Күн-дьыл билгэтэ: Саха сиригэр күнүс +15°С диэри сылыйыа
Нэдиэлэ бастакы күнүгэр Саха сиригэр синоптиктар тугу билгэлииллэр?
Саха сиригэр киин оройуоннарга, хотугулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин, Өлүөнэ өрүс аллараа устун сөҥүүтэ суох. Хотугулуу-илин уонна Индигиир устун кыралаан инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа кыратык, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Сунтаарга ардах, сорох сиринэн күүстээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Мииринэй, Сунтаар улуустарыгар арҕааттан сөкүүндэҕэ 9-14 м/с, Ленскэй улууһугар сөкүүндэҕэ 15-17 м/с түргэннээх тыалырыа.
Салгын температурата түүн -4,+1°С, соҕуруулуу- арҕаа +4+9°С, хотугулуу- арҕаа -4-9°С, күнүс +10+15°С, хоту, хотугулуу-арҕаа +2+7°С кыраадыска тиийэр.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, түүн арҕааттан, күнүс илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыалырыа. Салгын температурата түүн -2,-4°С, күнүс +11+13°С кыраадыска тиийэ сылыйыа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: