэн эһээлээх эбээтэ Кэбээйигэ, Таас Тумуска, Сангаарга олорбуттар, балыкка үлэлээбиттэр. Онон кэбээйилэр бэйэлэрин уоллара кэлбитин курдук, наһаа үчүгэйдик көрсөллөр, аймахтара да элбэхтэр.

Оттон аҕатынан эһээтэ Сунтаарга биир бастакынан үөрэҕи-билиини тарҕаппыт учуутал Колесниковтартан хаан тардар эбит. Билигин Сунтаарга Колесниковтар быһаччы сыдьаан­нарыттан Колесниковтар, Васильевтар, Тимофеевтар, Лазаревтар, Сергеевтэр, Ивановтар, Дормидонтовтар бааллар. Бу аймахтарын кытта быйылгыттан саҥардыы билсэн эрэр. Кыһын Сунтаарга кэнсиэртии барарга бэлэмнэнэр.

Кылаан Кындыл кыра эрдэҕиттэн ырыанан, төрүт култууранан умсугуйуута оһуо­хай оонньуулаах, кылыһах тойуктаах Олоҥхо дойдута Сунтаартан хаан тардарын билэн, соһуйбут. Ийэтин өттүттэн ырыаһыт дьон суох. Оттон Сунтаардааҕы аймахтарыгар ырыаны-тойугу өрө туппут, култуураҕа сыһыаннаах дьон элбэх эбит.

— Киһи өбүгэлэрин билиэх­тээх, хайдах-туох дьон олоро сылдьыбыттара, туох дьоҕурдаах­тара барыта эйиэ­хэ хаанынан бэриллэр. Ол да иһин былыр киһини көрсөөт: «Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин? Ханнык киһи удьуора буолаҕын?» — диэн ыйыталлар эбит уонна туох киһитин тута билэллэр. Өбүгэлэр киһиэхэ силис, тирэх буолаллар, чахчы күүс-­уох биэрэллэр, көрө-истэ сылдьаллар диэн итэҕэлбитигэр да баар. Эн бэйэҕэр эрэ буолбакка, оҕолоргор, сиэннэргэр эмиэ ол күүс бэриллэн бара турар буоллаҕа, — диэн кини этэр.

“Ырыа уонна успуорт көмөлөһөр”

–  Эн ааккын уларыппытыҥ кэннэ олоҕуҥ уларыйда дуо?

–  Устудьуоннуу сылдьан, ыллыыр этим. Онтон өр соҕус тохтуу сылдьыбытым, урбаан эйгэтигэр хас да хайысхаҕа үлэлиибин, онно элбэх сыра, бириэ­мэ барар. Ааппын уларыппытым кэннэ айар үлэм күүһүрэн кэлбитэ. Дьикти үчүгэй дорҕооннор, саҥа ырыалар айыллан тахсыбыттара. Онтон ырыалар, килииптэр уһулланнар, бу төрдүс айар кэнсиэрбин тэрийдим. Маны тэҥэ, өбүгэлэрбин кытта ситимим күүһүрбүт курдук.

–  Олоххо бэйэҥ аналгын хаһан өйдөөбүккүнүй?

–  Айар эйгэҕэ дьэ киирэн, күүскэ ылсан эрэбин диибин. Уруккуттан ыллыы сылдьар курдукпун эрээри, аралдьыйарым элбэх этэ. Хас биирдии киһи ананан кэлбит суоллаах. Ону билбэккэ, атынынан дьарыктана сатыыр, сыыһа баран иһэр буоллаҕына, туга да сатаммат буолар, ону өбүгэлэрэ тохтото, суолун буллара сатыыллар. Барыта табыллар, сатанар буоллаҕына, ол аата, эн сүнньүгүн булбуккун. Биир суолу булан, олоххун онно аныахтааххын, ол хайысхаҕар сайдыыны, саҥаны киллэриэхтээххин. Миэхэ ол кэмим кэлбит, ону өйдөөтүм.

Миигин эстрада ырыаһытын эрэ курдук билэллэр. Ол эрээри, идэлээх дьон, саха төрүт култууратын илдьэ сылдьар, ытыктыыр дьонум “сахалыы ырыаҕын-тойуккун са­­йыннар” диэн такайа сылдьаллар. Былыр-былыргыттан кэлбит, канон быһыытынан халбарыйбат сокуоннардаах ээ. Ыллыҥ да алгыс этэн барбаккын. Халлаантан туох да бэйэтэ түһэн биэрбэт. Уһуйааччыларгар үөрэнэн, хааҥҥар баары искиттэн таһаа­ран, сайыннараҕын. Бу кэнсиэр­бэр алгысчыт, тойуксут, оһуохайдьыт быһыытынан арылынным. Маны салгыы са­­йыннарыам.

Хаартыска: Кылаан Кындыл архыыбыттан.

– Хас биирдии киһиэ­хэ санаа түһэр, туох да сатаммат түгэнэ баар буолар. Оннук ыарахан түгэҥҥэ бэйэҕэр хайдах көмөлөһөҕүн?

–  Итинник түгэннэр киһиэ­хэ барытыгар баар буолаллар. Өрүү үөрэ-көтө сылдьыбаккын, олох диэн түһүүлээх-тахсыы­лаах. Итинник түгэҥҥэ ыл­­лаан-туойан аһарынабын уонна миэхэ успуорт наһаа көмөлөһөр, эппин-хааммын уһугуннарар. Харбыыбын уонна уһун сирдэргэ сүүрэбин. Сүүрүү Саха сиригэр күүскэ сайдан эрэр көрүҥ. Санааны көтөҕөр эрэ буолбатах, доруобуйаны тупсарар.

Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор. Олох бэлэмҥэ улааппатах киһибин. Кимтэн да бэлэми кэтэспэккэ, сүүрдэххэ-көттөххө эрэ ситиһэҕин диэн эрдэ өйдөөн, ыарахаттартан сынтарыйбакка, олоххо бэлэмнээх буола улаатаҕын.

Бастакы көрүүттэн таптал

Күһүн үөрэх дьыла саҕаланан, саҥа оҕолор кэлбит кэмнэрэ этэ. Кини 4-с куурус­ка культурология салаатыгар үөрэнэрэ. Биирдэ үөрэнэр куор­пуһугар киирэн иһэн, биир кыыһы кытта уун-утары көрсө түспүттэрэ. Кыыс хап-хара харахтара тэһэ көрөн, сүрэҕэ хамсаан ыларга дылы гыммыта. Ол бастакы көрүүттэн таптал этэ. Тута сүрэх ууллара диэни онно билбитэ. Оннук таалан туран хаалбыта…

Ол кыыс санаатыттан тахсыбатаҕа. Утуйаары сыттаҕына, хап-хара харахтар көстөллөрө, эмиэ да таайтарардыы, угуйардыы тырымныыр, дьолу эрэннэрэр курдуктара. Сүрэҕэ минньигэстик ньүөлүйэрэ.

Кыыһы көрдөөн буларга санаммыта, күн аайы үөрэҕэр кинини көрүөм диэн барара. Кини дьолугар, кыыс саха салаа­тыгар саҥа үөрэнэ кэлбит этэ. Онон сотору кэминэн факультекка көрсөн, билсэн, син балачча өр “эккирэтэн” кыыс иннин ылан, эдэркээн сүрэхтэр таптал уотугар умайбыттара.

Ол саҕана төлөпүөн диэн саҥа үөдүйэр кэмэ этэ, устудьуон­нарга суоҕа. Былыргылыы саппыыска суруйсан, кичэл ис санааларын, туҥуй сүрэх истиҥ иэйиитин арыйсаллара.

Икки сылынан, көмүс күһүн күлүмүрдээн бүтэн, бастакы хаар түһэн намылыта турдаҕына, Арчы дьиэтин иннигэр ыал буолуохха диэн этии киллэрбитин, таптыыр кыыһа ылыммыта. Ол дьоллоох күнүн санаан, төрдүс кэнсиэрин “Таптаспыт күһүммүт кэллэҕэ” диэн ааттаабыта… Онтон кыыс дьонугар Бэрдьигэстээххэ күтүөттүү барбытыгар, тулаайах диэн туораппакка, үчүгэйдик көрсүбүттэригэр, уолларын курдук ылыммыттарыгар олус махтанар.

“Кэргэнниилэр биир сыалай курдук буолаллар…”

– Кэргэним Айта ур­­баан эйгэтигэр миигин кытта үлэлэһэр. Дьиэ кэргэн биисинэһин курдук, оҕолору эмиэ кыралаан чугаһатан, бэйэбин кытта илдьэ сылдьааччыбын. Кыыһым номнуо устудьуон, Владивосток куоракка юрист идэтигэр үөрэнэр, уолум –  8-с кылаас үөрэнээччитэ.

Түгэн көһүннэр эрэ, айылҕаҕа сылдьа сатыыбыт, күүс-уох ылабыт. Саха сирин кэрэ-бэлиэ сирдэрин кэри­йэбит. Араас дойдулары, атын култууралары арыйарбытын сөбүлүүбүт. Сайдыылаах дойдуларга сылдьан, дьонун кытта алтыһан, бэйэ култууратын кытта тэҥнээн көрөн, киһи сайдар эбит. Төһөнөн элбэх дойдуга сылдьаҕын да, соччонон Сахаҥ сирин кимиэхэ да биэрбэккин, төрөөбүт дойдугар тапталыҥ өссө күүһүрэр.

–  Ыаллар олорон ис­тэх­тэрин аайы, тапталлара сөҕүрүйэр диэн этээч­чилэр…

–  Ити олоххо баар көстүү. Ол эрээри, дьыл-хонук баран истэҕин аайы, кэргэнниилэргэ быдан истиҥ сыһыан үөскүүр эбит. Сааһыран истэҕиҥ аайы, сыһыаныҥ өссө күүһүрэн, дириҥээн иһэр. Бэйэ-бэйэҕититтэн тус-туспа сылдьаргыт сатаммат курдук буолан барар. Иккиэн биир киһи курдук буолан хаалаҕыт.

Эр киһи дьоло диэн – үчүгэй саха кыыһыгар түбэһии. Кини көмүс ньээкэ уйаҕытын көрөр-истэр, сылаас эйгэни тэрийэр, оҕолоргун иитэр. Оттон кыыс дьоло эмиэ үтүөкэн, үлэһит, кинини өрө тутар, таптыыр уолга түбэһии­тэ буолар. Кыыс анала – олоҕу салҕааһын, норуотугар үтүө дьону төрөтөн, иитэн таһаарыы.

Мин толкуйдуурбунан,  эр киһи таптыыр киһитин дьоллоох оҥороору кэлэр. Эр киһи айылҕатынан хаһан баҕарар оннук, бу олоххо сайдыыны аҕалар аналлаах. Элбэхтик хамсаныахтаах, үлэлиэхтээх, дьонугар-сэргэтигэр саҥаттан саҥаны, үчүгэйи оҥоруохтаах, олоҕу сайыннарыахтаах.

Кэнники кэмҥэ судаарыс­тыба ыалы өйүүрэ күүһүрэн иһэр, киһи онтон үөрэр. Аан бастаан ыалы өйүөхтээхтэр, тоҕо диэтэр, судаарыстыба бигэ тутула –  ыал.

–  Бэйэҕин хайдах аҕабын дэнэҕин? Оҕолоргун хайдах иитэҕин?

–  Сахалыы сиэринэн иитэбин, билэрбин-көрөрбүн тиэрдэ сатыыбын. Бэйэм айылҕаҕа сылдьарбын, бултуурбун-балыктыырбын на­һаа сөбүлүүбүн. Уол оҕо айыл­ҕаҕа сылдьан улаатыахтаах, онон уолбун батыһыннара сылдьабын, сиэргэ-­туомҥа, итэҕэлгэ чугаһатабын. Онно сылдьан кэпсиибин, кутаа оттору, Айыыларга, иччилэргэ хайдах үҥэри-сүктэри, о.д.а. бэйэм холобурбунан көрдөрөбүн. Куоракка олоруу оҕону айылҕаттан олус тэйитэр ээ.

Ырыа күүһэ улахан

– Дьон түҥ былыргыттан айылҕа тыаһын, кыыл-сүөл саҥатын үтүктэннэр, ырыа онтон саҕаламмыта буолуо дии саныыбын. Ол аата, биһиги эппитигэр-хааммытыгар, айылҕабытыгар баар. Ону таба туһанан, сахалыы тыыннаах ыллаатаххына-туойдаххына, киһи ис-иһиттэн хаанын уһугуннаран, дууһа кылларын таарыйар.

Ырыа иитэр-үөрэтэр өттүнэн, эти-хааны сайыннарарынан, туох баар хайысхаҕа барытыгар көмөлөөх. Сөпкө тыына үөрэннэххинэ, эккэр-хааҥҥар олус туһалаах буолар. Аан дойду таһымыгар сөпкө тыынарга үөрэтии баар, дьиҥинэн, ити сахаларга то­­йукпутугар, оһуохайбытыгар баар эбит. Өбүгэлэрбит наһаа мындырдар, ол улуутумсуйан этии буолбатах. Киһи олоҕун тухары да ситэн үөрэппэт норуот баайа-дуола биһиэ­хэ баар. Билигин тас эйгэтигэр сырыттахпыт, тыл күүһэ, дорҕоон күүһэ диэн өйдөбүлгэ ис-иһигэр киирэн истэххэ, олус киэҥ, дириҥ.

– Олох олорорго эйигин туох умсугутарый?

–  Саҥаттан саҥаны айыы-тутуу диэххэ сөп. Ити ырыам эйгэтигэр эрэ буолбакка, урбааҥҥа эмиэ саҥа хамсааһыннары киллэрдим. Эр киһи сүрүн анала, олоҕун сыала ол буолар. Ол иһин саҥаттан саҥаны айыах­таахпын, бу олоххо сайдыыны аҕалыахтаахпын. Ол миигин умсугутар. Бэйэҥ кэннигиттэн сыдьааннаргар итэҕэл, духуобунас өттүгэр туох эрэ туһа­лаах хаалыахтаах.

Культурология салаатыгар миигин саха итэҕэлигэр олохторун анаабыт учуонайдар үөрэппиттэрэ. Үөрэппит уһу­йааччыларбар махталым муҥура суох.  Ити курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэх­тээх. Эн бу ылбыккын ыччат дьоҥҥо тиэрдиэхтээххин, ол биһиги ытык иэспит.

+1
28
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 78% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: