Күлүмнүүр аатынан бириэмийэни Иван Ксенофонтовка туттардылар

Share

Быйыл Национальнай бэчээт күнүгэр суруналыыстыка эйгэтигэр В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни «Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыат бэтэрээн үлэһитэ Иван  Ксенофонтовка-Силигигэ  туттардылар.

Иван Иванович 1984 сылтан кырдьаҕас «Кыымҥа» саха суруналыыстыкатын атаҕар туруорсубут суруналыыстары кытта бииргэ үлэлээн, кинилэр оскуолаларыгар уһаарыллыбыта, билигин да айа-тута үлэлиир. Саха суруналыыстыкатын түмэлин арыйан үлэлэтэр, кинигэлэри суруйар, хаһыат иһинэн «Манчаары» сыһыарыыны таһаарар.

Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнэ от ыйын 1 күнүгэр 2020 сылтан бэлиэтэнэр. Бу күн 1907 сыллаахха “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай хаһыат күн сирин көрбүтэ. Сахалыы хаһыат тахсарыгар оччотооҕу кэм интеллигенциятын лиидэрэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кинини кытта биир санаалаахтар Всеволод ИоновМихаил СабунаевНиколай АфанасьевАфанасий УваровскайПетр Кушнарев уонна да атыттар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Ол курдук кинилэр көҕүлээһиннэринэн уонна быһаччы кыттыыларынан саха тылынан типография шрибэ оҥоһуллубута, анал бэчээттиир тэрил атыылаһыллыбыта. Онон кэнники “Саха олоҕо”, “Саха саҥата” хаһыаттар тахсалларыгар суол аһыллыбыта.

Бу күн суруналыыстарга судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар. Надежда Аргунова СӨ үтүөлээх суруналыыһын аатын ылла. Евгений Петров «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадаланна. Амма Аччыгыйын аатынан Литературнай бириэмийэни оҕо суруйааччыта Евдокия Иринцеева-Огдо тутта.

Маны тэҥэ, Ил Дархан Махтал суругун «Сахамедиа» холдинг кэлэктиибигэр туттардылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

5 часов ago