Салгыы
«Күлүүс» былдьаһыыта

«Күлүүс» былдьаһыыта

31.08.2024, 15:00
Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн
Бөлөххө киир:

Байбалы мээнэ хаайбатылар. Телеграм айбыт аҕатын Павел Дуровы Францияҕа чааһынай сөмөлүөтүнэн көтөн тиийээтин, хараҥа хаайыыга хап гыннардылар. Тоҕо бу халыҥ харчылаах, биир бөдөҥ IT урбаанньыппытын киһи аймах аньыытыгар-харатыгар барытыгар сыбыы, буруйдуу сатаатылар. Төрдө-төбөтө – бэлиитикэ

 ВКонтакте айбыт аҕата

Павел Дуров диэн туспа өйдөөх-санаалаах нуучча биир чаҕылхай уола. Кини Санкт-Петербурга 1984 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Университекка «Английскай филология уонна тылбаас» диэн идэни баһылаабыт эрээри, дьупулуомун баччааҥҥа диэри ылбакка сылдьар дииллэр. Аатырбыт Фейсбук* (Арассыыйаҕа экстремистии диэн бобуллубут) саҥа тахсаа­тын кытта, ВКонтакте диэн социальнай ситимин өссө устудьуоннуу сылдьан оҥорсубут эбит. Инньэ гынан, баара-суоҕа 27-лээҕэр миллиардер буолбута. Кэлин ВКонтакте Маилгруппка атыылаан баран, аны Телеграм тэрийбитэ. Дуров кэлин Сент-Китс уонна Невис диэн кыракый арыы-судаарыстыба, Холбоспут Араб Эмираттарын уонна Франция гражданстволарын ылбыта. Урбааммар судаарыстыба соччо орооспот, нолуок өттүнэн өйүүллэр диэн Эмираттарга көһөн олорор. Телеграм офиһа онно баар. Чөл олоҕу тутуһарынан биллэр, эрчиллэн этин-сиинин көрүнэр. 2018 сыллаахха Франция бэрэсидьиэ­нэ Эммануэль Макрон, платформаҕын Парижка аҕал дии сылдьыбыт эбит. Бу да сырыыга Дуров, Макрон киэһээҥҥи аһылыкка ыҥырбытын иһин кэлбитим диэбит.

Тилигириир Телеграм

Дуровы туппуттарын төрдө-төбөтө – былдьаһык­таах бытта сыата Телеграм. Күн-түүн аайы мессенджер хаҥыы, сайда турар. Арассыыйа нэһилиэнньэтин улахан аҥаа­ра Телеграмҥа олорор. Дьон аҥаардас сэлэһээри, хаартыскалары, видеолары үл­­лэстээри буолбакка, сонуннары эмиэ көрөөрү, араас ханаал­ларга суруттарар. Байыаннай эпэрээссийэттэн,  кыргыһыы хонуутуттан военкордар эмиэ онно суруйаллар. Бассаап аана “аһары аһаҕас” буолан, онно кистэлэҥ дааннайдары ыыппакка, Телеграмҥа үллэстэллэр.

Мессенджер аатырар омук платформаларын, социальнай ситимнэрин кытта тэҥҥэ күрэстэһэр буолла. Быйыл 900 мөлүйүөн киһи аан дойдуга хачайдаан туһана сылдьар диэн буолла.

Индияҕа Телеграмы 104 мөл. киһи смартфонугар туруо­руммут. Индонезияҕа – 27 мөл., Америкаҕа – 26 мөл., Бразилияҕа – 21 мөл. Үксүн нууччалыы тыллаах урукку сэбиэскэй дойдуларга хото тарҕаммыт. Билиҥҥитэ Ираҥҥа, Пакистаҥҥа, Кытайга, Саудовскай Аравияҕа Телеграм бобуулаах.

Интэриниэт “көҥүлэ”

Дуровы тутан хаайбыттарын дьон-сэргэ уруйдуу көрсүбэтэ. Илон Маск үгэргээтэ. Франция былаастара аһары айбардаатылар, киһи быраа­бын күөмчүлээтилэр, барытын хам баттаан хонтуруолга тутаары тиистилэр диэн санаа баһыйда. Биир курдук, быраа­бы араҥаччылыахтаах судаарыстыба куйаар ситимигэр бас баттах баралларын хааччахтыы сатыыр үгэстээх. Телеграмы, атын да ситимнэри туһанан күлүккэ сылдьааччы экстремистэр, террористар, педофиллар, наркомафиялар сокуону кэһэллэрэ баар суол.

Дуровы быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытта ыкса үлэлэспэт, буруйу оҥорооччулар кистэлэҥ дааннайдарын (ону билэргэ “күлүүстэри”) биэрэн испэт диэн буруйдуулллар.

2017 сыллаахха Арассыыйаҕа былаас Дуровы эмиэ “күлүүскүн” биэр диэн ыххайа сылдьыбыттааҕа үһү. Телеграмы бопсо сатаабыппыт. 2020 сыллаахха ити хааччахтары устубуттара. Бопсору тохтоппуппут. Ол аата, Павел Дуров уонна былаас биир тылга кэлбиттэр быһыы­лаах. Генеральнай борокуратуураны кытта сөбүлэһэн баран, Роскомнадзор мессенджеры бобо-хаайа сатыырын тохтотто диэн буолбута.

Телеграм хас да дойдуга этэҥҥэ үлэлии олорорунан сылыктаатахха, сокуоннары син тутуһар буолуох­таах. Телеграмнар  Дуровы хаайбыттарын истэн соһуйан эрэ хаалбыттар, отой сыыһанан аахпыттар. «Телеграм Евросойуус сокуоннарын барытын тутуһар, ол иһигэр сыыппара өҥөтүн туһунан сокуону эмиэ. Телеграмҥа баар модерация (былаһааккаҕа быраабылары тутуһуннарыы) ыстан­даартарга сөп түбэһэр уонна наар сайда турар» диэн эппиттэр. Ол аата, ирдэбил баар буоллаҕына, буруйдаахтары Телеграмнар уорганнарга ыйан биэрэр буолуохтаахтар. Собус-соруйан кистии-саба сылдьыбаттар.

“Улахан убай” кэтиир

Ис дьиҥэр, Арҕааҥҥы спецсулууспалар Дуров былаһааккатыттан «күлүүһүн» туура тутан ыла сатыыллар быһыылаах. Биир курдук, чэ буоллун, бэ­­йэлэрин, араас террористартан, экстремистэртэн көмүскэнниннэр. Ол эрэн, иккис курдук, уорганнар биһиги, Телеграм сурутааччылара, тугунан тыынан олорорбутун билээри, ким тугу кистэлэҥник сэлэһэрин кулгаах-харах сэгэтэн истээри оҥостоллор.

АХШ спецсулууспалара аныгы сыыппара технологияларын туһанан аан дойдуну барытын кэриэтэ кэ­­тии-маныы олороллор. Ол туһунан күрүөйэх АНБ ааҕына Эдвард Сноудэн аһаҕастык кэп­сээн турар. Уорганнар интэриниэт, социальнай ситимнэр нөҥүө миллиардынан киһини көрө-билэ олороллор үһү. Социальнай ситимнэри көрөргө анаан бырагыраамалаахтар. Арассыыйаҕа экстремистии диэн бобуллубут Мета* (Арассыыйаҕа экстремистии диэн бобуллубут) тойоно Марк Цукерберг «күлүүһүн» барытын номнуо биэрэн олорор быһыылаах. Кинини ол иһин тыыппаттар. Марк Сенакка, сыыспыт буоллахпына алы гыныҥ, сокуо­ну тутуһуом диэн этэн турардаах.

Гугл, Мета* (Арассыыйаҕа экстремистии диэн бобуллубут) курдук хампаанньалар спецсулууспаларга дьону кэтииргэ илии-атах буолалларын таһынан, уопсастыба санаатыгар-оноотугар дьайаллар эбит. Холобура, Цукерберг соторутааҕыта билиммитинэн, Байденнаах быһаччы кыттыһан, COVID-19 туһунан социальнай ситимҥэ тарҕанар информацияны быспыттар-соппуттар, цензуралаабыттар. Аны туран, били Байден уола Хантер сүтэрбит ноутбугуттан араас куһаҕан дьаллыга биллибитин эмиэ тохтото сатаа­быттар.

Социальнай ситим эһиги тугу урут көрбүккүтүнэн, туох интэриэстээххитинэн билэн, «ону көр, манан аралдьый» диэн контены (ис хоһоон­ноох матырыйаалы) утары уунар. Ол сылдьан, соруйан төбөҕүтүн да эргиттэхтэринэ көҥүл. Дэлэҕэ даҕаны, акыйаан уҥуор­гуттан салайыллар Фейсбук* (Арассыыйаҕа экстремистии диэн бобуллубут), Инстаграм* (Арассыыйаҕа экстремистии диэн бобуллубут) ситимнэрин дойдубутугар хааччахтыы сатыыллар.

Түмүккэ

Төһө даҕаны Макроннаах Дуровы туппуттарыгар туох да бэлиитикэ суох диэтэллэр, киэһээҥҥи аһылыкка ыҥырбатахтарын да иһин, ис дьиҥэр, төрдө-төбөтө – бэлиитикэ уонна угаайыга түбэһиннэрии курдук. Урбаанньыты хаа­йыы, сымыйанан буруйдуу сатаа­һыннара, барыта сыала биир – биллэр-көстөр улахан медиа тэҥэ буолбут, дьон-сэргэ санаатыгар сабыдыаллаах Телеграмы бэйэлэрин анныларыгар уктуу. “Күлүүстэрин” был­­дьаан, кинилэр киэннэрэ буолбатах платформаны хонтуруоллааһын, баҕардахтарын аайы көҥүл киирэн туһанааччылары “чүүччэйии».

Манна даҕатан, ааҕааччыларга туһаайан этиим: ку­­йаар ситимигэр тугу суруйбуккут, хаһан хайдах лайк туруор­буккут, кимниин этиспиккит, кими үөхпүккүт барыта суруллар. Сыыппара эйгэтин аана cабыылаах буоллаҕына, түннүгэ-үөлэһэ аһаҕас буолуохтаах. «Түүлээх уллуҥахтар» ханан баҕарар быыс-хайаҕас булан киириэхтэрин сөп. Оттон «күлүүстээх» дьон ам­­пааргытын хаһан баҕарар арыйыахтара.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: