Салгыы
Кылабачыйар эрэ барыта көмүс буолбатах…

Кылабачыйар эрэ барыта көмүс буолбатах…

21.09.2024, 14:30
Dvfu.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ саха дьоно Владивосток куоракка элбэхтик сылдьар, сынньанар буоллулар. Саха оҕолоро Уһук Илиҥҥи федеральнай университет аһыллыаҕыттан, хото киирэн, үөрэнэллэр. Ол эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, хайдаҕый?

Чахчы, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет дойду биир бастыҥ үөрэх кыһаларын ахсааннарыгар киирсэр. QS World University Rankings рейтиҥҥэ аан дойду үрдүнэн 1,5 тыһыынча университет баарыттан, 631‑с миэстэни ылбыта. Оттон бу рейтиҥҥэ киирбит Арассыыйатааҕы 47 үөрэх кыһатыттан УИФУ 16‑с миэстэлээх.

Уһук Илиҥҥи федеральнай университет 2011 сыллаахха 4 үөрэх кыһата холбоспутуттан, тэриллибитэ. 2012 сыллаахха Владивосток куорат аттыгар баар Нуучча арыытыгар 200 гаа сиргэ барыта 500 тыһ.кв. м. иэннээх улахан кампус тутуллубута.

Турар сирин кэрэтэ, саҥа баараҕай тутуулара — бу барыта манна үөрэниэн баҕалаах оҕолору угуйа-ыҥыра турар.

Аякс диэн кэрэ көстүүлээх хомоҕо кампус дьиэлэрэ дьэндэһэллэр. Сибэккинэн симэммит аллеялар, үрдүк күөх мастар, күрүлгэннэр, кыһыл балыктар, кустар уста сылдьар көлүйэлэрэ — кампус кэрэ саад быыһыгар турар. Устудьуоннар олорор уопсайдара гостиница курдуктар, бэл, муостатын сууйан биэрэллэр. Хосторго устудьуоннар иккилии-үстүү буолан олороллор. Этэргэ дылы, күнүс үөрэнэн баран, киэһэтин муораҕа тахсан сөтүөлүүллэр, серфинныыллар.

2024–25 үөрэх дьылыгар университекка 20 тыһыынчаттан тахса устудьуон, ол иһигэр 3500 омук граждана, 500 аспирант үөрэнэр. Сыллата 5 тыһыынча кэриҥэ бүддьүөт миэстэтигэр 1‑кы кууруска үөрэххэ ылаллар. Университет 250‑тан тахса бырагырааманан үөрэтэр.

Дьэ, омос көрдөххө, маннык үчүгэй усулуобуйалаах үөрэх кыһатыгар киһи тоҕо таласпат буолуой? Ол эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, “ноолоох” эбит…

Уопсайга миэстэ тиийбэт

Быйыл атын куораттартан кэлбит 2000 кэриҥэ устудьуон олорор сирэ суох хаалла. Олорор уопсай тиийбэт, онон сир-халлаан икки ардыгар быраҕылыннылар. Аны туран, дьиэ куортамныахтарын, манна да кыһалҕа үгүс. Владивостокка куортам сыаната олус үрдүк (40–80 тыһ.солк.), дьиэ былдьаһык, эбиитин куортамҥа бэриллэр дьиэлэри ааҕыныстыбалар ылан, бас быстар хамыыһыйатын (30–50 тыһ.солк.), “солуок” харчытын (20–40 тыһ.солк.) эбии көрдүүллэр. Дьэ, буоллаҕа…

Нуучча арыытыгар баар кампуска саҥа үөрэнэ кэлбит 1‑кы куурус уонна омук устудьуоннарын эрэ олордоллор эбит. Устудьуоннарга РАУ (рейтинг академической успеваемости) диэн баар. Бу — икки сиэссийэ эксээмэннэригэр ылбыт сыаналарын орто баала. Туйгун үөрэхтээхтэргэ РАУ рейтиннэрэ — 5, кинилэр кампуска киирэн олорор бырааптаахтар.

Иллэрээ сыл РАУ 4,3 баалга, былырыын 4,6 баалга тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, сыл аайы үрдээн, быйыл 4,78 баалга тэҥнэстэ. Ол эбэтэр, орто сыана 4,78 баалтан кыра буоллаҕына, кампуска миэстэ биэрбэттэр.

РАУ тоҕо үрдүү турарый? Университет салалтата ону маннык быһаарар: “Былырыын устудьуоннар үөрэҕи ситиһиилэрэ 28%-нан үрдээбитэ. Үрдүкү куурустарга 4,9–5 бааллаах устудьуон ахсаана уопсай ахсаантан 80%-нын ылар”.

Дьэ, дьикти, устудьуоннар 80%-ра туйгун үөрэхтээхтэр (эбэтэр, биир “4”-тээхтэр) эбит дии.

РАУ рейтинэ

Быйыл УИФУ уопсайдарыгар барыта 13,8 тыһыынча киһи (11 700 киһи кампуска, 2160 киһи куорат уопсайдарыгар) олоруохтаах. Ол иһигэр:

15 гостиничнай куорпуска,  5 гостиницаҕа, 5 куорат уопсайдарыгар.

Кампуһу таһынан, Владивосток иһигэр эмиэ уопсайдар бааллар. Бу урукку университет (ДВГУ) эргэ уопсайдара — уһун көрүдүөрдээх, этээскэ биир туалеттаах, биир куукуналаах, 5–7 этээс тухары биир-икки суунар уонна таҥас сууйтарар хостордоох, таракааннаах хостордоох… Үксүгэр устудьуоннар киирэн баран, бэйэлэрэ кыра өрөмүөн оҥостоллор.

РАУ рейтиннэрэ 4,78 баалтан намыһах буоллаҕына, 2‑с куурустан устудьуоннар куорат уопсайыгар үүрүллэллэр. Ол эрээри, быйыл рейтинг эмискэ үрдээн, 2000 кэриҥэ устудьуон букатын да уопсайа суох хаалан, бу да куорат уопсайдара баҕалаах буоллулар.

Сыл аайы маннык хартыына хатыланар эбит. Ол иһин, куорат уопсайыгар олорбут устудьуон “эһиил эмиэ бу хоспор хаалабын” диэн сайаапка суруйдаҕына, РАУ рейтиниттэн тутулуга суох, хаалар кыахтаах эбит. Ким уопсайа суох, сир-халлаан анныгар быраҕыллан хаалыан баҕарыай? Онон быйыл куорат уопсайдарын 70%-на урут олорбут оҕолорунан туолан турар.

Куоракка олорор туспа кыһалҕалаах — арыыга барар оптуобус аҕыйах буолан, 1–2 чааһы быһа симиллэн, туран эрэ айанныыллар. Сороҕор, оптуобуска кыайан киирбэккэ да хаалаллар. Сарсыарда 8 чаастан үөрэнэр буоллаҕына, устудьуон 5 чааска туран, 6 чаастан айанныан наада.

Тоҕо маннык буоларый?

Устудьуон ахсаана — 20 тыһыынчаттан тахса, уопсайдарга миэстэ ахсаана — 13 тыһыынчаттан тахса. Владивосток оҕолоро уопсай дьиэнэн хааччыллыбаттар. Ол да үрдүнэн, уопсай тиийбэтэ көстөн турар.

Университет салалтата төлөбүрдээх үөрэххэ хас устудьуон үөрэнэрин отчуоттаабат, саҥа куорпустары туттарыы курдук улахан миэрэлэри ылыммат эбит.

Быйыл бүддьүөт миэстэтигэр 4825 устудьуону 1‑кы кууруска ыллылар. Бүддьүөт миэстэтин таһынан, төлөбүрдээх үөрэххэ хааччаҕа суох ылаллар. Холобур, былырыын “дизайн” салааҕа 20 бүддьүөт миэстэтэ баар буоллаҕына, сүүсчэкэ оҕону төлөбүрдээх үөрэххэ ылбыттара. Бу оҕолору барыларын уопсайынан хааччыйыахха наада эбээт.

Ити курдук, хас салаа ахсын, төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр оҕо элбэх. Бу оҕолор бары сылга 215–400 тыһыынча солкуобайы төлүүллэр. Бу харчы барыта ханна барарый? Олорор сир тиийбэт кыһалҕата баар буоллаҕына, бу харчынан саҥа уопсай тоҕо тутуллубатый?

Туох миэрэ ылылларый?

10,11 №-дээх куорпустарга икки миэстэлээх хосторго икки этээстээх ороннору киллэрэн, үс миэстэлээх оҥоруохтара. Оччотугар эбии 500 миэстэ тахсар.

Владивостокка Державин уулуссатыгар 14 №-дээх уопсайы ылан, эбии 170 устудьуону киллэриэхтэрэ.

Нуучча арыытыгар чугас баар Арассыыйатааҕы сыана ускуустубатын институтун уопсайыгар 3–7 этээстэри биэриэхтэрэ. Манна өссө 200 устудьуон киириэхтээх. Бу уопсай төлөбүрэ — ыйга 4825 солкуобай. Сыттык, суорҕан, утуйар таҥас бэриллибэт, устудьуон бэйэтэ булуохтаах.

Маны тэҥэ, университет гостиницатын нүөмэрдэрин туран биэрэр. Бу манна олорор устудьуон ыйга 13 тыһыынча солкуобайы төлүүр. Манна эмиэ былдьаһык, барыларыгар тиийбэт, бастаан үрдүк бааллаахтарга биэрэллэр. Кэм чугас (арыыга баар) уонна дьиэ куортамныахтааҕар, чэпчэки буоллаҕа. Оттон «үстээх» оҕолор ханна бараллар?

Түмүккэ

Үөрэх да ноҕуруускалаах, чэпчэки буолбатах. Биир преподаватель эппитин саныыбын: “Тоҕо эрэ Саха сириттэн кэлэр оҕолор үгүстэрэ үөрэхтэрин быраҕан бараллар. Тоҕо эбитэ буолла?”. Дьэ, толкуйдатар «тоҕо» буолла…

Онон, төрөппүттэр, оҕоҕутун Владивостокка үөрэттэрэ ыытыаххыт иннинэ, үчүгэйдик толкуйданыҥ, эһиилигэр маннык кыһалҕаны көрсүөххүтүн сөп…

+1
11
+1
3
+1
0
+1
0
+1
6
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: