Күммүт төһө уһаата?
Быйыл ураты сылаас дьыл буолла. Саҥа дьыл саҕана уонча күн эрэ тымныйбыта. Билигин тумана суох буолан, күнү көрөр кыахтаахпыт. Онуоха күммүт уһаабыта номнуо биллэр курдук. Дьэ, төһө уһаата?
Саамай кылгас күҥҥэ — ахсынньы 21 күнүгэр күн уһуна 5 чаас 7 мүнүүтэ этэ. Билигин күн уһуна — 5 чаас 46 мүнүүтэ. Онон күммүт номнуо 39 мүнүүтэнэн уһаабыт эбит. Күн аайы 3-4-түү мүнүүтэнэн уһаан иһэр. Бастаан кутуйах хаамыытынан, онтон куобах ойуутунан күммүт уһаан, сааскыбыт чугаһаан иһиэҕэ. Тохсунньу 31 күнүгэр номнуо 2 чаас 25 мүнүүтэнэн уһуоҕа.
Кириһиэнньэҕэ диэри күммүт маннык уһуур:
Тохсунньу 8 күнүгэр — Күн 9 чаас 36 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 19 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 5 чаас 42 мүнүүтэ. 3:30 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 9 күнүгэр — Күн 9 чаас 34 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 21 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 5 чаас 46 мүнүүтэ. 3:37 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 10 күнүгэр — Күн 9 чаас 33 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 23 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 5 чаас 50 мүнүүтэ. 3:47 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 11 күнүгэр — Күн 9 чаас 31 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 26 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 5 чаас 54 мүнүүтэ. 3:55 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 12 күнүгэр — Күн 9 чаас 30 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 28 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 5 чаас 58 мүнүүтэ. 4:02 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 13 күнүгэр — Күн 9 чаас 28 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 31 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 2 мүнүүтэ. 4:10 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 14 күнүгэр — Күн 9 чаас 26 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 33 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 6 мүнүүтэ. 4:17 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 15 күнүгэр — Күн 9 чаас 24 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 36 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 11 мүнүүтэ. 4:25 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 16 күнүгэр — Күн 9 чаас 23 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 38 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 15 мүнүүтэ. 4:30 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 17 күнүгэр — Күн 9 чаас 21 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 41 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 20 мүнүүтэ. 4:36 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 18 күнүгэр — Күн 9 чаас 19 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 43 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 24 мүнүүтэ. 4:42 мүнүүтэнэн уһуур.
Тохсунньу 19 күнүгэр — Күн 9 чаас 16 мүнүүтэҕэ тахсар, 3 чаас 46 мүнүүтэҕэ киирэр. Күн уһуна 6 чаас 29 мүнүүтэ. 4:47 мүнүүтэнэн уһуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: