Кылааттарын киллэрсэр уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит

Share

Улуустартан сонуннары суруйар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит биһигини кытары сибээһи ыкса туталлар. Кинилэр сэргэх, сонун матырыйааллары ыыталлар, хаһыат, саайт ааҕыллымтыа буоларыгар кылааттарын киллэрсэллэр.

КҮНДҮ ЫАЛДЬЫТ КЭРИЭТЭ

«Саха сирэ» хаһыаты мэлдьи сөбүлээн ааҕабын. Хас биирдии ыалга бу хаһыат кэтэһиилээх күндү ыалдьыт кэриэтэ, сырдыкка угуйар, инникигэ эрэли саҕар сэргэх сонун, кэрэ кэпсээн кэһиилээх кэлэр.
Олох араас эйгэтигэр туһалаах, мындыр сүбэлэр, уустук боппуруостарга көмө ааҕааччы махталын ылаллар, хаһыат күннээҕи үтүө сүбэһиппит буолбутун кэрэһилииллэр. Дохсун тэтимнээх аныгы үйэҕэ өрөспүүбүлүкэбит олоҕун, сонуннарын таптыыр хаһыаппыттан билсэ турабын. «Эдэр саас», «Саха ыала» сыһыарыыларын уонна да атын рубрикаларын бэркэ кэрэхсээн ааҕабын.
«Саха сирэ» хаһыакка суруйар буолбутум уонча сыл буолла. Бастаан оскуола сонуннарын, оҕону иитии, үөрэтии боппуруостарын сырдатар этим. Бастыҥ учууталлар уопуттарыттан үллэстэрим. Кэлиҥҥи сылларга булт туһунан сөбүлээн суру­йабын. Арыт ааспыт уонна билиҥҥи олохтон кэп­сээннэрбин ыытабын. Хаһыат саайтыгар тахсыбыт «Моника», «Симиэбийэ чөчүөккэтэ», «Кэбэҕэс бултуйуу» онтон да атын айымньыларбын ааҕааччылар сэҥээрбиттэрэ миигин салгыы айарга-тутарга кынаттыыр.
Иллэҥ кэммэр бултуурбун, балыктыырбын, айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн.

Максим КСЕНОФОНТОВ,
педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Дьокуускай.

УҺУННУК АЛТЫСТЫМ

Мин кинигэни, хаһыаты умсугуйан ааҕар буолбутум ийэлээх аҕабыттан бэриллибит эбит.

Хаһыакка 40-тан тахса сыл анараа өттүгэр маҥнайгы ыстатыйабын бэчээттэппит эбиппин. Ол тухары элбэх хаһыаты аахтым, эрэдээксийэҕэ сырыттым, онно үлэлээбит дьоннуун алтыстым, билигин да сибээстэһэбин.

Саамай уһуннук уонна үгүстүк алтыспыт, билигин даҕаны көтүппэккэ ааҕар, өрөспүүбүлүкэ сонуннарын билсэр хаһыатым “Саха сирэ” буолар. Сороҕор бу хаһыакка суруйууларбын таһаартарабын. Ордук тыа сирин кыһалҕатыгар болҕомтону ууруохха диэнинэн салайтаран суруйар идэлээхпин.
Түгэнинэн туһанан, хаһыат үлэһиттэригэр кэлбит саҥа сылга туох баар үчүгэйи, үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын.

Иван СИВЦЕВ-БЭЭДИ.
Уус Алдан, Дүпсүн.

ХАҺЫАППЫН ТУОХХА ДА БИЭРБЭППИН

Олохпут балысханнык сайдан иһэр. Күнтэн күн киһини сөхтөрөр аныгы сонун технологиялар киирэллэр, уруккуну үтүрүйэллэр.

Бэл, оннооҕор, сорох дьон хаһыаты аахпат буоллулар. Ол кэриэтин күнү күннээн көмпүүтэргэ олороллор, бассаабы хаһаллар, телеграмҥа киирэллэр. Мин, биир бэйэм, хаһыаппын туохха да биэрбэппин. Сөбүлүүр хаһыаттарым: «Саха сирэ» уонна «Эркээйи».

Улууһум хаһыатыгар «Ленинскэй знамя» эрдэҕиттэн 1974 сылтан, оттон «Саха сиригэр» 2010 сыллаахтан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан суруйабын. Үөрүөм иһин, 2010 сыллаахха Арассыыйа Суруналыыстарын со­­йууһун чилиэнинэн ылбыттара. Онтон ыла хорсуннук суруйар буолбутум. Үлэ дьонун сырдатан ыстатыйалары суруйабын, фоторепортажтары оҥоробун, айылҕаны, дьыл кэмнэрин дьүһүйэрбин сөбүлүүбүн, тирээн турар кыһалҕаларга санааларбын этэбин, тургутуктары оҥоробун, сороҕор хоһооннорбун, ахтыылары ыытабын.

“Саха сирэ” тэрийэр, ыытар күөн күрэстэригэр кыттааччыбын. Биирдэ (сылын өйдөөбөппүн) айылҕаны харыстааһын тиэмэтигэр 30 ыйытыылаах тургутукка кыайаммын, «Река Лена» диэн сүрдээх үчүгэй, барыта өҥнөөх хаартыскаларынан таҥыллан оҥоһуллубут улахан кинигэни бэлэх туппутум. Ону олус күндүтүк саныыбын. Ол кинигэ тус бэйэм бибилэтиэкэм биир мааны кинигэтэ буолар.

Дьокуускай куоракка кыстыыр буолбутум тохсус сылым. Куоракка олорор үчүгэйэ элбэх: тыйаатырга киинэҕэ, кэнсиэргэ, быыстапкаҕа, түмэлгэ сылдьан элбэх дуоһуйууну ылаҕын, дууһаҕынан байаҕын! Маны таһынан, Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар араас куруһуоктарга дьарыктанабын.
Өрөспүүбүлүкэм биир сүрүн хаһыатыгар чыычаах тумсун да саҕа буоллар көмөлөөхпүттэн үөрэбин, астынабын. Хаһыаппыт ханнык да харгыстартан иҥнибэккэ, сайда турдун, иннин диэки хорсуннук баран истин!

Саҥа 2024 сылынан хаһыат бары үлэһиттэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Туйгун доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын! Бөрүөҕүт сыппаабатын, элбэх сонуннаах, кыларыйан турар кырдьыгы кэпсиир кэрэхсэбиллээх суруйуулары баҕарабын!

Елена ПРОКОПЬЕВА,
уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.

ҮӨРҮҮНЭН КӨРСӨБҮН

Биирдэ эмэ буостабын хойутаан ылбатахпына, сонно «оо, дьэ…» буола түһэбин.

Хаһыат ааҕыыта, ол курдук, дьону кытары кэпсэтии кэриэтэ, күннээҕи олоҕум быстыспат сорҕото. «Саха сирэ» хаһыат күүтүүлээх ыалдьыт, кэрэ кэп­­сээннэрдээх хоноһо кэриэтэ үөрүүнэн көрсөр хаһыатым!

Олох бары хайысхаларын сырдатар сирэйдэрдээх, сэргэх хаһыат. «Саха сирэ» хаһыакка мин ааҕааччы эрэ буолбатахпын, ыһык буолбут санааларбын, «дьон маны билиэхтээх» диэбиппин, санаабын сааһылаабыт ыстатыйаларбын бэчээттэтэн, кини нөҥүө дьону кытары кэпсэтэр хаһыатым буолар.

“Саха сирэ” хаһыат кэлэктиибин, ааҕааччылары эҕэрдэлиибин. Суруйар баҕаҕыт намыраабатын, билиигит хаҥаатын, бөрүөҕүт сыппаабатын, сонуҥҥут мэлдьи сэргэх буоллун, ааҕааччыгыт кэккэтэ хаҥаатын диэн баҕа санааларбын тириэрдэбин.

Светлана КОПЫЛЕНКО,
Үөһээ Бүлүү, Харбалаах.

СЭРГЭХ СЭҺЭННЭЭХ, СОЙБОТ СОНУННААХ

«Саха сирэ» хаһыаты кытта 2016 сылтан сибээһи ыкса тутабын.

Бастакы сылларбар кэпсээннэрбин бэчээттэтэр этим. Онтон сыыйа дойдум сонуннарын сырдатарга ылсаммын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнниибин. Онон дойдубар буолар тэрээһиннэри ыыттахпына, үлэһиттэр уһаппакка-кэҥэппэккэ саайтка таһааран өрөспүүбүлүкэ киэҥ араҥатыгар ыыталлара үөрдэр. Сонуннарым “буруолаабытынан” тахсаллар, дьон-сэргэ махтанар. Инникитин да хаһыаты кытта үлэлэһэр санаалаахпын.

Түгэнинэн туһанан, хаһыат үлэһиттэрин Арассыыйаҕа Бэчээт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Сэргэх сэһэннээх, сойбот сонуннаах хаһыаппыт үлэһиттэригэр суруйар бөрүөҕүт сыппаабатын, айар үлэҕит айымньылаах буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуну билэбин хаһыаттан,
Сэргээммин, сонурҕаан көрөбүн,
Сирийэн барытын ааҕартан
Саҥаны торумнаан билэбин…

Иннокентий ПОПОВ-ОҔУРУОТТААХ,
Уус Алдан, Суотту.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

34 минуты ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

15 часов ago