Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Бүгүн, Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнэ —  Саха сирин чулуу уолаттарын ахтан-санаан ааһар күн.

Бу күн Саха сирин интэллигиэнсийэтин  лиидэрэ, уһулуччулаах бэлитиичэскэй-уопсастыбаннай диэйэтэл, кыраайы үөрэппит учуонай, экэнэмиис, суруйааччы, Саха сирин  норуота култуура, духуобунас уонна өй-санаа өттүнэн сайдарыгар улахан кулаатын киллэрбит Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар мустан кини үрдүк аатыгар сүгүрүйдүлэр, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Эҕэрдэ тылы этии СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирковтан саҕаланна.

“Саха сирин Судаарыстыбаннаһын  быйыл ыгыттарыылаах   кэмҥэ бэлиэтиибит.  Ол да буоллар, нууччалар өс хоһоонноругар этиллэринии, “биһиги да уулуссабытыгар бырааһынньык буолуоҕа”. Билиҥҥи балаһыанньа ирдэбиллэрин   бүттүүн ытык иэспит курдук ылынар буоллахпытына, бөҕө уонна кыайыылаах буолуохпут. Оннук сананыах уонна дьаһаныах тустаахпыт. Атын суол суох… Биһиги өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын харыстыахтаахпыт уонна сайыннарыахтаахпыт. Судаарыстыбаннас  норуоту түмэр, норуот тыыннаах хааларыгар, сайдарыгар төһүү күүс буолар”, — диэн бүгүҥҥү күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

Ону таһынан СӨ Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетикэ миниистирэ Вячеслав Емельянов, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, Саха сирин суруйааччыларын ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, ХИФУ төрдүс кууруһун устудьуона Добун Иванов эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр бары эдэр көлүөнэ ыччат санаатын түһэрбэтигэр, саха норуотун чулуу уолаттарын  суолларын дьоһуннаахтык салҕыылларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Василий Никифоров-Күлүмнүүр аймахтарын аатыттан тыл эппит Любовь Никифорова бэйэтин эҕэрдэтигэр куорат биир уулуссатыгар Күлүмнүүр аатын иҥэрэргэ уонна соҕотох уол ийэтин, репрессия сиэртибэтэ буолбут Күлүмнүүр аймаҕын быһыытынан, билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ Саха сирин эдэр ыччатын туох кыалларынан харыстыырга көрдөстө.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago