Салгыы
Күллэгигэ маҥаачыйалар, саадьаҕайдар маҥырыыллар…

Күллэгигэ маҥаачыйалар, саадьаҕайдар маҥырыыллар…

Ааптар:
13.08.2023, 09:00
Хаартыскалар: Александра Жиркова тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Урукку сылларга, ол эбэтэр ааспыт үйэ 20‑с сылларыгар саха ыалын ахсын саха сүөһүтэ иитиллэн турдаҕа. Бу кэмнэргэ сүөһү ахсаана 400 тыһыынчаҕа тиийэр эбит. Онон хонуу ахсын эриэн, саадьаҕай, эбирдээх, ала, чоҕуруос хара о. д.а. дьүһүннээх хороҕор муостаах көҥүл көччүйэ сылдьыбыт.

Билигин төһө баарый?

Онтон 60‑тан тахса сыл иһигэр тыһыынча эрэ кэриҥэ хаалан, саха сүөһүтэ сүтэр, эстэр кутталга киирбитэ.

Билигин Саха сирин үрдүнэн уопсайа 3000 кэриҥэ саха сүөһүтэ баар. Мантан 42%-на «Саха сүөһүтэ» генопуонда хааһына тэрилтэтигэр иитиллэн турар.

Онтон атына өрөспүүбүлүкэ 17 тирэх хаһаайыстыбатыгар уонна кэтэх ыалларга баар.

«Саха сүөһүтэ» генопуонда хааһына тэрилтэтэ саха сүөһүтүгэр бас салаа быһыытынан үлэлиир. Ол аата, саха сүөһүтүн тэнитиигэ, тарҕатыыга үлэни үүннүүр-тэһиинниир. Бу тэрилтэттэн тирэх хаһаайыстыбалар ыраас хааннаах сүөһүнү ылан иитэллэр, үөскэтэллэр.

Сахабыт сүөһүтүн өбүгэлэрбит саҕаттан олохсуйбут уратытын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыы, кэлэр көлүөнэҕэ ону тириэрдии — «Саха сүөһүтэ» генопуонда хааһына тэрилтэтин сүрүн соруга. Тэрилтэ салайааччыта — Александр Еремеевич Артемьев.

Болугурга

Амма улууһун Болугуругар баар «Саха сүөһүтэ» генопуонда хааһына тэрилтэтин салаата үлэлээбитэ 4‑с сылыгар барда.

Трофим Трофимович Окороков сатабыллаах салайыытын хаһаайыстыба, дьиҥ чахчы, таһаарыылаахтык үлэлиир. Эппиккэ дылы, биир бастыҥ отделение — үлэтинэн да, көрдөрүүтүнэн да.

«2017 сыллаахха Чурапчы улууһуттан саха сүөһүлэрин көһөрөн аҕалан, «Тускул» диэн тэрилтэ иһинэн үлэбитин саҕалаабыппыт. Онтон 2020 сылтан «Саха сүөһүтэ» тэрилтэҕэ бэриллэн үлэлии-хамсыы олоробут. Бары өтүттэн өйөбүл, көмө баар. Онон киһи төһө баҕарар үлэлиир буоллаҕа. Отделениеҕа 6 буолан, тутуспутунан бары бииргэ үлэлии сылдьабыт. Эн эбээһинэһиҥ, эн үлэҥ диэн араарыы суох. Бары бэрт иллээхтик, биир дьиэ кэргэн курдук үлэлиибит. Барытыгар бииргэ саба түһэн бүтэрэн-оһорон иһэбит. Ол да иһин үлэбит-хамнаспыт таһаарыылаах буоллаҕа», — диэн билиһиннэрэр Трофим Трофимович.

Ыам ыйын ортото

Болугур бөһүөлэгиттэн 40‑ча км ыраах сытар Күллэги учаастагар сыл ахсын ыам ыйын ортото, үрэх таһаара илигинэ, көһөллөр. Онон балаҕан ыйын ортотугар диэри сайылык барахсан сэргэхсийэр. Манна үлэһиттэр олорор 2 дьиэлэрэ, балаҕан уонна титиик тутуллубута. Күн уотунан барар батарыайалар көмөлөрүнэн сырдыгы туһаналлар, куйаар ситимэ баар.

Икки ыал бэрт иллээхтик…

Күллэги сайылыгын уратыта манна икки ыал бэрт иллээхтик, тапсан, биир санаанан үлэлиир-хамсыыр. Ол курдук Оксана, Николай Тихоновтар куруук үөрэ-көтө сылдьар, үтүө санаалаах, туруу үлэһит эдэр ыал. Оҕолорун илдьэ сайылыкка тахсаллар. Оҕолор сайылык ураты тыынын кыра эрдэхтэриттэн иҥэринэн, үлэлии, сыаналыы үөрэнэллэр.
Оттон Альбина Гоголева уонна Константин Лыткин холку, сайаҕас майгылаах, амарах дууһалаах, көнө, үлэттэн толлубат ыал.

«Ньирэйдэрэ наһаа үчүгэйдэр ээ. Кыраларыгар киһи эрэ таптыах курдук. Айылҕабыт оннук айдаҕа, туох барыта кыра эрдэҕинэ, киһи сүрэҕэр ордук чугастык киирэр. Уонна эн хараҕыҥ ортотугар улаатан киирэн бараллара эмиэ көрөргө ураты ээ. Саха ынаҕар маннык ылларыам дии санаабат этим», — диэн санаатын үллэстэр бостуук Егор Птицын.

Быйылгы былаан

«Күллэги» отделениета быйылгы үүккэ былаана — 10 туонна. От ыйдааҕы көрдөрүүнэн, 6,3 туонна үүтү ыабыттар. Ол эбэтэр, былааннарын 63% толорбуттар. Трофим Окороков сайыҥҥы кэмҥэ биригээдэ тэринэн оттуур. Быйылгы былаана — 214 туонна. Биригээдэ биир тутаах үлэһитэ Николай Тихонов.

Сүөһүнү уотууга бастакы хардыы

Аны быйыл күһүҥҥүттэн «Күллэги» отделениетыгар, Болугур бөһүөлэгиттэн 5 км курдук тэйиччи сытар Омоллоон диэн сиргэ сүөһүнү уотууга бастакы хардыылар оҥоһуллуохтара. Манна 60 төбөнү уотууга туруоруохтаахтар. Ирдэниллэр тутуу-хаһаа үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар.

Туомтуу баайдахха

Дьэ, бу курдук тыа сирин дьонугар үлэ, түбүк бүппэт. Ол да буоллар кинилэр үлэлии-хамсыы үөрэммит буолан, туохтан да толлон турбаттар. Кинилэр курдук дьонноох буоламмыт, төрүт дьарыкпыт, үгэспит умнуллубат.

Екатерина Захарова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: