«Күн дэлэйэ» Саҥа дьыллааҕы биэриитигэр Өймөкөөн сылгыһыта Дугуйдан сөбүлүүр астарын билиһиннэрдэ
Бүгүн «Саха» НКИХ көрөөччү олус сэргээн, сөбүлээн көрөр «Күн дэлэйэ» научнай-сырдатар бырайыагын ааптардара Саҥа дьылы көрсө, Тымныы полюһа — Өймөкөөн экстремал-айанньыта Дугуйдан Винокуров сөбүлүүр аһын туһунан биэриини уһулла.
Мин болдьоммут чааска Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл саха балаҕаныгар тиийдим. Продюсер Дарья Ермолаева, режиссёр Лариса Амбросьева, оператордар Дмитрий Сергучёв уонна Евгений Рязанскай бэйэлэрин тустаах үлэлэрин толорон, түбүгүрэ сылдьалларыгар түбэстим.
«Күн дэлэйэ» биэрии — тэлэбиидэнньэ уопуттаах суруналыыһа Екатерина Эверстова-Көтүү ааптарыскай биэриитэ. Кини саха киһитэ төрүт аһыттан тэйиэ суохтаах, өбүгэ саҕаттан кэлбит үгэһин тутуһуохтаах диэн санааттан бу биэриини оҥорорго санаммыт.
— Билигин 44-с биэриибин ыытаары олорон, биэриим тиэмэтигэр, ис хоһоонугар сөпкө да таба тайаммыт эбиппин дии санаатым. Хас биирдии биэриим миэхэ төрөппүт оҕом кэриэтэ. Наһаа интэриэһинэй дьону кытта көрсөн, бэрт элбэҕи билэн, дьон махталын истэн, киһи өссө кыраттан үгүһү айыан баҕарар. Маныаха миигин кытта бииргэ үлэлэһэр продюсерым Дарья Ермолаева, режиссер Лариса Амбросьева, оператордарым олус улахан өйөбүл буолаллар. Биһиги бары ис дууһабытын биэрэн үлэлиир буолан, хас биирдии биэриибит дьон болҕомтотун тардар дии саныыбын«, — диэн кэпсиир Көтүү.
Дугуйдан бэрт элбэх интервьютун ааҕан, истэн, көрөн баран, Көтүү өрүү айанньыт «саамай сөбүлүүр аһым — улахан сылгы этэ уонна дьарҕаа балык» диирин бэлиэтии истэн, Саҥа дьыллааҕы сылы түмүктүүр биэриини Дугуйдан саамай сөбүлүүр астарыгар анаата.
Биэрии ахсынньы 25 күнүгэр Саҥа дьылы кэтэһэр аптаах күннэр саҕана эпииргэ тахсыаҕа. Биэриигэ эксперт быһыытынан Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ Егор Борисов кыттыыны ылла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: