Күлбүтүнэн көрсөр күһүммүт сыаналара
Самаан сайын саамай быйаҥнаах ыйа – атырдьах ыйа тэлгэһэҕэ киирэн турар. Сир аһын арааһа, оҕуруот аһа бары ыксаабыттыы ситэр-хотор кэмнэрэ. Онон төһө да куорат олохтооҕо буол, сиртэн сэрбэйбиттэн эмиэ тииһинэр баҕа санаа хайабытыгар да баар буоллаҕа.
Тоҕо эрэ көһүүннэр
Быйылгы кураан сайын оҕустаҕа дуу, тоҕо эрэ урукку курдук социальнай ситимнэргэ онно отоннуу, манна сугуннуу барыаҕыҥ диэн ыҥырыылар аҕыйахтар, атыы-тутуу да оннук курдук. Барахсаттар, айылҕа оҕолоро буоллахпыт, бэристэҕинэ сиибит, биэрбэтэҕинэ тэҥинэн малыйабыт. Ону кытта тыатааҕы туһунан быйыл аһара күөртээн кэпсээн кэбиһэннэр, оҕону-дьахтары ойуурга таһаарбат оҥордулар (кырдьаҕас быйыл төһөтүн да иһин наһаалаата).
Ырыынакка
Онон бары өттүттэн табыллыбат өттө ыган, хайыахпытый, билэрдии Бааһынай ырыынагар барабыт. Манна да балаһыанньа бэрдэ суоҕа көстөн турар. Олохтоох отонтон Алдан сугуна эрэ атыыга баар. 1 лиитирэтэ – 600 солк., 0,5 кыраама – 300 солк. “Төһө ылалларый?” – диэн атыылааччы кыыстан ыйытабын. “Син ылаллар”, – диэн баран иннигэр сороҕо кураанахсыйбыт мас хопполору ыйан кэбистэ. “Бүгүн биэс биэдэрэ курдук барда”, – эрэ диэтэ. Биэдэрэ хас киилэлээҕэ соннук чуолкайдаммата. Кэккэлэһэ Уус Алдан 0,5 кыраамнаах чочунаах лууга 500 солк. атыыланар. “Быйыл сир аһа атыыга олох тахсыбата”, – диэн аттыбытыгар кэпсэтиибитин истэн турбут атыылааччы кыыс эттэ. – Урут баччаларга баһаам буолааччы, быйыл тэллэй да суох”.
Онон-манан атыылыыр эрээттэри кэрийэн көрдүм да, кырдьык, мэлигир эбит. Арай Краснодар сугуна “киилэм 2000 солк.” диэн баран, күп-күөҕүнэн бөлтөччү көрө сытар. “Сытыаҥ ээ” диэн испэр мөҕүттэн баран ааһа турдум. Клубника киилэтэ 1000 солк. эбит. Биир сиргэ олохтоох клубника кыраамынан атыылана турар, 100 кыраамын сыаната 250 солк. Киилэҕэ таһаардахха, биһиги да хаалсыбат эбиппит. Ол эрээри олохтооҕун-кэлиитин быһаарсар кыаҕыҥ суох буоллаҕа. Быһата, амсайарга эрэ аналлаах. Моонньоҕон – 200 солк.
Ырыынакка кэлбиччэ, иһирдьэ дьиэтигэр киирдим. Ааҥҥа 700 кыраам иһиттээх сугун барыанньата 700 солк. атыылана турар. Толкуйдаан одуулаһа түһэн баран, үөһэ таҕыстым. Дьэ манна баар эбит үчүгэй сыана. Биир сиргэ Амма дьэдьэнин 1 киилэлээх барыанньатын 6000 солк. диэн чачата сыстылар. Кэккэлэһэ турар лааппыга 8000 тыһ. диэн доргуттулар. 600 кыраамнаах иһитэ 4 тыһ. солк. “Ылаллар дуо маны?” – диэн ыксаан ыйытааччы буоллум. Атыылааччы, бэйэтэ да бэрт эрэйи көрбүт дьүһүннээх, хап-сабар эппиэттии оҕуста: “Биһиэхэ итинник үрдүк сыананан аҕалан туттараллар, ол иһин сыана үрдүүр. Биһиги бары манна баһаам харчыны төлөөн турар дьоммут. Атыыһыт быспыт сыанатынан атыылаатахпытына, ол арыанда сыанатын хайдах төлүөхпүтүй. Ону дьон да өйдүө этилэр, мааҕыын тааҕы-таах үөҕүллэн хаалбытым. Эт сыанатын эмиэ туттарааччы аһара үрдүгүнэн биэрэр, ол иһин эт сыаната үрдүк”.
Улуустарынан ылан көрүөххэ
Булуҥ моруоскатын араас кыраамнаах барыанньата 650-1200 солк. турар. Киһи аһаан абыраныа суох дойдута эбит диэн төттөрү түһэн иһэн, били, 700 солк. сугун барыанньатын бэрт сылаас харахпынан көрөн аастым.
Түүбүктэ (жимолость) барыанньата былырыын 2000 солк. эбитэ үһү, быйыл 2500 солк. буоларга бэлэмнэнэр.
Онтон-мантан ыйыталастахха, кырдьык, быйыл сугуҥҥа мөлтөһүөр сайын буолбут эбит, атыыга суоҕун кэриэтэ, тугу булбуттарын дьон хаһаастарыгар укталлар. Биир соҕотох биллэриигэ киилэтин 600 солк. атыылыыбыт диэбиттэр. 10 л элбэҕи ыллаххытына, босхо тиэрдэн биэрэбит диэннээхтэр.
Быйыл уонна былырыын диэн этиилэр тоҕо эрэ чаастатык иһиллэр буолбуттарынан сылыктаатахха, сир аһыгар сыана үрдээн эрэрэ харахха быраҕыллар. Хомуйан туттарааччы – атыылааччы – атыылаһааччы икки ардыларыгар бүппэт мөккүөр бүгүн да салҕанар.
Оҕуруот аһа
Ырыынакка кэлбиччэ, оҕуруот аһын эмиэ көрөн аастым. Ааспыт сырыытааҕар араас көрүҥэ элбээбитэ харахха быраҕыллар. Олохтоох орбуустар былааһы ылбыттар, атыылаһааччылар кинилэр тула үмүөрүһэллэр. Улахан орбуус хаһаайыттара уку-сакы буолбуттар. Олохтоох киилэтин сыаната 150 солк., Табаҕаттан, Жатайтан, Саталтан аҕалаллар эбит. Ньолбоҕор соҕус көрүҥнээхтэри атыҥырыы көрөн, орбуустар дуо диэн ыйыттым. “Ити олохтоох орбуустар, карабартан аҕалбыттара”, – диэн атыылааччы кыыс хап-сабар хоруйдуу оҕуста. Ааһыах курдук гынан иһэн, атыҥырыы истэн, ол карабар диэн орбуус аата дуу, аадырыһа дуу буоларын чуолкайдаһан ылахтаһа турдум. Атыыһытым “карабар” диэнтэн атыны билбэт, арай кэннибитигэр “они табагинские” диэн күлэн ыгыстарын быыһыгар биир атыылааччы чуолкайдаан абыраата.
Оҕуруот аһа элбээбитин арай кабачок билбит, сыаната 85-90 солк. буолбут, бу иннинэ 120 солк. этэ. Оҕурсу сыаната араас – 80 солк-тан 130 солк. тиийэр. Сатал помидора – 250 солк. Хаппыыста тахсыбыт, киилэтэ 100 солк. «Эдэр» хортуоппуй эҕэрдэлии көрсөр – 150-250 солк. Манна даҕатан эттэххэ, мөҕүтүннэрбит даҕаны, Бааһынай ырыынагар сыананы түһэрсиэххэ сөп. Уулуссаларга атыыланар оҕуруот аһын үрдүттэн “олохтоох” диэн кэбиһэллэр, кэлии буолара хараххар көстөн турарын үрдүнэн. Итэҕэй-итэҕэйимэ, бэйэҥ дьыалаҥ. Маннык лааппыларга помидор сыаната киилэтэ 320-350 солк., «эдэр» хортуоппуй – 250 солк., былырыыҥҥы – 120 солк., кабачок – 120 солк., оҕурсу – 180-200 солк.
Дьэ ситинник, күлбүтүнэн көрсөр күһүммүт сыаналара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: