Кымыс куонкуруһугар 11 хаһаайыстыба кыттар

Share

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Туймаада Ыһыаҕар «Кымыс — айыы аһа» куонкурус-бэстибээлгэ биэ үүтүттэн оҥоһуллар саха төрүт утаҕын сыаналаата.

Бу бэстибээл 2016 сылтан ыытыллар. Маннык куонкурустар көмөлөрүнэн кымыһы оҥоруу үгэстэрин сүтэрбэккэ илдьэ сылдьабыт. Ол түмүгэр технология тупсар. Биллэрин курдук, Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар сылгы ахсаанынан инники күөҥҥэ иһэр. 2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ сылгытын 14 % тиксэр»,— диэтэ Айсен Николаев.

Хаҥалас улууһун Улахан Аан сэл. «Бөртө» сылгы собуотун дириэктэрэ Александр Павлов кымыһы иһиини куруук тэнитиэххэ диэн этэр. Александр Васильевич бэлиэтииринэн, кыттааччы элбээн иһэр.
Быйыл куонкуруска Хаҥалас, Нам, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Горнай, Уус Алдан, Горнай оройуоннарыттан уонна Дьокуускайтан 11 хаһаайыстыба кытынна. Үгэс курдук «Кымыһы оҥоруу төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьыы», » Быыстапка миэстэтин киэргэтии», «Оҥорон таһаарыыны көрдөрүү»номинациялар олохтонуохтара.

Быйыл өссө «Кымысчыттар династиялара», «Кымыһы оҥоруу кээмэйинэн лиидэр» номинациялар баар буоллулар.

Горнай улууһун Бэс Күөлүттэн Валерий Иванович Федоров дьиэ кэргэнин ырысыабынан кымыс оҥорор. Кини аҕата Иван Петрович Федоров 50 тахса сыл кымыс оҥорор. Былырыын Федоров хаһаайыстыбата куонкуруска аан бастаан кыттаат, үһүс миэстэни ылбыта.
Уус Алдан улууһун Бээрийэ сэл. «Турантаева М.П» бааһынай хаһаайыстыбата куонкурска тохсус төгүлүн кыттар. Былырыын бастыҥ оҥорон таһаарааччы презентациятыгар бастаабыта.

Бүгүҥҥү куонкурус кыайыылаахтарын бириистэр күүтэллэр. Бастакы миэстэҕэ 300 тыһ.солк. бэриллиэҕэ, иккискэ — 250 тыһыынча солк., үһүскэ — 200 тыһ.солк.

Куонурус-бэстибээли тэрийээччи «Туймаада» агрохолдинг парады, кымыһы амсайыыны, бириистээх викторинаны тэрийдэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрһспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

10 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago