Кыларыйан турар кырдьыгы өрө туппут Учууталбыт

Share

Университекка саха тылын, литературатын үөрэппит барыбыт тапталлаах Учууталбыт Василий Никитич Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сылыгар дойдутугар Чөркөөххө  мэҥэ өйдөбүнньүк туруорулунна.

Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр, Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр саха литературатын чинчийээччи, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Учууталлар учууталлара, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Таатта улууһун ытык киһитэ Василий Никитич Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сылынан Чөркөөх түмэлин сиригэр кэрэ-бэлиэ көрсүһүү буолла.

Бу күн Учууталларын аатын ааттыы, киниэхэ махтана-сүгүрүйэ Ил Түмэн вице-спикерэ Александр Жирков, ХИНТуоКИ декана Гаврил Торотоев, Чөркөөх нэһилиэгин баһылыга А.П. Семенов, В.Н. Протодьяконов төрөппүт кыргыттара, сиэннэрэ, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, үөрэппит оҕолоро кэллилэр. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Суорун Омоллоон бэйэтинэн туттарбыт суруйааччыларын дьиэтин иннигэр скульптор Николай Огонеров оҥорбут мэҥэ өйдөбүнньүгүн Гаврил Торотев, А.П. Семенов, Василий Протодьяконов кыыһа Айталина Васильевна, сиэнэ Вадим Протодьяконов арыйдылар.

Хаартыска: Василий Протодьяконов кыргыттара, сиэннэрэ. Светлана Халгаева.
Хаартыска: Светлана Халгаева.
Хаартыска: Светлана Халгаева.
Хаартыска: Светлана Халгаева.
Хаартыска: Светлана Халгаева.

Вице-спикер Александр Жирков тыл этиитин Василий Никитич Протодьяконовы, билиҥҥи кээмэйинэн кэмнэммэт, ХХ үйэ саҕаланыытынааҕы саха чаҕылхай дьонун кээмэйинэн кэмнэнэр киһи, диэнтэн саҕалаата: “Саха литературатын төрүттэниэҕиттэн дьиэктээх уонна дьиэгэ суох диэҥҥэ араарар хайытыы саҕаламмыта. Дьиэктээх өттө умнуллуохтааҕа, дьиэгэ суоҕа өрө тутуллуохтааҕа. Ити кэм балайда уһуннук барбыта. В.Н. Протодьяконов олоҕун устата ити дьалхааҥҥа умньамматаҕа, саха литературатын, култууратын итинтэн быыһыы-араҥаччылыы сатаабыта. Умнууга ыытыллыбыт дьону норуоттарыттан тэйиппэтэҕэ, үөрэппит устудьуоннарыгар, ханна сылдьыбыт сиригэр кинилэр тустарынан кэпсиирэ. Дьэ ол үөрэппит оҕолоро оскуолаларга тиийэн, учууталларын тылын тиэрдэ сылдьыбыт буоланнар, 90-с сылларга В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, В.Н. Леонтьев, Г.В. Баишев-Алтан Сарын, Таатта Оруоһуттарын курдук дьоннор ааттара тиллэн барбытыгар, саха дьоно В.Н. Протодьяконов нөҥүө бу дьон ааттарын өйдөрүгэр хатыы сылдьыбыт буоланнар атыҥыраабатахтара, саха литературатын быстыспат сорҕотун быһыытынан түргэнник билиммиттэрэ. Ити үтүөтэ саха тыллаах баарын тухары умнуллуо суоҕа”. Василий Протодьяконов  хайдах да дьалхааннаах кэмҥэ саха норуота бэйэтин төрүт өйүн сүтэрбэт, урукку олоҕун, устуоруйатын умнубат, чулуу дьонун ытыктаан илдьэ сылдьар, бэйэтин иннин көрүнэр кыахтаах омук  диэн өйү-санааны олохсутуспут, ону атын омуктарга, аан дойдуга тиийэ тиэрдиспит киһибит буоларын Александр Николаевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Биир дойдулаахтарыгар туһаайан, Василий Протодьяконов аатын саха чулуу дьонун кытта бииргэ тута сылдьарга дьулуһуохтааххыт, ол эһигини тугунан да итэтиэ суоҕа, ыччаккытыгар тирэх буолуо, диэтэ.

ХИНТуоКИ декана Гаврил Торотоев: “Мин Василий Никитичкэ үөрэммит уонна 20-тэн тахса сыл бииргэ үлэлээбит улахан дьоллоох киһибин. Устудьуоннуу сылдьан Василий Никитич, кыларыйан турар кырдьыгы этиэххэ наада, диэбитин ордук өйдөөн хаалбыппын. Ол да иһин умнууга барбыт дьону норуоттарыгар төнүннэрдэҕэ дии”. Бу кэнниттэн  Гаврил Григорьевич В.Н. Протодьяконов аатынан стипендияны Сардаана Томскаяҕа туттарда.

Бу күн В.Н. Протодьяконовка аналлаах быыстапка, “Учууталга сүгүрүйүү” кэнсиэр, “Омук күүһэ өйүгэр – өйүн күүһэ тылыгар” диэн аһаҕас кэпсэтии буолла.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago