Кылаас салайааччыларын хамнастара үрдүөҕэ

Share

Дойду Бырабыыталыстыбатыгар кылаас салайааччыларыгар хамнаска эбии төлөбүрдэрин икки төгүл улаатыннарар санаалаахтар. Маны кытта «Земскэй учуутал» бырагыраама кыттыылаахтарыгар төлөбүр кээмэйин эмиэ биллэрдик улаатыннары былаанныыллар.

100 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх куораттар уонна нэһилиэктэр кэллиэстэрин бөлөх куратордарыгар уонна кылаас салайааччыларыгар хамнаһы таһынан эбии төлөбүр кээмэйин улаатыннарыахтара. Билигин кылаас салайааччыларыгар хамнаһы таһынан эбии 5 тыһ. солк. төлөнөр. Оттон бу ыйтан төлөбүр кээмэйэ  10 тыһ. солк. диэри улаатыаҕа. Уураах барыла Бырабыыталыстыба нуормалыыр-быраап аакталарын бырайыактарын порталыгар таҕыста диэн «Объясняем.рф» суруйар.

Санаттахха, Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа 2026 с.диэри учууталларга  хамнас ааҕыытын саҥа ньыматын оҥорорго сорудахтаабыта.

Маны таһынан дойду Бырабыыталыстыбатыгар «Земскэй учуутал» бырайыак кыттыылаахтарыгар төлөбүр кээмэйин улаатыннарарга этии киллэрдилэр. Билигин тыа сиригэр уонна оройуон кииннэригэр үлэлиир учууталлар Уһук Илин уокурукка 2 мөл. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр ылар бырааптаахтар. Оттон «Земскэй учуутал» бырагыраамаҕа саҥа уларыйыы киирдэҕинэ, Уһук Илин уокурукка улэлиир учууталларга 3 мөл. солк. аныахтара.

Билигин бырагыраамаҕа 50 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх тыа сиригэр уонна кыра куораттарга көһөн кэлбит учууталлар кытталлар. Оттон бырагыраамаҕа уларыйдаҕына, 100 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэри киллэриэхтэрэ.

«Земскэй учуутал» бырагыраамаҕа 55-гэр диэри саастаах орто идэлээх эбэтэр үрдүк үөрэхтээх учууталлар кыттыахтарын сөп. Кинилэр тыа сиригэр биэс сылтан итэҕэһэ суох дуогабар түһэрсэн үлэлиэхтээхтэр. Ону кытта үөрэх ноҕурууската нэдиэлэҕэ 18 чаас буолуохтаах.

Аны туран  бырагыраамаҕа кыттар учууталлар үлэлиир кэмнэригэр олорор дьиэнэн хааччыйыыны федеральнай таһымҥа бигэргэтэр наадалааҕын ыйдылар. Оттон 7 эбэтэр 10 сыл оскуолаҕа үлэлии хаалбыт учууталларга олорор дьиэни приватизациялыыр кыах бэриллиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

1 час ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

2 часа ago