Бэс ыйын 19 күнүгэр Дьокуускайга “Сахамедиа” медиа-киинигэр кымыс оҥорооччулар «төгүрүк остуолга» көрүстүлэр. “Саха сиригэр кымыһы оҥорууну сайыннарыы тутаах кыһалҕалара” диэн тиэмэни биэни ыан кымыһы оҥорор үлэһиттэр, эт-үүт эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэр салайааччылара, үүт аһылыгы чинчийэр учуонайдар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар былаас бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, кымыһы оҥоруу эйгэтигэр тирээн турар боппуруостары ырыттылар.
«Төгүрүк остуол» быйылгы Туймаада ыһыаҕар 6-с төгүлүн ыытыллар кымыс оҥорон таһаарааччылар күрэхтэригэр сигэнэн ыытылынна. 2023 сыллаах күрэххэ 15 кымысчыт кыттарын биллэрбит. Быйыл кымысчыттар күрэхтэрин Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээн ыытар буолан күрэх өссө үрдүк таһымҥа таҕыста. Бу туһунан көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыыппыт Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова биллэрдэ.
Икки чаас устата барбыт мунньах олус таһаарыылаах, элбэх тыҥааһыннаах кыһалҕаны таарыйар кэпсэтии буолла. Кымыс амтана, кымыс оҥорооччулары өйөөһүн, кымыһы элбэтии, норуоту угуйуу, биир кэлим стандартка кэлии уо.д.а. тыын боппуруостар ырытылыннылар.
Биир бастакынан тыл ылбыт ЯНИИСХ сүрүн научнай чинчийээччитэ Михаил Петрович Неустроев кымыһы көөнньөрүүгэ туһаныллар аһытыыны чинчийии туһунан кэпсээтэ.
Олох соторутааҕыта эрэ чинчийиллибит, кумааҕыга киирбит кымыс аһытыыта суох этэ диэн кэпсээтэ. Элбэх сыра баранан, чинчийии ыытыллан, саха кымыһын оҥорорго кыттар микробиотаны, үүт лактобактерияларын хайдах булбуттарын, Москваҕа тиийэн научнай лабораторияларга бигэргэтэн, анал испииһэккэ киллэрэн “Якутская кымысная” диэн ааттаах аһытыыны сэртипикээттээбиттэрин кэпсээтэ. Бу аһытыыны улуустарга номнуо туттан эрэллэр эбит. Түмүккэ Михаил Петрович Саха сиригэр 21 сыл анараа өттүгэр ылыллыбыт “Кымыс оҥоруутун туһунан” диэн сокуон баарын туһунан санатта. Бу сокуон төһө үлэлиирин, олоххо туттулларын дьокутааттар билсэллэригэр ыҥырда.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артем Александрович Александров сылгы иитиитин, сылгы үөрүн элбэтии өттүгэр үлэ балаһыанньатын сырдатта. Сылгы иитиитин сайдыытыгар сылга 500 мөлүйүөн солкуобай курдук үп көрүллэрин эттэ. Саха сирэ сылгы ахсаанынан Арассыыйаҕа бастакы миэстэҕэ турарын санатта. “Оннооҕор Башкортостан тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Ильшат Ильдусович “хайдах итиччэ тымныы дойдуга оннук элбэх сылгы баар буолуой” диэн итэҕэйбэт, ону “кэл, көрдөрүөхпүт” диэн ыҥырабыт”, — диэн кэпсээтэ министиэристибэ бэрэстэбиитэлэ. Үбүлээһин араас ымпыгын-чымыгын, туох уларыйыы бу сылларга барбытын, ханнык хайысхаҕа сайдыы барыахтааҕын туһунан чахчылары кытта үллэһиннэ.
Хаҥалас улууһуттан кэлбит «Улахан Алаас» хаһаайыстыба баһылыга Марк Прокопьевич Лиханов биэни ыаһын сүрүн кыһалҕаларын туһунан кэпсээтэ. “Кымыһынан, этэргэ дылы, олох “фанат” киһи эрэ дьарыктанар кыахтаах. Холобур, мин түүн үскэ туран сылгыларбар барабын уонна киэһэ алтаҕа, аҕыска дьиэбэр төннөбүн. Күҥҥэ сэттэтэ-аҕыста ыыбын, онтон кымыһы көөнньөрүөххэ наада, кутуохха наада, үлэтэ элбэх”. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр туһулаан сылгы иитиигэ туттуллар “конебаза” өйдөбүлүн тутула биэ ыырынан дьарыктанар хаһаайыстыбаларга сөп түбэспэтин туһунан эттэ. Холобур, кымыһы оҥорууга дэриэбинэттэн чугас буолар ирдэнэр эбит, “сүүрбэччэ килэмиэтир тэйиччи” диэн критерийгэ биһиги хайдах да хапсыбаппыт”, — диэн санаатын үллэһиннэ. “Уопсайынан, кымыс оҥоруутун сайдыыта биир таһымҥа тахсан баран тохтоон хаалаары гынна”, — диир Марк Прокопьевич. “Туох эрэ эрчимнээх хамсаныы оҥоһуллуон наада”, — диир кини. Артем Александрович “конебаза” федеральнай сокуонунан бигэргэммит өйдөбүл буолан уларытар уустугун эттэ. “Ол эрэн, биэни дьиэттэн сылдьан ыыр эрэ кыалларын өйдүүбүт, бу кыһалҕаны министиэристибэ таһымыгар быһаарар туһугар үлэ бара турар”, — диэн харда бэлиэтээһини оҥордо.
Нам Ааппаанытыттан кэлбит «Кымысчыт» баһылыга Екатерина Ивановна Стручкова ыанар биэни элбэтэр суолталаах диэн эттэ:
— Сахалар биир бырааһынньыктаахпыт, ыһыах диэн ааттаах, бу “ыһар” диэн тылтан тахсар. Тугу ыһабытый? Ууну-хаары буолбатах, кымыһынан ыһан Айыылары уруйдуубут. Бу күннэргэ миигин алгысчыттар сүгүн хаамтарбаттар – биэ кымыһыттан оҥоһуллубут үчүгэй кымыһы ирдииллэр. Кымыһы, Айыы аһын кыһыннары араас алгыска туһаналлар, саха омук бу итэҕэли олус дириҥник ылынар. Бэйэм илэ көрбүппүн этэбин, иринньэх оҕолор бэрт кыра кэмҥэ кымыһы иһэн баран тупсаллар, үтүөрэн хаалаллар. Онон оскуолаҕа, эмтиир тэрилтэлэргэ кымыһы ситими быспакка хааччыйар улахан туһалаах буолуо этэ.
«Төгүрүк остуолга» үөһэ этиллибиттэртэн таһынан өссө хас даҕаны киһи тыл эттэ, бары олус суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох этиилэри киллэрдилэр. Кымыс биир стандартын булуу, суортарга араарыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ кымыһы иһии үгэһин сөргүтүү, биэ үүтүн дотациялааһын ымпыга-чымпыга, аһыытын быһаарыы, илиинэн оҥорууттан үрдэтэн бырамыысыланнас таһымыгар таһаарыы, кымыс күрэҕэр өйдөнөр сыаналааһыҥҥа олоҕурар төрүт, тутуһар уопсай бэлиэ ылыныы уо.д.а. тутаах кыһалҕалар ырытылыннылар. Бу тэрээһини туораттан кэтээн көрдөххө, кымыһы көөнньөрүү, кымыһы иһии сайдыытыгар улахан хамсааһыннар тахсыахтарын сөп курдук көстөр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…