Күммүт төһө кылгыырый?
16.12.2024, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Бу нэдиэлэҕэ саамай кылгас күннэр, саамай уһун түүннэр туруохтара. Күн муҥутаан кылгыыр кэмэ быйыл ахсынньы 21-22 күннэригэр түбэһиэҕэ. Бу кэмҥэ күн уһуна — 5 чаас 7 мүнүүтэ.
Онтон ахсынньы 23 күнүттэн күммүт биирдии-иккилии мүнүүтэнэн, сахалар этэллэринэн, «кутуйах хаамыытынан» уһаан барыаҕа. Дьэ, күммүт хайдах кылгыыр эбитий?
- Ахсынньы 16 күнэ — күн 9 чаас 42 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 53 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 11 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 17 күнэ — күн 9 чаас 43 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 53 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 10 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 18 күнэ — күн 9 чаас 44 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 53 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 9 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 19 күнэ — күн 9 чаас 45 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 53 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 8 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 20 күнэ — күн 9 чаас 45 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 54 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 8 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 21 күнэ — күн 9 чаас 46 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 54 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 7 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 22 күнэ — күн 9 чаас 46 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 54 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 7 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 23 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 55 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 8 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 24 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 56 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 8 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 25 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 56 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 8 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 26 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 57 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 9 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 27 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 58 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 11 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 28 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 2 чаас 59 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 12 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 29 күнэ — күн 9 чаас 47 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 01 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 13 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 30 күнэ — күн 9 чаас 46 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 02 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 15 мүнүүтэ.
- Ахсынньы 31 күнэ — күн 9 чаас 46 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 03 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна — 5 чаас 17 мүнүүтэ.
Онон Саҥа дьыл үүнүөр диэри күммүт 10 мүнүүтэ уһуоҕа. Билиҥҥэттэн өссө биэс күнү быһа кылгаан баран, дьэ, күммүт уһаан барар.
Быйыл хаһааҥҥытааҕар да сылаас ахсынньы ый туран, тумана суох буолан, күнү көрөр дьоллоохпут. Тохсунньуттан, төһө да тымныйдар, күн уһаабыта биллэн барыаҕа.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: